Бүгүн Россиятааҕы Устудьуоннар күннэригэр мин эбэбиттэн Александра Спиридоновна Прокопьеваттан устудьуоннаабыт сылларын туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.
Эбэм Александра Прокопьевна маннык диэн кэпсээтэ:
— Исидор Бараахап аатынан орто оскуоланы 1971 с. бүтэрбитим. Онтон 3 сылынан Тамалакаан нэһилиэгэр фермаҕа доярканан үлэлээбитим. «Школа-производство-вуз» диэн девиһынан комсомол путевкатынан тахсыбытым. 1974 с. Благовещенскай пединститутка физмат факультетка киирбитим. Онтон 1979 с. үөрэхпин бүтэрэн математик идэтин ылан Үөһээ Бүлүү Ороһу оскуолатыгар үлэлии кэлбитим.
Устудьуоннаабыт сылларым олоҕум биир кэрэ кэмнэрэ буолбуттара. Элбэх саха үөрэммитэ. Мин үөрэммит группабар 3 саха этибит. Уопсайга олорбуппут, хоспутугар 6 саха кыыһа олорбуппут. Олус иллээх этибит. Общественнай үлэҕэ кыахпытынан кыттарбыт, үөрэхпитигэр кыһаллан үөрэнэрбит, субуотаҕа театрдарга сылдьарбыт, сыл аайы саас сахалар мустан Зея өрүс кытыытыгар Ыһыах тэрийэн оонньоон-көрүлээн көрсөөччүбүт. Бииргэ устудьуоннаабыт кыргыттарбын кытта билигин да билсэбин.
Ванесса Прокопьева, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.
1