Тохсунньу 25 күнүгэр Россияҕа Устудьуоннар күннэрэ бэлиэтэнэр. Оттон үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар устудьуон табаарыстарбыт олохторун туһунан кинилэр кырачаан бырааттара, балыстара туох санаалаахтарын билээри маннык ыйытыктары биэрдибит.
- Эн санааҕар университекка туохха үөрэтэллэрий?
- Устудьуон диэн кимий?
- Оскуола үөрэнээччитититтэн студент туох уратылааҕый?
- Стипендия диэн тугуй?
- Эн улааттаххына устудьуон буолуоҥ дуо? Ханна үөрэниэххиний?
- Үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга тугу баҕарыаҥ этэй?
Онон Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5-6 кылааһын үөрэнээччилэрин хоруйдарын билсиҥ:
Сааскылаана Бубякина 5 кылаас:
- Мин санаабар, университекка бэйэҥ талбыт идэҕин үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн оскуоланы бүтэрбит үөрэххэ үөрэнэр оҕо.
- Оскуола үөрэнээччитэ оскуолаҕа 11 сыл үөрэнэр, оттон студент 2-3, эбэтэр 5 сыл үөрэнэр. Уопсайга олорор.
- Стипендия диэн государство студеҥҥа төлүүр харчыта.
- Мин улааттахпына устудьуон буолуом. Дьокуускайга ХИФУ инженер-строительга үөрэниэм.
- Устудьуоннарга үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарабын, үөрэхтэрин бүтэрэн идэлэринэн үлэлээтиннэр, үчүгэй дьон буоллуннар.
Аполлон Винокуров 5 кылаас:
- Мин санаабар, университекка үрдүк үөрэҕи үөрэтэллэр, онно ыарахан задаачалары суоттууллар.
- Устудьуон диэн БКЭ туттаран, оскуоланы бүтэрэн, үөрэнэ барбыт киһи.
- Оскуолаҕа ааҕаллар. Суоттуулар, оттон устудьуоннар идэҕэ үөрэнэллэр.
- Стипендия диэн университеты бүтэрдэххинэ биэрэр харчылара.
- Устудьуоннуом. Повар идэтигэр үөрэниэм.
- Үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарабын.
Эмилия Заболоцкая 5 кылаас:
- Университекка талбыт үөрэххэр үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн оскуоланы бүтэрбит, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар киһи.
- Оскуола үөрэнээччитэ диэн төрөппүттэрин кытта олорон үөрэнэр оҕо, кини төрөппүттэригэр ииттэрэн олорор, оттон устудьуон диэн бэйэтин бэйэтэ бас билинэр эдэр киһи.
- Стипендия диэн үчүгэйдик, туйгуннук үөрэнэххинэ бэриллэр харчы.
- Мин улааттахпына устудьуон буолуом. Ырыаһыт идэтигэр үөрэниэм.
- Устудьуоннарга туйгун үөрэҕи уонна дьолу-соргуну баҕарабын.
Айнура Захарова 5 кылаас:
- Университекка араас идэҕэ үөрэтэллэр. Ол талбыт идэҕин хайдах сатыырга.
- Устудьуон диэн орто оскуоланы бүтэрэн баран, атын үөрэххэ киирбит оҕо.
- Үөрэнээччи орто оскуолаҕа үөрэнэр, оттон устудьуон университекка, эбэтэр колледжка үөрэнэр.
- Стипендия диэн үчүгэйдик үөрэннэххинэ биэрэр харчылара.
- Мин студент буолуоҕум. Ас астааччы идэтигэр үөрэниэм этэ.
- Устудьуоннар үчүгэйдик үөрэнэн стипендия лаах буоллуннар.
Арсен Пономарев 5 кылаас:
- Университекка талбыт идэни үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн аттестаты ылан, үөрэххэ киирбит киһи.
- Оскуола үөрэнээччитэ уопсайга олорбот, стипендия ылбат, дьиэтигэр төрөппүттэрин кытта олорор. Оттон устудьуон 2-5 сыл үөрэнэр, уопсайга олорор.
- Стипендияны государство биэрэр.
- Устудьуоннуом. Полиция идэтигэр үөрэниэм.
- Устудьуоннарга үрдүк ситиһиини баҕарыам этэ.
Люба Еремеева 6 кылаас:
- Мин санаабар, университекка элбэх идэҕэ үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн 11-с кылааһы бүтэрэн, БКЭ туттаран, аттестаты ылан улахан куораттарга үөрэнэр киһи.
- Устудьуон идэҕэ үөрэнэр, оттон үөрэнээччи ааҕарга-суоттуурга.
- Стипендия диэн харчы.
- Мин улааттахпына, устудьуон буолуом, быраас идэтигэр үөрэниэм.
- Устудьуоннар үөрэхтэрин үчүгэйдик бүтэрдиннэр.
