Маныаха майгынныыр «эн хайдах олороҕун аныгы үөрэнээччи?», «Хайдах кэмҕэ олоробут?», «Киһи уонна талаан» диэн балаһалары «Кэскил» хаһыакка биллиилээх норуот эмчитэ, дэгиттэр талааннаах Владимир Кондаков оҥортуурун учуутал киһи сиэринэн болҕойон ааҕар буоларым.
Онно кини саҥа үйэ саҥатыгар норуотун кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон дириҥ санаалары этитэлиирэ. Ол ыстатыйаларга маннык тыллары өйдүүбүн:
Оҕо олорор усулуобуйатыгар, норуот үгэстэригэр тылыгар, тыыныгар, олоҕун илгэтигэр, сирин килиимэтигэр сөп түбэһэн иитилиннэҕинэ, кини омугун бэрэстэбиитэлэ буолуо.
Кини үөрэҕэ олоххо бэлэмнэнии быһыытынан айылҕалыын ситимнээн ыытыллара түмүктэрдээх буолуо диэн этэрэ. Бу муус устар ый саҥатыгар Ил Түмэҥҥэ иһиллибит аныгы кэм сайдыытыгар ананар атомщик-учуонай Иоган Егорович Максимов идеялара 20-чэ, 30-ча сыл анараа өттүгэр иһиллибиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Хайа баҕарар кэм ыччата араас, араас. Бу биһиги бэйэбит көлүөнэбит, биһиги иннинээҕи, биһиги үөрэппит-такайбыт үөрэнээччилэрбит аныгы ыччат уратылара бэрт элбэх буоллаҕа. Ол уратылары бу аҕыйах хонуктааҕыта 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит тыллара ситэ сайдыбатах оҕолору көннөрөн үөрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаҕа ыалдьыттыы бара сылдьан илэ-чахчы көрөн итэҕэйдим.
Бу оскуола эмиэ дьон наадыйыытын учуоттаан өр кэмнэргэ үөрэх миниистиринэн үлэлээбит Н.И. Шарин тус туруорсуутунан аһыллыбыта. Бастакы дириэктэр С.Р. Дьячковскай сүүрэн-көтөн 2 этээстээх дьиэни туттаран, материальнай базатын хаҥатан, кэм сиэринэн, үгүс ааттаах-суоллаах учууталлар, иитээччилэр үлэлээн ааспыттара.
Кэлин А.А. Федоров дириэктирдиир сылларыгар оскуола киһи билбэт гына уларыйан, аныгылыы тииптээх саҥа оскуола дьэндэйэнөрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн Россияҕа биллэр инники күөҥҥэ сылдьар аныгы ыччаты иитэр-үөрэтэр бары усулуобуйалаах үөрэх тэрилтэтэ буолбутунан бары көлүөнэ үөрэнээччилэр, иитээччилэр сэмээр үөрэ-астына сылдьабыт.
Оттон аныгы үөрэнээччи хайдаҕын бу буолан ааспыт оскуола 60 сылыгар көрдүбүт-иһиттибит. Биллэн турар, үөрүүлээх тэрээһиннэр, ыалдьыттары көрсүү үрдүк таһымнаах. Оттон мин оҕолору кытта көрсүһүүттэн, боростуой кэпсэтииттэн сыччах икки түбэлтэҕэ болҕомтону уурдум.
Үбүлүөй күн оскуола ааспыт суолларын, бүгүҥҥү олоҕун кэпсиир түмэл үөрүүлээхтик аһылынна. Бары стендэлэри оҕолор бэйэлэрэ киһи эрэ истэ туруох курдук хомоҕойдук, доргуччу кэпсииллэр.
Мин болҕомтобун IV кылаас үөрэнээччитэ Олег Приходько сэһэнэ тарта. Кэпсээнин тыла-өһө уус урана, билиитэ-көрүүтэ, кэпсиир дьонун интэриэһин учуоттаан тиэрдэрэ барыта ис киирбэх. Сүүнэ улахан харахтарыгар үөрүү, киэн туттуу баарын сөбүлээммин: «Оттон хараҕыҥ тоҕо наһаа улаханый?» – диэн кистии-саба ыйыппыппар симиттибэккэ: «Мин өбүгэлэрим бэлэхтэрэ», – диэн хоруй биэрэ оҕуста. Мин соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны. Аныгы кэм бэйэтин оҕото иҥнэн-толлон, симиттэн турбат, өссө уратыларын билэр-кэрэхсиир, билиигэ-көрүүгэ дьулуһар үтүөкэн киһи!
Салгыы II «Б» кылааска киирэн кырачааннарга үөрэх, билии, ааҕыы, сайдыы туһунан кэпсээтибит, хаһыа да буолан ыалдьыттаатыбыт. Барыта холку, ыраас, сырдык, кэпсэтиибит иһирэх. Кыра кыысчаан кыһалҕата ыган учууталга супту хааман тиийэн, кулгааҕар этэн, көҥүллэтэн кылаастан таҕыста. Киирбитигэр былдьаан ылан, дьиибэлээх этээччи буоллум: «Эн улааттаххына быраас буолар иннилээххин», – диэбиппэр, кыыһым үөрэ түстэ. «Эн ону хантан билллиҥ? Мин төрөппүттэрим эмиэ иннэ дииллэр. Бэйэм эмиэ баҕарабын», – диэн куо бааччы хардарда кырачаан Зарина Бурнашева. Кэлин кэнсиэргэ кыттаары ангел таҥаһын кэппитин көрөн аһарбытым.
Дьэ, ити! Билиҥҥи кэм оҕолоро! Санааларын иҥнигэһэ суох нууччалыы-сахалыы икки тылынан этэн-саҥаран, урукку симик оҕолортон отой атыннарын, тахсыылаахтарын үөрэ көрөн бу кыра кэпсээммин оҥордум. Кинилэр сайдыыларын салайыы, бары усулуобуйаны оҥоруу төрөппүт, учуутал, иитээччи улахан үлэтэ, иэһэ.
Үлэлээн ааспыт речевой оскуолабыт (норуокка биллэринэн) аныгы оҕо сайдыытыгар күүстэрин, билиилэрин биэрэллэриттэн оскуола кэлэктиибигэр махтанан-үөрэн, инникитин өссө үрдүк, дууһа кылын таарыйар үлэни, сайдыы тыыннаах саҥа үйэ сиэрдээх киһитин иитэри өрө тутары баҕарабыт.
Любовь Семеновна АРГУНОВА,
педагогическай үлэ бэтэрээнэ, дьиэ кэргэн педагога