Кыыс Амма туонатыгар Олоҥхо Ыһыаҕын ыһар ытык күммүтүгэр сахалыы оҥоһуулаах ох саа куонкурус-быыстапката буолла.
Ох саа классическай уонна сахалыы төрүт (традиционнай) диэн көрүҥнэргэ арахсар. Былыргы сахалар оноҕоһунан, оҕунан ытарга аналлаах сааны сэриигэ уонна булка туттуллара. Оттон билигин спорт күрэҕэр туттуллаллар. Саха уустара ох сааны оҥорор дьарыктара өбүгэттэн өбүгэҕэ бэриллэн кэлбит.
Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан ох саа уустара өбүгэ ситимин салҕаан, бүгүҥҥү Олоҥхо ыһыаҕар бэйэлэрин дьарыктарын дьоҥҥо-сэргэҕэ билсиһиннэрэ, көрдөрө күөн көрсө муһуннулар.
Ох саа киһи төһө күүстээх да, соччонон кытаанах гыналлар эбит. Күүстээх охтон ытар киһини «Күүстээх эрбэхтээх» дииллэр эбит.
Күрэх үс түһүмэхтээх:
1 — саха төрүт ох саатын тас көстүүтэ;
2 — оҥорбут охторунан 25 миэтэрэҕэ сыал ыталлар;
3 — ырааҕы ытыы.
Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр критерйдэригэр киирэр: хайаан даҕаны үс хос мастан оҥоһуллубут, иҥиирдэммит, туостаах уонна 1,80 ох саа буолуохтаах.
Былырыыҥҥы рекорд Өймөкөөҥҥө буолбут, барыта — 209 миэтэрэ.
Саха төрүт оҕун киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, кини тутулун дьоҥҥо көрдөрүү, бу саха уустара маннык оҥороллор диэн дьоҥҥо өйдөбүлү биэрии уонна бу төрүт култуурабыт ох саанан ытыы хапсаҕай, мас тардыһыы төрүт көрүҥнэрбитин кытта ох саа тэҥҥэ сайдыахтаах эбит диэн өйдөөтүбүт.
Валерия Романова, Алена Прокопьева, IX кылаас, С.Н. Михайлов
аатынан Чыамайыкы орто оскуолата