Устудьуон кэрэ кэмнэрин оскуоланы бүтэрээччи оҕо олус долгуйа кэтэһэр. Ол кэмнэри биһиги кыратык сэгэтэн көрөөрү, устудьуон күнүгэр түбэһиннэрэн, тохсунньу 26 күнүгэр оскуолабытыгар устудьуону ыҥыран көрүстүбүт. Кини биһиги оскуолабыт 2020 сыллааҕы выпускнига – Саша Аммосов. Билигин Омскайдаҕы А. В. Ляпидевскай аатынан гражданскай авиация лётно-техническай колледжын 3 кууруһун устудьуона. Бөртөлүөт пилотын үөрэҕэр ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Биһиги киниттэн ыйытыыларга эппиэттииригэр көрдөстүбүт.
— Саша, устудьуон буолар хайдаҕый? Ыарахан дуу, чэпчэки дуу?
— Устудьуоннуур, үөрэххэ үөрэнэр хаһан баҕарар бэйэҕиттэн тутулуктаах. Кыһаллан эппиэтинэстээхтик үөрэннэххинэ – үчүгэй уонна чэпчэки.
— Эн хайдах бу үөрэххэ киирбиккиний?
— Оскуоланы бүтэрэр сылбар, республикабытыгар лётчиктары үөрэххэ ыытар программаннан, бу хайысхаҕа уолаттары хомуйуу оҥорбуттара. Мин онно кыттыһан, кыытаанах тургутугу ааһан, 20-тэн тахса оҕо иһигэр киирбитим.
— Ол аата эһиги республика аатыттан сылдьар эбиккит дии. Үөрэххин бүтэрдэххинэ ханна үлэлиигин?
— Оннук, биһиги Сахабыт сирин целевой программатынан үөрэнэбит. Онон бары өттүнэн өйөбүл, өҥө баар. Үөрэхпит уопсайынан да байыаннайдыы тииптээх, онон дисципилиинэ, бэрээдэк үрдүк таһымҥа. Колледжпытыгар опыттаах учууталлар үчүгэйдик үөрэтэллэр, билиини бэркэ биэрэллэр. Колледж үөрэнэр корпуһа эргэ да буоллар хааччыллыы үчүгэй. Олорор уопсайбытыгар ремонт барбыта. Остолобуойга үстэ аһыыбыт, кэтэр таҥаспытын кытары биэрэллэр. Куруук формабытын кэтэ сылдьабыт. Үөрэхпин бүтэрэрим чугаһаата. Билигин дипломнай үлэбин суруйан саҕалаатым. Биһиги «Полярные авиалинии» тэрилтэҕэ үлэлиэхтээхпит. Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн куйаарынан элбэхтэ көтүөхпүт диэн санаалаахпын.
— Саша, эн «Кэскил» хаһыат эрэллээх доҕоро, биир бастыҥ эдкора этиҥ. Ол кэмнэртэн туох санаалар хаалбыттарый?
— Биллэн турар, олус үтүө, позитивнай эрэ өйдөбүл хаалбыт. Билигин да ол опытым миэхэ кыратык туһалыыр. Бу эйгэҕэ миигин уһуйбут учууталбын Прасковья Николаевна Алексееваны хаһан да умнубаппын уонна махтанабын. Киниэхэ уонна «Кэскил» хаһыат бары үлэһиттэригэр эҕэрдэбин тиэрдэбин.
— Бүгүн биһигитини кытары көрсөн элбэҕи кэпсээбиккэр махтал, уонна үөрэххэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
— Махтал эһиэхэ эмиэ. Оскуоланы бүтэрээччи оҕолор үөрэххитигэр суолта ууруҥ уонна талбыт идэҕитинэн үөрэххэ киирэргэ кыһаллыҥ.
Бу курдук биһиги оскуолабытыгар сэргэх көрсүһүү буолан ааста. Аны аҕыйах сылынан биһиги эмиэ манна кэлэн оҕолорго санаабытын этэ олорор буолуохпут диэн эрэлбит туоллун.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.