Аан дойдуну аймаабыт, элбэх киһи өлүүлээх Аҕа дойду сэриитэ түөрт уһун сыл устата барбыта. Биһиги Ийэ дойдубутугар иэдээннээх алдьархайы, урусхалы, харах уутун аҕалбыта. Төһөлөөх элбэх киһи сэрии толоонугар, тыылга аччыктаан суорума суолламмыта буолуой, төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүттэрэ буолуой…
Мин эбэм, Егорова Мария Ивановна, Хаҥалас нэһилиэгэр Сууттаах диэн алааска, Бокуруоп күн, алтынньы 14 күнүгэр күн сирин көрбүт. Олох кыратыгар төрөппүт аҕата өлөн, ийэтин Дьэбдьиэйи кытта дьадаҥы эһэтигэр дьукаахтаһан олорон, нэһиилэ айахтарын ииттиммиттэр.
Оччотооҕу оҕо сиэринэн кыратыттан үлэҕэ сыстаҕас эбит. Хотоҥҥо ынах ыылларыгар тымтык тутааччы, тарбыйах этиттэрээччи эбэтэр суорунаҕа туорах бурдугу тартарааччы кини буолар эбит. Ол бурдуктан оҥоһуллубут алаадьы, лэппиэскэ олус да минньигэс буолара үһү. Оскуолаҕа киирэн үөрэнэн иһэн, үөрэҕин тохтоппут.
Фашистыы Германия биллэриитэ суох сэриинэн саба түһэн, таайдара бары сэриигэ бараллар. Ийэтин уонна улахан эдьиийэ Евдокияны кытта ыарахан үлэттэн толлубакка тэҥҥэ үлэлэһэр. Сэрии иккис сылыгар ийэтэ өлөн,13 саастааҕар тулаайах хаалар. Үчүгэй салайааччы Ылдьаа Кутанов баар буолан, улахан сутааһыны билбэккэ, биир да киһи хоргуйбакка Кыайыы күнүн этэҥҥэ көрсүбүттэр.
Бу уһун түөрт сыл устата эбэм барахсан сэрии ыар тыынын — аччыктааһыны, тоҥууну, үлэ ыараханын, дьон хаҕыс да, амарах да, сыһыанын кыра дьарамай санныгар сүгээхтээбит. Эбэм Иосиф Сталины таҥара курдук саныыра: «Кини салайан сэриигэ кыайбыппыт», — диэн кэпсиирэ.
Таайдара сэрии хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ, сураҕа суох сүппүттэрэ. Эйэлээх олох саҕаланан, эбэм ыал буолан, кырдьаҕас эдьиийин Евдокия Романовнаны бэйэтин кытта илдьэ быр-бааччы олорбуттара. Үөрэҕэ суох эһээбэр хаһыат сонуннарын доргуччу ааҕан иһитиннэрэллэр эбит. «Киэһээҥҥи аһылык кэннэ кыргыттарын кытта хабылык, дуобат оонньуурун сөбүлүүр этэ», — диэн ийэм сөҕө кэпсиир. Сымнаҕас алаадьытын, лэппиэскэтин суохтуур ахан. Эбэм барахсан саҥа үйэҕэ үктэнэн баран күн сириттэн барбыта.
Иллээх-эйэлээх олоххо олорорбутугар саа-саадах туппатах да буоллар, оонньоботох оҕо саастаах биһиги эбээлэрбит-эһээлэрбит барахсаттар өҥөлөрө баарын хаһан да умнуо суохтаахпыт!!!
Ааптар: Олег Адамов, «Ыллык» эдкорпост.
Хаҥалас, Ньурба.