Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин оскуолатыгар «Сата» куруһуок үлэлиир. Мин быйылгыттан манна суруттарбытым уонна олус диэн сөбүлүү сылдьабын. Салайааччыбыт история учуутала Зинаида Васильевна Анисимова уонна түмэл үлэһиттэрэ куруук араас интэриэһинэй дьарыктары, уруоктары ыыталлар. Биһиги кыраайбыт историятын, үгэстэрин, дьоннорун уонна да араас туһунан элбэҕи, сонуну билэбит.
Ааспыт нэдиэлэҕэ, олунньу 9 күнүгэр, куруһуокпутунан ыаллыы Үөһээ Бүлүү түмэллэрин көрөн-истэн кэллибит. Харбалаах нэһилиэгин түмэлигэр биллэр политическай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан кини олоҕун, үлэтин туһунан эбии билэр сыалтан бара сырыттыбыт.
Манна биһиги оҕолорбут кини туһунан тугу билэллэрин, киниэхэ анаммыт хоһооннору аахтылар уонна кэпсээтилэр. Харбалаах түмэлин үлэһитэ викторина ыытта, онно биһиги үөрэ-көтө кытынныбыт. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ бэйэтигэр суруйааччы Николай Золотарёв-Якутскай түмэлин көрдүбүт. Манна кини хайдах суруйааччы буолбутун, төрүччүтүн, барытын кэпсээтилэр. Биһиги бу сырыыбыт олус туһалаах буолла, элбэҕи биллибит-көрдүбүт, ыаллыы сытар улууспут историятын туһунан саҥаны арыйдыбыт. Учууталбытыгар, олохтоох түмэлбит үлэһиттэригэр бу айаммыт иһин махтанабыт. Аны өссө да атын сирдэргэ сырыы баар буолуо диэн санаалаахпыт.
Эльдар Мордовской, “Ыллык” эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.