Арылхан Винокуров 6 кылаас:
- Университекка үлэҕэ киирэргэ, харчыны сатаан туһанарга үөрэтэллэрэ буолуо.
- Устудьуон диэн БКЭ туттаран, аттестаты ылан үөрэххэ киирбит киһи.
- Оскуола үөрэнээччитэ үлэ хайдаҕын уонна харчыны хайдах туһанары билбэт, оттон устудьуон үлэни-хамнаһы билэр.
- Мин санаабар, стипендия диэн үчүгэй үөрэхтээхтэргэ бэриллэр.
- Мин баҕар студент буолуом. Улаатан истэхпинэ, санааларым баҕар уларыйыахтара. Студент буоллахпына, харчыны сатанан туһанарга үөрэниэм этэ.
- Устудьуоннарга үчүгэй санаалары, үрдүк ситиһиилэри, экзаменнарын ситиһиилээхтик туттаралларын баҕарабын. Кэлэн иһэр устудьуоннар күннэринэн эҕэрдэлиибин.
Элеонора Сухомясова 6 кылаас:
- Мин санаабар, университекка быраабылалары үөрэтэллэр.
- Оскуолатын бүтэрэн, үөрэххэ туттарсыбыт киһи устудьуон аатын ылар.
- Оскуолаҕа араас предметтэри үөрэтэллэр, оттон устудьуоннар талан ылбыт эрэ идэлэригэр үөрэнэллэр.
- Стипендия диэн устудьуоннуу сырыттаххына биэрэр харчылара.
- Устудьуон буолан быраас идэтигэр үөрэниэм этэ.
- Үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга кытаанах доруобуйаны баҕарыам этэ.
Эрхан Созонов 6 кылаас:
- Университекка үрдүк үөрэххэ үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн оскуоланы бүтэрэн аттестат ылан үөрэххэ киирбит киһи.
- Үөрэнээччи оскуолаҕа үөрэнэр, оттон студент талбыт идэтигэр.
- Стпипендия диэн төһө үчүгэйдик үөрэммиккиттэн тутулуктаах харчы.
- Мин улааттахпына электрик идэтигэр үөрэниэм.
- Үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга элбэх харчыны, үчүгэй үөрэҕи, бигэ доруобуйаны баҕарыам этэ.
Изольда Слепцова 6 кылаас:
- Университекка элбэх билиини биэрэллэр, үлэҕэ киирэргэр наадалаахха үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн оскуолатын бүтэрбит, аттестаты ылан талбыт үөрэҕэр үөрэнэр киһи.
- Оскуолаҕа өйү сайыннараллар. Оттон устудьуоннуурга идэҕэ үөрэтэллэр.
- Устудьуоннуурга бэриллэр харчы.
- Мин устудьоуннаатахпына үөрэхпэр кыһаллыам.
- Үөрэхтэрин кичэйдиннэр, үчүгэй үлэлээх буоллуннар.
Мирослав Винокуров 6 кылаас:
- Университекка устудьуоннары бэйэлэрэ талан ылбыт идэлэригэр үөрэтэллэрэ буолуо.
- Устудьуон диэн оскуоланы бүтэрэн, аттестаты ылан үөрэххэ баран үөрэнэр киһи.
- Оскуола үөрэнээччитэ оскуолаҕа үөрэнэр, оттон устудьуон университекка, эбэтэр колледжка үөрэнэр.
- Стипендияны үчүгэй үөрэхтээх устудьуоҥҥа биэрэллэр.
- Улааттахпына устудьуон буолуом. МЧС үөрэҕэр туттарсыам.
- Дьолу, үчүгэй үөрэҕи баҕарыам этэ.
Денис Винокуров 6 кылаас:
- Университекка высшай математиканы үөрэтэллэр.
- Устудьуон диэн аттестаттаах, удостоверениялаах, страховкалаах киһи.
- Үөрэнээччи уонна устудьуон саастарынан араастаахтар.
- Стипендия диэн университекка экзаменнаргын үчүгэйдик туттардаххына биэрэллэр.
- Улааттахпына устудьуон буолан, программист идэтигэр үөрэниэм.
- Устудьуоннарга миигиннээҕэр өйдөөх уонна күүстээх буолалларыгар баҕарабын.
Игнат Винокуров 6 кылаас:
- Мин санаабар, университекка оҕолору араас идэҕэ хайдах үлэлииргэ үөрэтэллэрэ буолуо.
- Устудьуон диэн оскуоланы бүтэрэн, аттестат ылан, үөрэнэ сылдьар киһи.
- Устудьуон диэн университекка, эбэтэр колледжка үөрэнэр эдэр киһи, оттон үөрэнээччи оскуола оҕото.
- Стипендия диэн үөрэххин үчүгэйдик туттардаххына биэрэллэр.
- Улааттахпына устудьуон буолуом. Программист идэтигэр үөрэниэм.
- Доруобуйаны, дьолу-соргуну, үчүгэй үөрэҕи баҕарабын.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.