«Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыылара 2005 сыллаахха төрөөбүт дойдута, норуота сайдарын туһугар олоҕун анаабыт ытык дьоҥҥо сүгүрүйүү тыынын иҥэрэр сыалтан тэриллибитэ. Бу киэн тэрээһиннээх хамсааһыҥҥа 18 сыл устата оскуолаларынан, улуустарынан ыытылынна уонна бастыҥнар оҕо сынньанар уонна доруобуйаны чэбдигирдэр «Бэс чагда» кииҥҥэ мусталлар. Быйыл Татта, Чурапчы, Нам, Уус Алдан 55 уоланнара күрэх түмүктүүр түһүмэҕэр кэлэн, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар илин-кэлин түһүстүлэр.
Быйылгы уоланнар ааҕыылара Арассыыйаҕа Педагог уонна Уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылларыгар аналлаах. Уоланнар ааҕыыларыгар икки төгүллээх кылаан кыайыылаах хаһаайына «Чаҕылыс» бөлөх быйылгы ааҕыыларга ыытааччылар буоллулар. Оттон быйылгы кылаан кыайыылаах аатынан Уус Алдан улууһун И.И. Гоголев – Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын «Уолан» бөлөх наҕараадаланна. Маны тэҥэ С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын үөрэнээччитигэр Андрей Степановка «Өрөгөй» анал аат иҥэрилиннэ, «Бэс чагда» киин аатыттан Ил Дархан Харыйатыгар ыҥырыы сурук туттарылынна.
Күрэх түмүктүүр түһүмэҕин дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр: Акулина Кузьмина, Арассыыйа Президенин «Арассыыйа чулуу учуутала» Гран кыайыылааҕа, Тамара Ивановна Петрова аатынан СӨ Президенин Гранын лауреата, «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыыларын ааптара, Мария Муксунова, РФ иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «СӨ педагогтар династиялара», «Бүлүү оскуолатын бочуоттаах педагога», «Хотой» үрүҥ көмус бэлиэлэр хаһаайына, Елизавета Сивцева, Бүтүн Союзтааҕы «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын региональнай сэбиэт Дьокуускайдааҕы салаатын чилиэнэ, Артем Васильев, «Оҕо саас навигатордара» региональнай ресурснай киин сүрүн экспертэ, Алексей Борисов, «Түмэн» ыччат түмсүүтүн чилиэнэ, ХИФУ саха салаатын устудьуона, Петр Домотов, «Түмэн» ыччат түмсүүтүн чилиэнэ, Щепкин аатынан үрдүкү тыйаатыр училищетын выпускнига, Саха тыйаатырын артыыһа. Сыралаах күрэхтэһии кэнниттэн кыайыылаахтар ааттара билиннэ.
XVIII ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ «КӨТҮӨХХЭ ҮРДҮККЭ ХОТОЙДУУ» УОЛАННАР ААҔЫЫЛАРА
№ | Оскуолата, улууһа | Бөлөх аата | Дьүһүйүү | Салайааччылар | Наҕараада |
1 | Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолата | Эр хоһууннар | «Аҕыс кырыылаах саха саарына Былатыан Ойуунускай» | Клара Борисовна Ксенофонтова, Владислав Германович Иванов | «Бастыҥ видеомонтаж» анал аат, III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
2 | С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, Чурапчы улууһа | Умсулҕан | «Таптыыбын төрөөбүт дойдубун» | Фекла Николаевна Болдовская | II СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
3 | В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ, Нам улууһа | Добун дорҕоон | «Мин дойдум – Сахам сирэ» | Надежда Константиновна Местникова, Василий Николаевич Сивцев | III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
4 | И.И. Гоголев – Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолата, Уус Алдан улууһа | Уолан | «Бэйэҕит георическай кэмҥитигэр достойнай буолуҥ» | Анна Николаевна Федорова, Вера Петровна Мухина, Анисия Степанова Гаврильева, Евдокия Герасимовна Фомина | «КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ», «Куйаар ситим» анал аат |
5 | С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, Чурапчы улууһа | Өркөн | «Тыл – омук күүһэ» | Фекла Николаевна Болдовская | II СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
