Саха сирин саамай уһук хоту сытар Анаабыр долган-эбэҥки национальнай оройуонугар хаһыаты, сурунаалы сэргиир олус сэргэх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах оҕолор олороллор.
Кинилэр бары учууталларын, төрөппүттэрин кытта ахсынньы 12-16 күннэригэр Анаабыр улууһугар ыытыллыбыт «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын күннэригэр көхтөөхтүк кытыннылар.
«Тугутчаан» – бастакы нүөмэрдээх оҕо саада
«Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалын эрэдээксийэтэ бастаан Сааскылаахха 1 №-дээх «Тугутчаан» оҕо саадыгар ылдьыттаата. Манна 100-тэн тахса оҕо сылдьар. Оҕо саадын саҥа дьиэтэ сып-сырдык, кип-киэҥ, ып-ыраас, барыта уурбут-туппут курдук орун оннугар. Дьиэ сибэккитин арааһа бу хоту сиргэ баар эбит!
Сэбиэдиссэй Зинаида Николаевна Спиридонова саҥа сиргэ сырыттар эрэ булан ылара – дьиэтээҕи сибэкки. «Манна аҕалыахпын эрэ наада, салгыы кыргыттарым бүөбэйдээн көрөллөр, үүннэрэллэр», – диир.
«Тугутчааҥҥа» оҕо тутан-хабан чинчийэн көрөн сайдар кыаҕар улахан болҕомтолорун уураллар. Умсугутуулаах наука киинигэр кырачааннар үөрэ-көтө кэлэллэр. Саахымат хонуутугар оонньууллар, бэйэлэрэ толкуйдаан мультик айаллар, ураһаҕа олорон кубиктарынан оонньууллар, ахсааны үөрэтэллэр, саҥарар глобус көмөтүнэн аан дойдуну арыйаллар.
Россия норуоттарын куукулара – «Тугучаан» оҕо саадын иитэр үлэтин биир сүрүн хайысхата. Кыракый хосторугар олохтообут музейдарыгар оҕолор сөбүлээн сылдьаллар. «Саамай үчүгэй хос манна баар», – диэн оҕолор бэйэлэрэ сыана быһан этэллэрэ музей суолталааҕын, наадалааҕын бэлиэтиир. Национальнай таҥастаах араас омук куукулалара, долган, эбэҥки оһуордарынан тиһиллибит илиинэн оҥоһуктар, дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэр оҕону өй-санаа өттүнэн байыталлар, тулалыыр эйгэни ылынар кыахтарын үксэтэллэр.
«Тугутчааннар» Красноярскай кыраай долганнарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. «Ордук долган омук остуоруйаларын, дорҕоон буукубаларын алпаабытын оҕолорбутугар сөптөөхтүк үөрэтэрбитигэр көмөлөһөр матырыйааллары түмтүбүт» – диэн кэпсиир сэбиэдиссэй Зинаида Николаевна Спиридонова.
Сааскылаах «Чуораанчыга»
Сааскылаахха эмиэ биһиги сурунаалбыт курдук ааттаах «Чуораанчык» диэн оҕо саада баар эбит. Манна 80-ча оҕо сылдьар. Кинилэр эбэҥки тылын, култууратын иҥэринэн улаатталлар. Оҕолор күннээҕи таҥнар таҥастарыгар уолаттар эбэҥкилии оһуордаах хаалтыстары, кыргыттар бантиктары иилинэ сылдьаллар. Оҕо тулалыыр эйгэтиттэн норуот тыынын, тылын-өһүн иҥэрэр усулуобуйатын тэрийэллэр.
100 бырыһыан сурутуулаах кылаас
Сааскылаахха икки оскуола баар – гимназия уонна орто оскуола. Алын кылаас үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүгэ хоту сир оҕолоро төрөөбүт Анаабырдарын, Сааскылаахтарын туһунан сирэйдиин-харахтын сырдаан олорон кэпсииллэр. Үүнэргэ-сайдарга баҕалар олус улахан. «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалларын туһунан бэркэ сэргээн иһиттилэр. Сааскылаах орто оскуолатын учуутала Ирина Ануфриевна Филиппова кылааһынан сүүс бырыһыан «Колокольчикка» суруйтаран, сурунаалы кытта ситимнээх үлэ холобурун көрдөрдө.
