Саха сирин 9 орто үөрэхтээһин кыһалара Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук (бу иһигэр Амурскай уобалас, Бурятия, Еврейскай автономнай уокурук, Забайкальскай, Приморскай, Хабаровскай, Камчатскай кыраайдар, Саха сирэ, Магаданскай уонна Сахалинскай уобаластар, Чукотскай автономнай уокурук киирэллэр) бастыҥ оскуолаларын ахсааннарыгар киирдилэр. Бастыҥ оскуолалар рейтиннэрин RAEX аналитика саайта таһаарда. Манна оскуоланы бүтэрээччилэр үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр киириилэрэ учуоттанна.
20 бастыҥ оскуолалар ахсааннарыгар бастакы миэстэҕэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт (РЛИ) киирдэ. Биһиги дириэктэр Иван Иванович Шамаевы кытары кэпсэттибит:
— Бу RAEX диэн хампаанньа рейтинэ киириэҕиттэн, биһиги лиссиэйбит Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы миэстэҕэ сылдьабыт, маны таһынан дойдубут 100 бастыҥ оскуолаларын, 200 бастыҥ оскуолаларын кэккэлэригэр балайда үөһэ сылдьабыт. Бу биллэн турар учууталлар улахан, сыралаах үлэлэрин түмүгэр кэлэр. Онон биһиги бу ситиһиибитин учууталлар үлэлэрин ситиһиитин курдук сыаналыыбыт.
Биһиги оскуолабытыгар саха тылын үөрэтии кыра да кылаастарга (5-9 дылы) уонна үрдүкү 10-11 кылаастарга баар. Оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан билэр буоллаҕына, кини көҥүллүк толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр уонна өрүүтүн кэтээн көрөрбүтүнэн, Арассыыйа олимпиадатыгар, норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаларга даҕаны уонна бастыҥ үөрэх тэрилтэлэригэр даҕаны киирии түмүгүнэн, сахалыы иитиилээх, үөрэтиилээх оҕолор өрүүтүн инники буолаллар. Ону биһиги өйдөөн көрбүппүт ыраатта, онон оҕо бэйэтин омугун сүтэрбэккэ, тылын-өһүн билиитэ, култуураттан тэйбэккэ сылдьара — бу киниэхэ бары өттүттэн сүрдээх туһалаах дии саныыбыт.
Оҕо төрөөбүт тылын билиэхтээх диэн өйдөбүллээхпит. Онон итини үөрэнээччи бэйэтэ, төрөппүттэр, учууталлар өйдүүллэрэ наада. Уонна оҕо үлэлии үөрэниэҕин наада, үөрэх эмиэ бэйэтэ үлэ, ол иһин хара үлэҕэ сыстаҕас, отчут, масчыт майгылаах оҕо хаһан баҕарар үөрэххэ кыайыылаах буолар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт сылын аайы оройуон оскуолаларын бастыҥ оҕолорун сүүмэрдээн ылан, инникитин идэни сөпкө талалларыгар быыстала суох үлэни ыытар. Хас биирдии лиссиэйи бүтэрбит үөрэнээччи олоҕун суолун сөпкө таларыгар олук уурбут үөрэҕин кыһатыгар махтала муҥура суох. Биир оннук үөрэнээччинэн Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгиттэн төрдүлээх, ХИНТуоКИ 4 куурсун устудьуона Анита Романова буолар. Кинини кытары сибээскэ тахса сырыттыбыт, кыыс улгумнук лиссиэйин туһунан ахтан-санаан ааһарга сөбүлэстэ:
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй туһунан мин куруук истэрим, билэр да оҕолорум онно үөрэнэллэрэ. Арай 2016 сыл күһүнүгэр учууталым «Дьоҕур» кыһыҥҥы оскуола буоларын эппитэ уонна баран үөрэнэн кэлэриҥ дуу диэн этии киллэрбитэ. Мин ол кэмҥэ ОГЭ туттараары сылдьар буолан, тута сөбүлэспитим. Чиэһинэ эттэххэ, туттарсыы буоларын олох билбэт, истибэт этим. Онон РЛИ-га киирбитим бэйэбэр да соһуччу бэлиэ түгэн этэ…
«Дьоҕур» оскуола кэмнэрэ мин сүрэхпэр куруук сылааһынан эрэ илгийэллэр, төһөлөөх элбэх доҕордоммуппун, билии иҥэриммиппин, уопутурбуппун, умнуллубат күннэр ааспыттарын билигҥҥэ диэри ахта саныыбын. Ол курдук, кыһыҥҥы оскуола түмүгүнэн мин гум хайысхатыгар туттарсан киирбитим – олохпор саамай сөп быһаарыныы дии саныыбын.
