Сэтинньи 17 күнүгэр Нөмүгү «Түһүлгэ» култуура киинигэр «Алампалыын алтыһан…» саха бастакы композитора Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 130 сылыгар уонна саха суруйааччыта А. И. Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах литературнай-музыкальнай киэһэ буолан ааста.

Анемподист Иванович Софронов – Алампа саха литературатын төрүттээбит классик суруйааччылартан биирдэстэрэ. Саха драматургиятын, лирическэй поэзияны төрүттээбитэ, сахалыы бастакы кэпсээннэри суруйбута, бастакы тылбаасчыт, литературнай критик этэ. Адам Скрябин – сахалартан бастакы профессиональнай композитор, фольклорист уонна хормейстер.
Бу икки саха норуотун чулуу уолаттара ырааҕынан билсэр атас-доҕор эрэ дьон буолбатах этилэр, кинилэр сүүрбэттэн тахса сыл доҕордоһуулара муҥура суох дириҥ, ис сүрэхтэн истиҥ уонна айымньылаах, таһаарыылаах этэ. Кинилэр айар сойуустара саха култууратыгар бөдөҥ нэһилиэстибэни хаалларбыта.
Анемподист Иванович Софронов – Алампа саха норуотун историятыгар уһулуччу суолталаах киһи буолар. Ол курдук, кини революция инниттэн саҕалаан, саха уус-уран литературатын үс көрүҥүн поэзияны, драманы, прозаны төрүттэспитэ, бастакы литературнай критик, тылбаасчыт этэ. Ону таһынан кини 1920-с сылларга, Саха сиригэр культурнай революция кэмигэр, уопсастыбаннай-культурнай деятель быһыытынан биллибитэ. Саха национальнай театрын төрүттээбит бастакы дириэктэр, сцена искусствотын теоретига, бастакы культурнай-сырдатар, научнай-чинчийэр уопсастыбалары тэрийсибит салайааччы этэ. 1921 сыллаахха «Манчаары» бастакы сахалыы хаһыаты, 1926 сыллаахха «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттэспитэ. Кини айар-сырдатар күүрээннээх үлэтэ бүтүннүү саха омук сайдыытыгар туһаайыллыбыта.
Тэрээһин саҕаланыытыгар көрөөччүлэр документальнай киинэ кэннэ Спартак Петрович Федотов аатын сүгэр Нөмүгү народнай театрын иһинэн үлэлиир ,,Мин тыйаатырым” оҕо куруһуогун иитиллээччилэрэ «Алампалыын алтыһан…» литературнай-музыкальнай дьүһүйүүнү сэҥээрэн көрдүлэр.

Бүгүҥҥү киэһэ ытыктабыллаах ыалдьытынан буолла СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, филологическай наука доктора, доцент Валентина Григорьевна Семенова. Кини отучча сыл тухары суруйааччы олоҕун, айымньыларын дьаныһан, сыралаһан туран чинчийбит. Онон норуот тапталлаах суруйааччытын Алампаны үйэтитиигэ тугунан да кэмнэммэт улахан кылаатын киллэрбит учуонай буолар.
Литературнай-музыкальнай киэһэбит музыката суох ааспата диэххэ наада. Ол курдук, олус кэрэ, интэриэһинэй музыкальнай номердар көһүннүлэр. Светлана Николаевна Парникова салайааччылаах Покровскай куорат хора, Сергей Зверев аатынан национальнай театр оркестрын артыыһа Дьулустан Никифоров салалталаах Адам Скрябин аатынан оҕо искусствотын оскуолатын «Кыл-Кынат» кырыымпаһыттарын ансаамбыла «Үрүҥ туллук мөлбөстүүр» ыраас таптал гимнин тыаһаттылар, Е. И. Баишев салайааччылаах А. В. Скрябин аатынан оҕо искусствотын оскуолатын инструментальнай ансаамбыла, скрипка уйаҕас музыкатынан Милена Олесова кыттыыны ыллылар. Ону таһынан Нь.Н. Титова салалтатынан Ой орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Алампа хоһооннорунан эҕэрдэлээтилэр.


«Алампа уонна Адам Скрябин национальнай култуура сайдыытыгар, музыкальнай искусство төрүттэниитигэр олук уурсубут дьон буолаллар. Алампа күнэ-ыйа литератураттан тахсар буоллаҕына, Адам үҥэр таҥарата – музыка, ырыа-тойук этэ. Кинилэр айымньылара быстыбат ситиминэн силбэһэн, кинилэр ааттарын үйэлэргэ холбообута. Кинилэр олохторо бүтүннүүтэ төрөөбүт норуоттарыгар анаммыта.
«Үтүө дьон аата умнуллубатын, үйэ саас кэрэхсэнэ турдун!» — маннык тылларынан бүгүҥҥү литературнай-музыкальнай киэһэ түмүктэннэ.
Алина Никифорова,
«Этиҥ» медиа киин,
Ой орто оскуола, Хаҥалас