Күнэ суох 77 хонук
Анаабырга полярнай түүн 77 хонук салҕанар. Түүнэ, күнүһэ биллибэт наар биир тэҥ хараҥа. Былыта суох күҥҥэ, халлаан ханан эмит өндөйөн, бэрт кылгас кэмҥэ борук-сорук сырдаан ылар. Ол да иһин буолуо ордук оҕо тэрилтэлэригэр өҥҥө-дьүһүҥҥэ, дьиэ үүнээйиитигэр улахан болҕомтолорун уураллара тута көстөр. Анаабыр оҕолоро хараҥа күннэргэ болҕомтолорун уурбаттар. «Бу биһиги дойдубут уратыта. Анаабырбытын олус таптыыбыт», – дииллэр.
«Төрүччүнү» сэргээтибит»!
Сааскылаах гимназиятын базатыгар «Инникигэ хардыы» улуустааҕы научнай-практическай конференцияҕа 50-тан тахса оҕо чинчийэр үлэтин билиһиннэрдэ. Быйыл «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата киллэрбит «Төрүччүнү» үөрэтии хайысхатын учууталлар, төрөппүттэр олус сэргээбиттэрин туһунан этэллэр. «Төрүччүгэ» аҕыс оҕо дакылаатын билиһиннэрдэ. Кыттыбыт оҕо үксэ педагогическай үлэ ветерана, кыраайы үөрэтээччи Акулина Иннокентьевна Константинова Анаабыр улууһун төрүччүтүн үөрэтэр олохтоох матырыйаалларыгар олоҕурбуттарын туһунан этэллэр. Акулина Иннокентьевна кыраайы үөрэтээччи быһыытынан сүрүн болҕомтотун төрүччүгэ уурар буолан, бу хайысханы интэриэһиргиир оҕолорго сүбэ-ама буолан көмөлөһөр, бэйэтэ чинчийбит, үөрэппит матырыйаалларын кытта үллэстэр эбит. «Төрүччүгэ» ордук сиппит-хоппут үлэни Сааскылаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Мария Константинова, Мария Им, Үрүҥ Хайаттан Вадим Туприн билиһиннэрдилэр.
Үрүҥ Хайалар холобурдара
Иитээччилэри, алын кылаас учууталларын уонна төрөппүттэри кытта холбоһуктаах семинарбыт оройуоннааҕы бибилэтиэкэҕэ буолла. Үрүҥ Хайа орто оскуолатын коллектива 2022 сыл устата «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын, «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалларын икки сүрүн бырайыагар кыттыыны ылбытын туһунан сиһилии билиһиннэрдибит. «Чуораанчык» 2022 сыл үһүс нүөмэригэр Үрүҥ Хайа үөрэнээччилэрин, алын кылаас оҕолорун, учууталларын научнай-чинчийэр үлэлэринэн Таба туһунан кэпсиир анал сыһыарыы бэчээттэнэн тахсыбыта.
Иккис улахан бырайыакпыт «Загадки, пословицы, скороговорки коренных народов Республики Саха (Якутия)» диэн биэс омук тылынан тахсыбыт кинигэбит буолар. Бу кинигэ Мексикаттан төрүт омуктар тылларын харыстыыр сыаллаах-срруктаах үлэлиир «Linguapax» аан дойдутааҕы тэрилтэ кыттыытынан таҕыста. Оҕолор бэйэлэрин омуктарын тылларынан өс хоһооннору, таабырыннары, ребустары уруһуйунан көрдөрөллөр, саҥаран иһитиннэрэллэр. Үрүҥ Хайа оскуолатын үөрэнээччилэрэ бу бырайыакка долган омугу билиһиннэрдилэр.
– Биһиги «Чуораанчык» сурунаал нөҥүө оҕолорбутун бары өттүнэн сайыннарар, үлэбитин-хамнаспытын билиһиннэрэбит. Иистэнньэҥ иннэтэ, матырыйаала суох, биллэн туран, кыайан иистэммэт. Иннэ, таҥас иистэнньэҥ сүрүн туттар тэрилэ эбит буоллаҕына, биһиэхэ, учууталларга сүрүн тэрилбит «Чуораанчын» оҕо сурнаала буолар, – диэн Үрүҥ Хайа орто оскуолатын дириэктэрэ Суруяна Валерьевна Неустроева биир идэлээхтэрин кытта санаатын үллэһиннэ.