Лиссиэйгэ үөрэммит сылларым, быһыыта, олоҕум саамай чаҕылхай уонна умнуллубат кэмнэрэ. Үөрэх чааһыттан саҕалаан ыытыллар тэрээһиннэргэ тиийэ барыта, мин санаабар, уһулуччу этэ. Хас биирдии уруок интэриэһинэй, бастыҥ учууталлар, истиҥ доҕордоһуу эйгэтэ, умнуллубат биэчэрдэр, элэккэй уонна олус эйэҕэс үлэһиттэр, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан мустубут ураты талааннаах оҕолор – барыта мин лиссиэйбэр баара.
Уһулуччу талааннаах учууталларга үөрэммиппиттэн олоҕум тухары махтана, ахта-саныы сылдьарым чуолкай. Ол курдук, Олесова Саргылаана Гаврильевна, Холмогорова Зоя Петровна, Гаврильева Надежда Ильинична, Шамаев Иван Иванович, Сорова Ирина Николаевна, Илларионов Василий Васильевич, Сивцева Диана Алексеевна уо.д.а курдук чаҕылхай учууталлар миигин үөрэтэн-такайан таһаарбыттарыгар. Кинилэр чиҥ билиини иҥэрэн, инники идэбин таларбар олук уурбут, төрөөбүт тылбар тапталы күүһүрдүбүт күндү дьон буолаллар. 2018 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн, билигин саха филологиятыгар 4 кууруска туйгуннук үөрэнэбин. Сахабыт тыла сайдарын, кэскиллээх буоларын туһугар кылааппытын киллэрэбит, үлэлиибит, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга кыһаллабыт.
Ону таһынан, лиссиэйим миэхэ үөрэх эрэ өттүгэр буолбакка, киһи буолан сайдан тахсарбар, күүстээх, инникигэ сыаллаах-соруктаах, тулуурдаах, кыһамньылаах, эппиэтинэстээх буоларбар сүдү кылааты уурбута. Сайдыыга эрэллээхтик хаамарга үөрэммитим, дьону кытта алтыһарга, төрөөбүт дьиэбиттэн тэйэн бэйэм бэйэбэр сылдьарга. Уопсайынан, билигин бу олорор кыыс маннык буолан тахсарыгар, биллэн турар, оскуолам оруола эмиэ улахан. Ол аата олоҕум сөпкө устар, суола көнө.
Лиссиэйгэ үөрэммит сылларбын куруук күндүтүк саныыбын, учууталларбын ахтабын, көрсөн ыллахпына тута лиссиэй сыллара күлүмнүүллэр, оччоҕо долгуйан, уйадыйан да ылабын. Төһөлөөх кэрэ кэмнэр ааспыттарын доҕотторбун кытта билиҥҥэ диэри ахтабыт, саныы таарыйа хаартыскалары ырытаһабыт. Кырдьык, лиссиэйгэ киирбит түгэним – олоҕум саамай сөптөөх суола. Ол түгэни саныы-саныы махтал тыллара кынаттанан тахсаллар. Махтал учууталларбар, кылааһым салайааччытыгар, бииргэ үөрэммит, алтыспыт доҕотторбор!
Кэпсэтиигэ Анита ийэтэ Мария Романова кыттыһар:
— Оҕом лиссиэйгэ үөрэммит сыллара олоҕор биир саамай умнуллубат сыллара, онно үөрэммит оҕолорун кытта билигин кинилэр саамай билсэр чугас доҕордуулар. Араас тэрээһин бөҕө буолар этэ, онно үөрэнэн бэлбэх билиини ылбыта, ол билигин да үөрэҕэр туһалыы сылдьар. Үөрэнэр сылбытыгар ватсапка төрөппүт бөлөхтөөх этибит, онно куратордара туох буоларын, ханна кыттыыны ылбыттарын, күннээҕини барытын биллэрэ турара. Төрөппүт быһыытынан оҕо сайдарыгар, бэйэтин суолун, инники үөрэҕин буларыгар лиссиэй оруола улахан диэн сыаналыыбын. Биир бэйэм кыыспын онно үөрэтэ ыыппыппын күн бүгүнүгэр диэри кэмсиммэппин уонна дьылҕабар махтанабын.
Оҕо айар талаана, толкуйдуур дьоҕура, сиэрэ-майгыта үөрэнэр оскуолатын кытары ыкса сибээстээх. «Оҕоҕо оскуола — иккис дьиэтэ, учуутала — иккис ийэтэ» диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо? Оҕо сахалыы толкуйдаах, сахалыы өйдөөх-санаалаах, ис култууралаах иитиллэн, тимир курдук уһаарыллан, киһи килбиэнэ буолан ситэн-хотон тахсарыгар манна биһиги өрөспүүбүлүкэбит лиссиэй-интэринээтэ быһаччы улахан таһаарыылаах үлэни ыыта олорор. Билигин олох уларыйар, тас эйгэ улахан сабыдыаллаах кэмигэр сахалыы иитиилээх, сахалыы эйгэлээх, ийэ тыллаах оҕону иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарыы — бу лиссиэй бастыҥ соруга буолар. Саха сахатынан кэрэ!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.
1
Дьэ, бэрт!