Хадаарга сааскы куйуур итинник тылларынан саҕаланна.
Саас балык “дөйөр”. Салгын тиийбэккэ “утуйар”. Ол бириэмэҕэ былыргы сахалар куйуурунан дьаҕыраллара. Аныгы сахалар билигин даҕаны өбүгэ үгэһин илдьэ сылдьабыт. Куйуурдуубут.
Хадаар нэһилиэгин эр донноро быйыл Үрүҥ Күөл илин баһын диэки быһыт таһынан балыктаах сири таба тайанан куйуурдууллар. Нэһилиэк бэйэтэ эрэ буолбакка, манна атын нэһилиэктэн, улуус кииниттэн элбэх киһи кэлэр.
Эбэбит кими да матарбат. Кэлбит дьону Күөх Боллох Тойон «өттүк харалаан, илии тутуурдаан» ыытар. Сорох сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл балык кэлиитэ үчүгэй.
Кыһын балык хамсыыр. Ол иһин куйуурдаабаттар. Саас балык “утуйар”, тохтуур. Ол кэмҥэ куйуурдаан ылаллар.
Бастаан ойбон тэһэллэр. Түгэх өттүн киэҥ гына аллараллар. Онтон мууһун сүүрдэн ыраастыыллар. Ойбон үрдүгэр түөрэй маһы уураллар уонна куйууру ойбоҥҥо угаллар. Куйуур маҥкытын эргитэллэр.
10-ча мүнүүтэ эргитэ-эргитэ таһааран сүөкүүллэр.
Соҕотох да киһи куйуурдуон сөп. Ол туһунан саха литературатыгар П.А. Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” диэн айымньытын ааҕан билэбит.
Хадаар куйуурун туһунан кылгас видео https://vk.com/clip-199463452_456241199?c=1
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VIl кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Михаил Лукачевскай видеота
Таҥан оҥордо Ванесса Чувашова, VIII кылаас