Оҕолорбут баһаар умуруоруутугар сылдьалларын биһиги эмиэ сырдатыах тустаахпыт. Куттал бу тирээн кэллэҕинэ, уол оҕо аҕатыгар, убайдарыгар күүс-көмө буола тахсара биллэр. Ол туһунан биһиэхэ «Айыы Кыһата» гимназия 11-б кылааһын үөрэнээччитэ Тимофей Сметанин суруйар:
— Биһиги Горнай улууһун Кырамда нэһилиэгин таһыгар сылгы иитэр хаһаайыстыбалаахпыт. Тыа баһаара онно учаастакка баар дьиэбитигэр тиийэрэ 2,5 км эрэ хаалбыт этэ. Мин, миигиттэн биир сыл кыра быраатым уонна аҕам буолан онно тиийбиппит. Эһээбит биһигини онно күүппүтэ. Бастаан ыарахан этэ, биһиги бырааппын кытары уулаах рюкзактары кэтэн, уоту онон ыспыппыт, аҕам уонна эһээм күрдьэҕинэн сири хаспыттара. Уот намтаан турар кэмигэр түүннэри үлэлээбиппит. Хата, этэҥҥэ барытын умуруорбуппут.
Эдэр уолаттар доруобуйалара үчүгэй буоллаҕына, баһаар умулларыытыгар сылдьыахтарын сөп дии саныыбын, эдэр киһи хаһан баҕарар тулуурдаах уонна түргэн туттунуулаах буолар.
Билигин баһаар умуруоруутугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо тулууру, күүстээх санааны эрэ баҕарабын!