Сурук-бичик күнүгэр аналлаах “Ийэ тыл” тэрээһинэ алгыстан саҕаламмыта. Лицей оҕолоро хоһоон аахтылар, саарыннар суруйан хаалларбыт бэргэн этиилэрин эйэҕэстик эттилэр. Эбиэттэн киэһэ “Саха саарыннара эркээйи охсубут суолларынан 21-с үйэҕэ айан” биир кэлим сайдар суолу тобуллубут. “Оттоку олук алгыһынан” иҥэринэн, киһи киһитэ буол! диэн айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй 1912 сыллаахха 35 сааһыгар Тааттаҕа олорон суруйбутугар орто дойду олоҕун укулаатын уйгутун түстүүр “Кэскил” хаһыакка тахсыбыт алгыстарын ааҕаммыт улуус оскуолаларыгар түҥэттибит.
Олунньу 13 күнүгэр Ытык Күөллээҕи Норуот Айымньытын ДьиэтигэрТаатта лицейин бөлөҕө “Норуоккар суон дурда, халыҥ хахха буол” бырайыакпытын көмүскээтибит. Тыла суох, омук суоҕун кэриэтэ хас биирдии норуот бэйэтин төрөөбүт тылын, төрүт култууратын илдьэ сылдьан, үөрэтэн, сайыннаран, сүтэрбэккэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиэхтээх. Бу өбүгэлэрбититтэн хаалбыт киэн туттуубут, уратыбыт буолар. Ийэ тылын кэрэхсиир, норуотун үтүө үгэстэрин билэргэ талаһар оҕо сайаҕас өйдөөх-санаалаах буола улаатар. Иккиһинэн, сиэри-туому билэн-көрөн тутуһуохтаах. Оччоҕуна сахалыы өйү-санааны иҥэринэҕин. Үсүһүнэн, Авксентий Мординов этиитигэр олоҕуран,
“Кэскиллээх норуот кэрэхсэбиллээх дьонун кэриэстиир”. Төрдүгүн, уускун билбэккэ эрэ инники айанныыргар уустуктардаах. Бу үс кэрчиккэ тирэҕирэн, олунньу 13 күнүттэн 19 күнүгэр диэри оҕо куйаар ситимигэр сыһыарыыга уһуйаан саастаах кырачааннар сахалыы ааҕалларын, саҥаралларын угуохтаахтар. Видеоконтеҥҥа аналлаах күрэстэри ыытыы. Араадьыйанан сахалыы саҥа ситимэ быстыбакка иһиллиэхтээх. Бу барыта оскуола иһинэн кыаллар суол.
Н.Д.Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатын “Аргыс” оҕо түмсүүтн сэттис кылааһын үөрэнээччилэрэ бу тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ тута биллэр. “Доҕор, атас буол!” диэн бырайыактарыгар бэйэлэрин баҕа санааларын кэпсээтилэр. Үгүс интэриэһинэйи үөрэтэн, билэн улааттахпытына, толору ситиһиилээх дьон буолалларын өйдөөтүлэр. Бу ыытыллыбыт тэрээһинтэн Хара-Алдан оскуолатын бырайыагын сэргии истибиттэр.
Г.В.Егоров аатынан Хара Алдан оскуолата “Таатталар ааҕабыт” бырайыактарыгар улуус сахалыы кинигэлэри испииһэктээн ыыппытын, кылаастарынан үллэрэн сахалыы ааҕалларын ситиспиттэр. Эрдэттэн төрөппүттэрин кытта ааҕанкэлэн, ырыттылар. Быһа тардан ааҕан доргуттулар, кэпсээн тэниттилэр.
Бары биир санаанан үлэлээн, маннык тэрээһини ыыттахпытына элбэх доҕор, атас баар буоларыгар алгыс күүстээх тирэхтээх. Ийэ тылбыт сайыннын, төрөөбүт төрүт дорҕооммут үйэлэргэ ньиргийдин!
Сахаяна Кузьмина, Лиана Дьяконова 10 кылаас үөрэнээччилэрэ.