Куруолук – сыл бэлиэтэ
«Сыл бэлиэтэ» куонкуруһу Анаабыр оҕолоро олус сөбүлээтилэр. Тиийиэхпит инниттэн 2023 сыл бэлиэтин Куруолугу оҥорон быыстапкалаан бэлэмнээбиттэр. Бииртэн биир ураты, хараҕы сымнатар, киһини үөрдэр үлэлэри көрдүбүт. Долган, эбэҥки таҥастаах, ыстакаантан ойон тахсар орой мэник, көп түүлээх, алмаас таастыы күлүмүрдүү оонньуур куруолуктар Анаабырга бааллар эбит!
«Сыл бэлиэтэ» куонкурус Сааскылаахха 300-кэ оҕону түмтэ. Бастыҥ үлэлэргэ анаан-минээн илдьибит мэтээллэрбитин бэлэх быһыытынан хааллардыбыт.
Сурутууну – тус хонтуруолга
Анаабырга сырыыбыт туһунан түмүктүүр санааларбытын улуус баһылыгын Эдуард Петрович Платоновы, тэрилтэ салайааччыларын кытта үллэһиннибит. Хоту сиргэ кэлэн оҕолору, учууталлары кытта көрсүбүппүтүгэр махталын биллэрдэ. Саха сирин уһук хоту кыраныыссатыгар сытар Үрүҥ Хайа учууталлара, үөрэнээччилэрэ үрдүк таһымнаах бырайыакка кытталлара – аттыбытыгар баар холобурбут. Улуус атын оскуолалара, оҕо саадтара «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыытар үлэтигэр кыттыһан иһэллэригэр баҕарда. Оҕо сурунаалларыгар, хаһыаттарыгар сурутуу улуус үөрэҕин управлениета тус хонтуруолугар илдьэ сылдьарыгар сорудахтаата. Баһылык Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар кыттыыны ылыахтаах үрдүкү кылаас хас биирдии үөрэнээччитэ «Юность Севера» сурунаал ахсынньы ыйдааҕы нүөмэрин улуус баһылыга Эдуард Петрович Платоновтан бэлэх тутуоҕа.
Почта интернет сакааһын эрэ тиэрдибэт!
Россия Почтата Анаабыр улууһунааҕы салаатын салайааччыта Анастасия Егоровна Белоусова сурутуу түмүгүн үрдүктүк сыаналаата:
– «Кэскил» оҕо бэчээтин үлэһиттэрэ биһиги хоту улууспутугар анаан-минээн кэлэн биэс күн устата кырата суох үлэни ыыттыгыт. Эһиги кэлиэххит иннинэ оҕо сурунаалларыгар, хаһыатыгар баара-суоҕа үс эрэ устуука сурутуулаах олорбут эбит буоллахпытына, билигин 100-кэ устуукаҕа тиэртибит. Үлэлиир дьону кытта үлэ таһаарыылаах, түмүктээх буоларын өссө төгүл итэҕэйдим. Оҕолорбут хаһыаты, сурунаалы олус сэргээбиттэриттэн уонна почта аҥардас интернет сакаастары эрэ аҕалар буолбакка, хаһыаты, сурунаалы тиэрдэр тэрилтэ буоларын өйдөөтүлэр. Билигин биһиги иннибитигэр улахан сорук турар – 2023 сыл бастакы аҥаарыгар ылбыт кирбиибитин ыһыктымыахпытын наада. Биир дойдулаахтарбар, төрөппүттэргэ, оҕо саадын, оскуола коллективтарыгар, тэрилтэ салайааччыларыгар эрэнэбин.
Биһиги бэйэбит дьоммут ИП Лыткина Ирина Юрьевна балтыларыгар Айыына Акакиеваҕа анаан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын түөрт таһаарыыларыгар («Чуораанчык», «Колокольчик», «Юность Севера», «Кэскил») 5 тыһ. 600 солк. суумаҕа сыллааҕы сурутууну бэлэхтээтилэр. Ааҕыы эйгэтин өйөөбүт дьоммутугар махталбын тиэрдэбин.
Сардаана МАТВЕЕВА