Биһиги Улахан Ааммытыгар Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх хаар уонна муус оҥоһуктарынан дьарыктанар ювелир-худуоһунньук Валерий Стручков сыл аайы араас хаар оҥоһуктары оҥорор.
Кини кыра эрдэҕиттэн аҕатын кытта бииргэ сылдьан, хаар уонна муус оҥоһуктары оҥорсон саҕалаабыт. Сыл аайы кини араас оҥоһуктарын нэһилиэк дьоно кэрэхсии көрөбүт.
Быйылгы сылга бэйэлэрин тиэргэннэригэр дьэрэкээн көстүүлээх куобахтары оҥордулар. Талааннаах худуоһунньук санаатын бу курдук үллэһиннэ.
— Дорооболоруҥ! Бэйэҕит тускутунан кэпсиэххит дуо?
— Үтүө күнүнэн! Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн төрүттээхпин. Билигин Саха Академическай тыйаатырыгар худуоһунньук-декораторынан үлэлиибин. Бу сырыыга хаар оҥоһуктары кэргэммин Алена Абрамованы кытта оҥордубут, сылын аайы тиэмэтин уларыта сылдьабыт.
— Эн хаһааҥҥыттан бу хаар уонна муус оҥоһуктары оҥоруунан дьарыктанаҕыный?
— Хаарынан оҥорууга кыра эрдэхпинэ аҕам такайан үөрэппитэ, онтон ыла дьарыгырабын. Онтон мууһунан куоракка үөрэнэ сылдьан, муус оҥоһук күрэҕэ буолар диэн эппиттэригэр, онно эрдэттэн холонуохпун наһаа баҕарар буоламмын, доҕор булан, бииргэ үлэлээн кэлбиппит номнуо 6 сыл буолла.
— Төһө өр бу хаар оҥоһуктаргын оҥорбуккунуй?
— Ити оҥоһуктары маҥнай дьааһык оҥостон, хаар кутан, үчүгэйдик тэпсэн, олох кытаанах буолуор диэри туруоран (онно бэйэтэ туспа технологиялаах), ол кэннэ ити 3-4 күн оҥорбуппут.
— Бу хаар оҥоһуктары оҥоруу эйиэхэ туох суолталааҕый?
— Бэйэм сөбүлүүр дьарыгым, ол иһин сыллата оҥоробун.
— Ханнык күрэхтэһиилэргэ кыттыбыккыный?
— Сылын аайы араас күрэхтэһиилэргэ кыттабыт, ол курдук норуоттар икки ардыларынааҕы, Россиятааҕы, республика уонна улуус күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхпит. Бу иннинэ араас персонажтары, артыыстары, композициялары оҥорбуппут, кэлэр сылга эмиэ сүдү улахан оҥоһук оҥороору бэлэмнэнэбит.
— Улахан Ааҥҥа бу оҥорбут куобахтаргытын дьон көрдүлэр дуо?
— Аара баран иһэр дьон көрөөччүлэр, ардыгар тиэргэҥҥэ киирэн көрөллөр. Ордук социальнай ситим нөҥүө таһаарбыппыт.
— Куобах сылыттан тугу күүтэҕиний?
— Куобах сылыттан элбэх ситиһиини уонна тулалыыр дьонум доруобай эрэ буоллуннар диэн баҕарабын.
— Кэпсээниҥ иһин махтал, эйиэхэ ситиһиилэри баҕарабыт!
— Махтал.
Аман Еремеев,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ.