Бүгүн мин Витя Томскайы кытта кэпсэтээри сэттистэргэ киирэбин. Витя быйылгы «Инникигэ хардыы» региональнай научнай-практическай кэнпириэнсийэҕэ «Араас фирма сакалааттарын хаачыстыбатын чинчийии» диэн тиэмэнэн кытынна. Бу кэнпириэнсийэҕэ Витя 1 миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттар буолла.
Витя чинчийиитин туһунан маннык кэпсээтэ:
— Билиҥҥи үйэҕэ киһи доруобуйата аһыыр аһыттан тутулуктааҕа кимиэхэ да кистэлэҥ буолбатах. Ол иһин биһиги чинчийэр үлэбит бу кэлэн иһэр бырааһынньыгы кытта дьүөрэлээн, сакалаат хаачыстыбатын, буортулаах веществолар баалларын-суохтарын үөрэтиигэ ананар. Ол курдук, биһиги үлэбитигэр сакалаат 15 көрүҥүн үөрэтэн, саамай үчүгэй хаачыстыбылаах уонна буортута суох диэн түмүккэ кэллибит. Ол курдук, маннык сакалааттары сиир буортута суох: «Воздушный», «Дидо», «Марс», «Бабаевский». Онон Саҥа дьылга бэлэххэ биэриэххэ сөп.
Биһиги эдэр чинчийээччибитигэр Витяҕа инники да өттүгэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Нарыйа БУРЦЕВА, 9 кылаас үөрэнээччитэ, «Саһарҕа» эдкорпост кэрэспэндьиэнэ, Эҥэ.