Хакасия өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл суруйааччы сыла биллэрилиннэ. Михаил Еремеевич Кильчичаков аатынан литературнай лааҕыр арыллынна. Онно Тываттан, Хакасияттан, Красноярскай кыраайтан, Саха сириттэн суруйар дьоҕурдаах ыччат мустан үөрэннибит, сынньанныбыт.
Саха сирин айар дьоҕурдаах ыччата Хакасияҕа тэриллибит литературнай лааҕырга сырытта. Сүрүн сыалбыт хоһоону айан суруйуу, тылбаастааһын этэ. Алта күн устата «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүү устудьуоннара ситиһиилээхтик үөрэннибит.
Күн бастакы аҥаарыгар хакаас литературатын билистибит. Эбиэт кэннэ литература жанрдарын сиһилии ырытарбыт. Хас биирдии үөрэнээччи айымньытын төрөөбүт тылынан ааҕара. Ис хоһоонун кэпсиирэ. Истээччилэргэ нууччалыы кэпсээн быһаарара. Хакаас тыла түүрдүү буолан, кинилэр хоһооннорун өйдүүр этибит.
Киэһэтин гитара тыаһыгар уйдаран, бириэмэбитин көхтөөхтүк атаарарбыт. Үөрэхпит түмүгэр Надежда Бурнакова туоһу сурук, хакаас норуотун литературатын кинигэтин бэлэхтээтэ. Казановка музейыгар үгүстүк сырыттыбыт. Үрдүк хайаларынан күүлэйдээн, астынан бардыбыт. Хакаас норуота олус ыалдьытымсах.
Ааптар: Артем Осипов, ХИФУ ИЯКН устудьуона