Быйыл норуот хаһаайыстыбатын Ситиһиилэрин Бүтүн Союзтааҕы Быыстапката (ВДНХ СССР) төрүттэммитэ 80 сыла. Киэҥ нэлэмэн дойдубут бары эйгэҕэ ситиһиилэрин көрдөрөр бу Быыстапкаҕа барарга саамай бастыҥ үлэһиттэргэ, улахан наҕараада быһыытынан, анал путевканы биэрэллэрэ. Оттон үлэҕэ саамай бастыҥ ситиһиилээх дьон Быыстапкаҕа кыттар быраабы ылара. Бу бэртээхэй тутууга Саха сирин олохтооҕун кылаата эмиэ баар.
Саха сириттэн үрдүк көрдөрүүлээх сылгыһыттар, ыанньыксыттар, оҕуруот аһын үүннэрээччилэр, булчуттар, балыксыттар элбэхтик кыттан, Быыстапка араас мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Бу улахан наҕараадаҕа оҕолор эмиэ тиксэллэрэ. Холобур, Социалистическай Үлэ Геройа Георгий Евдокимович Бессонов иитиллээччитэ, Сунтаар Тойбохойун үөрэнээччитэ, эдэр натуралист Илья Федоров (кэлин СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Илья Гаврильевич Федоров) Быыстапка үс мэтээлинэн наҕараадаламмыта!
Быыстапка киэҥ-куоҥ тэлгэһэтигэр киирбит киһи сырдык-ыраас ууну күн уотугар чаҕылыҥната ыһыахтыыр дойду саамай улахан фонтаннарын кэрэхсии көрөр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэр, киин куоракка өссө биирдэ кэлэр туһугар бытархай харчыны быраҕар. Эн эһэҥ, эбэҥ, аҕам саастаах чугас дьонуҥ Москваҕа сылдьыбыт буоллахтарына, ол фонтаннар тастарыгар түспүт үчүгэйкээн хаартыскалара баар буолуохтаах. Дьэ, бу аан дойдуга аатырар улахан фонтаннары Саха сирин киһитэ оҥорсубута ээ! Чэ, кини туһунан билсиэххэ.
Прокопий Иванович Добрынин 1909 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Сахалары кытта алтыһан улааппыт куорат нууччатын уола кыратыттан кэрэни кэрэхсиирэ. Ол иһин сэрии быдан иннинэ Москваҕа тиийэн, бастаан художественнай-техническэй институту, онтон 1936 сылга Бүтүн Россиятааҕы художественнай академияны бүтэртээбитэ. 1937 сылтан ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ. Суостаах 1941 сылга фроҥҥа ыҥырыллан, хорсун саллаат „Кыһыл Сулус“, „Аҕа Дойду Сэриитэ“ II степеннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
Кыайыы кэнниттэн Москваҕа олохсуйдар даҕаны, төрөөбүт Сахатын сирин кытта сибээһин быспатаҕа. Мрамортан, фарфортан, шамот, майолика матырыйааллартан „Ырыаһыт Анна Егорова“, „Чурумчуку“, „Саха уола“, о.д.а. үлэлэрэ, ону таһынан араас кээмэйдээх таас, фарфор чороонноро, иһит сервизтэрэ Дьокуускай мусуойдарын билигин да киэргэтэллэр. Москваҕа, Россия араас куораттарыгар ыытыллар Саха сирин литературатын уонна искусствотын Күннэригэр П.И. Добрынин үлэлэрэ өрүү көрдөрүүгэ туруоруллаллар.
Дьэ, билигин кини сүрүн үлэтигэр киириэххэ.
Прокопий Иванович Добрынин аатырбыт архитектор Константин Тихонович Топуридзе биэс киһилээх айар биригээдэтигэр үлэлээн, Норуот Хаһаайыстыбатын Ситиһиилэрин Бүтүн Союзтааҕы Быыстапкатын тэлгэһэтин киэргэтиспитэ. Кинилэр 1951-1954 сылларга турунуулаахтык үлэлээн, Быыстапканы күн бүгүнүгэр диэри саамай киэргэтэр „Кыһыл көмүс куолас“, „Таас сибэкки“ фонтаннары оҥорбуттара. Онтон оччотооҕу Советскай Союз 15 өрөспүүбүлүкэтин доҕордоһуутун көрдөрөр дойдуга саамай улахан фонтаны оҥорон, бүтүн серия гынан таһаарбыттара.
Аҥаардас „Кыһыл көмүс куолас“ фонтаны ыллахха, 16 м үрдүктээх, уутун 25 м диэри өрө ыһар сүрдээх кэрэ көстүүлээх сүдү тутуу буолар. Бу фонтан, үп-харчы кырыымчыгыттан, ыйыллыбыт болдьоххо үлэҕэ кыайан киирбэт туруктаммытыгар саха Далбар хотуна Феодора Федоровна Корнилова күүс-көмө буолбута.
Бу үтүө санаа аахсыйата билиҥҥи биһиги хаһыаппытын кытта ыкса сибээстээх. 1959 сылтан саҕалаан, отучча сыл устата оҕо аймахха аналлаах „Бэлэм буол“ (билиҥҥи „Кэскил“) хаһыакка үлэлээбит саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа кэргэнэ Любовь Федоровна Корнилова бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Феодора Федоровна оччолорго Үлэ Венгерскэй партиятын (ВПТ) Генеральнай сэкирэтээрэ, Венгрия Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Министрдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Матиас Иосифович Ракоши кэргэнэ этэ. Быыстапканы киэргэтиэхтээх фонтаны Саха сирин киһитэ оҥорсо сылдьарын истэн, ол фонтан тутуутун түргэтэтэр туһугар, оччолорго олус улахан сыаналаах бриллианнаах кыһыл көмүс ытарҕатын уонна хас да „боростуой“ кыһыл көмүс киэргэллэрин сиэртибэлээбитэ.
Прокопий Иванович Добрыниҥҥа РСФСР уонна Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелин үрдүк ааттара иҥэриллибитэ. Сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан сылтаан, 1966 сыллаахха өлбүтэ. Көмүс уҥуоҕа Дьокуускайга көтөҕүллүбүтэ. Саха сирин худуоһунньуктарын Сойууһун бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай худуоһунньуга Юрий Васильевич Спиридонов: „Убайбыт Прокопий Иванович Добрынин уҥуоҕун иккистээн эргитэн, бэйэтин үтүөкэннээх үлэлэриттэн туох да итэҕэһэ суох оҥорбуппут“, – диэбитэ.
Дьокуускай мусуойдарыгар кини оҥортоон хааллартаабыт, бэлэхтээбит үлэлэрин эбэтэр Москваҕа тиийэн, кини оҥорсубут дойду саамай улахан фонтаннарын көрдөххүнэ, сахалыы саҥалаах нуучча уола, киһи киэнэ үтүөтэ, эйэҕэһэ Добрынин Прокопий Ивановиһы санаан ылаар.
Ааптар: Александр Васильев-Көрдүгэн
Хаартыскаларга: 2. П.И. Добрынин. 1-3. Кини оҥорсубут дойду саамай улахан фонтаннара („Кыһыл көмүс куолас“, „Норуоттар доҕордоһуулара“)