6 | А.И. Софоронов – Алампа аатынан Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта улууһа | Дьулуур | «Көҥүл, дьол, норуот иһин» | Саргылана Григорьевна Васильева, Влада Семеновна Потапова | I СТЕПЕННЭЭХ ЛАУРЕАТ |
7 | Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа | Төлөй уоланнара | «Алаастан – дабааннаах аартыкка» (Егор Афанасьевич Борисов олоҕор, үлэтигэр сыһыаннаах дьүһүйүү) | Елена Егоровна Попова, Варвара Николаевна Абрамова | III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
8 | Н.С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи орто үөрэхтээһин оскуолата, Бүлүү улууһа | Уолан | Мария Касьяновна Муксунова, Мария Степановна Алексеева | «Дойдунаат» анал аат | |
9 | Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай лоимпийскай эрэл интернат-оскуолата | Хотой | Акулина Николаевна Кузьмина | «Бастыҥ тэтим» анал аат |
Дария Игнатьева, Оҕо сынньанар уонна доруобуйатын чэбдигирдэр «Бэс чагда» киин лааҕырын салайааччыта, смена үрдүк көрдөрүүлээх «Ракета» этэрээти наҕараадалаата, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда уонна эҕэрдэ тылын эттэ:
— Биһиги кииммитигэр уоланнар ааҕыыларын бастыҥнарыгар анаан үһүс төгүлүн смена ыытыллар. Чаҕылхайтан чаҕылхай уоланнар кэлэн, сынньанан, доруобуйаларын чэбдигирдэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, алтыһан бараллар. Бу да сырыыга биһиги сменабыт олус көхтөөхтүк ааста. Ол курдук, элбэх маастар-кылаастар, араас көрсүһүүлэр, дьарыктар тэрилиннилэр. Уонна, кырдьык, бу уоланнары киһи долгуйа көрөр-истэр. Бэйэлэрин төрөөбүт төрүт тылларын үрдүктүк тута сылдьан, сайыннаран, иҥэрэн, сахалыы ыраастык саҥаран, туойан илдьэ сылдьаллара сүрдээх кэрэхсэбиллээх. Өссө даҕаны бэйэҕит төрөөбүт төрүт тылгытын, талааҥҥытын сайыннара туруҥ, хаһан даҕаны умнубакка, бэйэҕитин кытта илдьэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Уонна бу бырайыак ааптарыгар Акулина Николаевна Кузьминаҕа, бары уһуйааччыларга, оҕолорго биһиги кииммит кэлэктиибин үлэһиттэрин, диэриэктэрин Яна Николаевна Иванова ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Надежда Неймохова, «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕолор уонна ыччат уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһыннарын Саха Сиринээҕи салаатын испэссэлииһэ:
— Уоланнары дьарыктыыр, бэлэмниир, төрөөбүт тылбытын сайыннарар үлэни ыытар учууталларга махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт. Акулина Николаевна саха тылын сайыннарар бырайыагын холобур оҥостон, бу курдук элбэх бырайыагы, хамсааһыны тэрийиэхтээхпит. Уоланнар, олоххут тухары төрөөбүт тылгытыгар тапталгытын илдьэ сылдьан, оҕолоргутун, сиэннэргитин үөрэтэргитигэр баҕарабын.
Алексей Борисов, «Түмэн» ыччат түмсүүтүн чилиэнэ, ХИФУ саха салаатын устудьуона:
— Бүгүн олус сэргэх күрэх буолан ааста. Биһиги дьүүллүүр сүбэҕэ үөрэн-көтөн, сөҕөн-махтайан улахан дуоһуйууну ылан турабыт. Буоларын курдук, бөлөҕүнэн ааҕыыга хамаанда үлэтэ диэн өйдөбүл баар буолуохтаах. «Бары биир киһи туһугар уонна биир киһи барыбыт туһугар» диэн кыра эрдэхпититтэн истэн улааппыт этиибит бириинсибэ баһыйар миэстэни ылыахтаах. Кыттааччы хамаанданы таҥнарыан сөп эбэтэр охтон-көхтөн эрэр хамаандатын өрө көтөҕөн инники күөҥҥэ таһаарыан сөп. Онон, кыттааччылар бары сыалларын-соруктарын чиэстээхтик толордулар дии саныыбын.
Күрэх туһунан салгыы видеороликка көрүҥ:
Снежана ВОРОНОВА.
Аэлита МИР түһэриитэ, устуута, таҥыыта.