Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн санаалар
Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Кэскил” юнкордара сырдатыы үлэтигэр сырыттыбыт.
Миигин дйодубуттан Эмистэн Күннүк Уурастыырап Саппыйатын алааһыгар көрсөн ылбыттара. Чурапчыттан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан Олоҥхо ыһыаҕын сырдата айаннаан иһэр юнкор оҕолору “Көлүкэчээн” эбээлэр ансаамбыллара наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ.
Ветеран учууталбыт Алексей Ильич Гаврильев Эмис нэһилиэгин, Саппыйа уратыларын, кинилэр хас биирдии киһи олоҕор бэлиэ миэстэни ылар суолталаахтарын туһунан кэпсээбитэ. Олоҥхо дьиэтигэр Октябрина Гаврильева-Мыычаар мас оҥоһуктар туһунан кэпсээбитэ.
Юнкор оҕолор бары бииргэ Аммаҕа Оҕо искусствотын дьиэтигэр түһэ сырыттыбыт. Олоҥхо ыһыаҕа биһиэхэ умнуллубат түгэннэрдээх буолла. Ол курдук Ил Дархаммытын А.С. Николаевы, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта С.В. Местниковы, Үөрэх миниистирэ Н.А. Соколованы, улууспыт баһылыга С.Н. Кузьмины кытта кэпсэттибит. Улахан салайааччы дьоммут төһө да барыта бириэмэнэн сырытталлар биһигини кытта болҕомтолоохтук кэпсэттилэр.
Куратордарбытын кытта олус тапсан үлэлээтибит. Кинилэр үс күн устата биһигини кытта барытыгар тэҥҥэ сырыттылар. Сүбэ-ама бөҕөтүн биэрдилэр.
Ыһыахха дьон наһаа элбэх. Интервью ылан баран ону суруйарга саҥалара кыра баҕайытык иһиллэр буоллаҕына, суруйарга наһаа үлэлээх буолар эбит. Мин ити өттүгэр ыарырҕаттым.
Ыһыах аһыллыытыгар миэстэ олох суох этэ. Элбэх киһи туран эрэ көрдө. Кинилэр ортолоругар аҕам саастаах дьон бааллар.
Биһиги олус үчүгэйдик сырыттыбыт. Олоҥхо туһунан элбэҕи биллибит. Арахсарбытыгар барыбытыгар ыарахан этэ. Оннук үчүгэйдик сылдьыбыппыт биһиги, юнкор оҕолор.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма