Күндү Дед Мороз, биһиги таптыыр Тымныы Оҕонньорбут!
Биһиги, бары оҕолор ааттарыттан, эйигин төрөөбүт күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн биһиэхэ куруук үөрүүнү, аптаах остуоруйаны уонна кэрэ бэлэхтэри аҕаларгыттан наһаа үөрэбит.
Баҕарабыт эйиэхэ кытаанах доруобуйаны, хаһан да ыалдьыбакка сылдьаргар, күүһү-уоҕу уонна үгүс үөрүүнү.
Биһиги эйигин олус күүтэбит уонна ахтабыт! Төрөөбүт күҥҥүнэн!
Кэскил14.ру
