Бу ааһан эрэр сыл саҕаланыыта сорук бөҕөтө туруоруммутуҥ дии: ЕГЭ-бэр билиҥҥиттэн бэлэмнэниэм, үөрэхпэр кыһаллыам, сыл устата 30 кинигэни ааҕыам, күн аайы спорт саалаҕа баран эрчиллиэм, сүүрүөм диэн… Онтукаҥ туолла дуо? Тылга эрэ хаалла дуу, баҕа санаа курдук? Тоҕо кыаллыбата, соруккун ситиһэр? Онно туох харгыс баарый? Билбэккин?
Дьэ, оччоҕо сынньана таарыйа бу тургутук ыйытыыларыгар хоруйдаа. Төһө дьулуурдаах, санааҕын ситиһэр киһи эбиккин бэрэбиэркэлэн, түмүктэ оҥоһун.
***
- «Через тернии к звездам» диэн этии мантан ханнык түгэҥҥэ ордук барсарый?
а) Түүҥҥү халлааны көрө туран, туохтан эрэ иҥнэн, хатыылаах окко сууллан түһүү — 1.
б) Терний диэн киһи көмөтүнэн куйаарга көтөн тахсыы — 2.
в) Туох баар сүгүрүйээччилэри барыларын үтүрүйэн, эстрада сулуһугар чугаһаан тиийии — 3.
- Эн санааҕар, Нобель бириэмийэтин лауреата буолар туһуттан…
а) наука эйгэтигэр ситиһиилээх буолуохтааххын — 3.
б) Нобель аймахтарын кытта доҕордоһуохтааххын —2.
в) Тоҕо ыйытаҕын? Мин син биир хаһан оннук наҕараадаҕа тиксибэтим чуолкай — 1.
- Оонньоон аата, эйигин автораллига кытыннарар буолбуттар. Оттон
эн массыынаны үчүгэйдик ыыппат эбиккин. Хайыыгын?
а) Кыттыам этэ. Ол хайаан да кыайыахтаахпын диэн буолбатах буоллаҕа дии. Кылаабынайа, күрэхтэһэн, дуоһуйууну ылыы — 2.
б) Оо, үөрүүнү кытта сөбүлэһэбин уонна дьаныардаахтык дьарыктанабын. Дьол хараҕа суох, баҕар, мин бастаан хаалыам дии — 3.
в) Оттон таксига олорсон, түмүктүүр биэтэккэ тиийэр көҥүллэнэр дуо? — 1.
- Бу мантан ханнык этии эйиэхэ ордук сөп түбэһэрий?
а) «Не везет в картах, повезет в любви» — 1.
б) «Бороться и искать, найти и не сдаваться» — 3.
в) «Делай с нами, делай, как мы, делай лучше нас» — 2.
- Үөскээбит кыһалҕаны хайдах быһаараҕын?
а) Сорунуулаахтык. Дьаныһан, өсөһөн, хасыһан туран —3.
б) Хаһан бүтэ, быһаарылла охсорун эрэ күүтэбин — 1.
в) Куотунабын. Айа, бэйэлэрэ быһаардыннар — 2.
Баалларгын аах:
13—15: Эн олоххо тосхолуҥ бу курдук эбит: күрэхтэһэр буоллахха — кыайардыы, талар буоллахха — бастыҥы! Туруоруммут соруккун тиһэҕэр тиэрдэн баран тэйэр киһигин. Маладьыас, олоххор элбэх ситиһиилээх буолуоҥ. Ол гынан баран, наһаа барыта санаа хоту сатанааччыта суох ээ. Биирдэ эмэ табыллымыан эмиэ сөп. Оччоҕо наһаа хомойбот буол. Аҥаар уһугуттан биир уһугар сылдьыы — эн майгыгар баар өрүт. Ол сыыһа. Хаһан баҕарар ортотун көрөр ордук. Ардыгар хотторууну да билэр эмиэ туһалаах.
8—12: Дьиҥэр, эн дьулуурдаах киһигин. Ол эрээри, соруккун ситиһэргэ соччо таласпаккын. Атыттарга найыланарга, сэлээннэнэргэ үөрэммиккин. Онтукаҕын көннөр. Бэйэҥ кыаххынан, күүскүнэн ситиһэргэ, сүрэхтээх, үлэһит, дьаныардаах буоларга үөрэн. Оччоҕо талааныҥ да арыллыа, дьоҕуруҥ да сайдыа.
5-7: Эн: «Ону мин сатаабаппын, кыайыам суоҕа. Ээ, суох, билбэппин, кэбис», — диир идэлээххин. Дьэ, ити куһаҕан кэмэлдьи. Бэйэҕэр эрэллээх эрэ буоллаххына, бу олоххо тус суолгун булуоҥ, тахсыылаах, ситиһиилээх киһи буолуоҥ. Ол инниттэн бэйэҥ иннигэр сорукта туруорунарга үөрэн уонна ону ситиһэргэ дьулус. Холобур, билигин бэйэҕэр маннык диэн эт: «Бу тиэмэни ааҕабын уонна сарсын уруокка көхтөөхтүк кыттабын». Көрөөр эрэ, табыллыаҕа, толкуйдаабытыҥ туолуоҕа. Туох барыта итинник кыраттан саҕаланар ээ. Куттана, салла, толло сырыттаххына, ханна да ыраатыаҥ суоҕа, самнан хаалыаҥ.