Юнкор дневнигиттэн бэлиэтээһиннэр
Кулун тутар 13 күнэ. Хайахсыт. Нэһилиэкпитигэр аан бастаан улуустааҕы бадминтон күрэҕэ буолан ааста. Кыттааччылар 15 нэһилиэктэн кэлбиттэр. Соҕотохтуу, иккилии уонна хамаанданан оонньууга күрэхтэстилэр. Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгиттэн икки хамаанда уопут атастаһа кэлбит. Бадминтон уонна саха дэриэбинэтэ… сонуннук, уратытык иһиллэр. Азия дойдуларыгар ордук киэҥник тарҕаммыт көрүҥ буолан, хаан тардыыта биһиэхэ да баар быһыылаах. Уруулуу омуктарбыт сөбүлээн оонньуур бадминтоннарын саха оҕолоро кыайа тутар кыахтаах эбиппит дии санаатым.
Хайахсыкка буолбут күрэх кулун тутарга ыытылыахтаах күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии быһыытынан барда. Күрэхтэһээччилэр улахан уонна кыра оскуолаларга арахсан, оскуола, нэһилиэк спорт саалаларыгар оонньоотулар.
Ол күн миигин судьуйа буоларга анаабыттара. Улахан эппиэтинэс. Бадминтон быраабылатын чопчу билиэхтээххин. Бу кэм устата бэлэмнэнэн, сыралаһан кэлбит спортсменнары сөпкө сыаналыахтааххын. Нэһилиэк саалатыгар улахан оскуолалар күрэхтэһиилэрин судьуйалаатым, очколарын аахтым. Оҕолор бэркэ да оонньууллар эбит. Сөхтүм. Тааттаттан сылдьар VIII кылаас үөрэнээччитэ Вика Самсонова биир оонньуутугар утарсааччытын 11:0 очконан кыайда. Улаханнык соһуйдум. “Кылбар кыайыы” диэн манныгы этэллэр эбит!
Судьуйа үлэтэ сылаалаах. Бастаан ыарырҕаппытым. Ол гынан баран, күрэхтэһээччилэр бэркэ дьарыктаммыт, бу көрүҥү билэр буоланнар, оонньуу түргэн баҕайытык, чэпчэкитик ааста.
Судьуйа үлэтэ биири да сыыспакка, бэйэҥ иннигэр, күрэхтэһээччилэр иннилэригэр чиэһинэй буолууну күүскэ ирдиир. Онон өй-санаа өттүнэн ноҕуруускалаах үлэ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы