Оҕо саас уйата — оҕо уһуйаана буолар. Манна оҕо биир саастыылаахтарын, улахан дьону кытары алтыһан сайдар, оонньуур, үөрэр-көтөр! Оҕо уһуйаанын тулалыыр, күүлэйдиир, сынньанар сирдэрэ, кыра киһичээн кэрэҕэ тардыһарыгар, сайдыытыгар дириҥ суолталаахтар! Уһуйаан тас көстүүтэ бу кини дьэҥкир сиэркилэтэ буолар! Оҕо уһуйаана дьону ыҥырар, угуйар, абылыыр көстүүлээх буолуохтаах!
Биһиги оҕобут уһуйаана 1979 сыллаахха тутуллубута.Ол кэмтэн бэлиэр 45 сыл ааһа оҕуста! Оҕолор күүлэйдиир, сынньанар сирдэрэ эргэрэн, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттээбэт хобдох көрүҥнэрэ киһини сонньутар….. Ардахтан, хаартан эмсэҕэлээн дэлби тэстэн, истиэнэлэрин сиигирдэн, сытытан көстүүтэ сылын аайы мөлтөөн иһэр……Сыл аайы өрөмүөннүүбүт да, көдьүүһэ суоҕун кэриэтэ…..
Оҕобут уһуйаанын аныгылыы тыыннаары, сэргэх, аныгы тэрээһэлэри, оонньуур сирдэри оҥоттороору Дьокуускай куорат 84 №-дээх «Искорка» оҕо уһуйаана олохтоох көҕүлээһиннэр программаларыгар кыттыһан «Кэлэр кэм үйэтин кыһата» бырайыакка дьулуурдаахтык кыттан эрэбит!Төрөөбүт куораппыт тупсаҕай көрүҥүн киэргэтэр, оҕо сынньанар аныгылыы оҥоһуллубут тэрээһэлэр киһи хараҕын үөрдүөхтэрэ диэн ис сүрэхпититтэн баҕарабыт!
Бу бырайыакпыт кыайдаҕына Дьокуускайдааҕы 84 нүөмэрдээх ‘Искорка» оҕо уһуйааныгар өрөспүүбүлүкэ бүджүөтүттэн үбүлээһин көрүллүөхтээх!
Күндү Сахам сирин дьоно — сэргэтэ! Кэлэр ыччаппыт инникитин туһугар көхтөөхтүк кыттан, ыйытыктарга эппиэттээн, куоластыаххыт диэн ис сүрэхтэн эрэнэбит!
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!