Ахсынньы 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, поэт, тылбаасчыт, очеркист Сэмэн Уруукап 95 сылыгар аналлаах улуустааҕы тэрээһин буолла.
Манна «Алта нэһилиэк уолунабын» диэн поэт хоһоонугар хоһуйуллубут нэһилиэктэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах күрэх буолла. Бу тэрээһини нэһилиэк дьаһалтата өйөөн, оскуола уонна нэһилиэк библиотекарьдара А.В. Трофимова, Р.В. Ботуева уонна оскуолаҕа иитэр үлэ саабыһа Н.В. Бабаранова көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.
Күрэх киириитин Тамалакааннааҕы сынньалаҥ киин дириэктэрэ А.В. Руфов иилээн-саҕалаан ыытта. Эҕэрдэ тылы Тамалакаан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы М.Х. Федоров кытта кэлбит дьиэ кэргэттэргэ анаан Сэмэн Уруукап туһунан ахтан-санаан этэн туран ситиһиилэри баҕарда.
Күрэх 6 түһүмэҕинэн ыытылынна. Манна ийэ, аҕа, оҕо дьиэ кэргэнинэн кыттыбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Кыттыбыт дьиэ кэргэттэр бииртэн биир үчүгэйкээн дьиэ кэргэттэр. Кыттааччылар түһүмэх аайы атынтан атын кылааска киирэн, араас сорудаҕы толордулар. Түһүмэх аайы үллэстэн, оскуола кэлэктиибин учууталлара бары сонунтан сонун күрэҕи ыыттылар. Бастакы түһүмэх — «Тыл диэн ап», иккис түһүмэх — » Өркөн өй», төрдүс түһүмэх — «Сулустаах халлаан», бэһис — «Хоһоон хотун», алтыс — «Бииргэ ааҕабыт».
Күрэх түмүгүнэн Тамалакаан нэһилиэгиттэн Саввиновтар дьиэ кэргэттэрэ (Марианна Афанасьевна, Александр Семенович, Эрэл) кыттан эрэллээхтик бастаан кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар (5000 солк.), 2 миэстэ — Ороһу нэһилиэгиттэн Павловтар дьиэ кэргэттэрэ (3000 солк.), 3 миэстэ — Харбалаах нэһилиэгиттэн Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар. «Кыайыыга дьулуур» анал бэлиэ хаһаайынынан Балаҕаннаахтан Жендринскайдар дьиэ кэргэттэрэ ананнылар. Кыайыылаахтар сертификаттарынан, туоһу суруктарынан, Семен Руфов тылбаастарын кинигэтинэн наҕараадаланнылар.
Тэрээһини С. Руфов ырыа буолбут хоһооннорунан Ньургун Барабанов «Мин былыргы тапталым», Сэмэн Руфов тылларыгар, Никифор Семенов матыыбыгар, Тамалакаан оскуола-саад кэлэктиибин толоруутугар «Таптыыр дойдум Тамалакаан» Сэмэн Руфов тылларыгар, биир дойдулаахпыт мелодист Иван Фёдоров матыыбыгар ырыалары толорууларынан киэргэттилэр.
Күрэххэ кытта кэлбит дьиэ кэргэттэр бары да олус бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан сиһилии аахпыттара, долгуйан бэлэмнэммиттэрэ билиилэрин тургутар «Өркөн өй» күрэҕэр тута биллэр. Маны таһынан тылбаас, хоһоон айыытын күрэҕэр олус кыһамньылаахтык кытыннылар.
Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ итии-истиҥ иһирэх ис сүрэхтэн эҕэрдэ! Үлэни, үөрэҕи өрө тутан, оҕо иитиитигэр бастыҥ дьиэ кэргэттэр эбит диэн үөрэ көрдүбүт.
Биир дойдулаах киэн туттар суруйааччыбыт Сэмэн Уруукап айбыт, тылбаастаабыт айымньылара кэнчээри ыччакка өрүү үтүө холобур буолан, сырдыкка сыдьаайа, «Сулустаах халлааныныы» тыган, үтүөҕэ кэрэҕэ угуйа туруо!
Г.В. Терентьева, Н.Н. Михайлова Тамалакаан-Ороһу.