Саха норуодунай суруйааччыта Семён Титович Руфов «… Онтон сырдык оскуолабар, үөрэммитим- Ороһубар» диэн «Алта нэһилиэк уолабын» диэн ахтыбыт хоһоонугар, Ороһу нэһилиэгэр, «Ороһу кыһатыттан кынаттанан» диэн тэрээһиҥҥэ норуодунай бэйээт, прозаик, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун уонна суруйааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы сообществоларын Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Наталья Михалёва-Сайа, суруйааччы, суруналыыс Иван Николаевич Николаев-Уххан, Галина Григорьевна Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, норуодунай суруйааччы С.Т. Руфов уонна РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна Мария Семёновна Арбыкина сырдык ааттарын үйэтитэр фонда директора Максим Семёнович Руфов, бииргэ төрөөбүттэрин Валерий Семёнович, Геннадий Семёнович Руфовтар кэлэн ыалдьыттаатылар.
Ыалдьыттары поэт хоһооннорунан бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ «Куобах, куобах барахсан» кылаас салайааччыта А.Д. Егорова, иккис кылаас «Харандаас» кылаас салайааччыта Т.В. Николаева, үһүс кылаас «Оскуолаҕа аналлаах хоһооннор» кылаас салайааччыта Л.В. Данилова, төрдүс кылаас «Дьиэ тутаах киһитэ эбээҕэ» кылаас салайаачыта О.Д. Яковлева, орто сүһүөх кылаастар П.Н. Тобуруокап «Өндөрүүскэ тиэтэйбэт» нууччалыы тылбааһын «Андрюшка бригадир» салайааччы С.Н. Васильева, «Ороһу уоланнара» уолаттар бөлөхтөрө Пушкин, Гёте, А. Кунанбаайулы, Ш. Руставели, Муса Джалиль о.д.а. суруйааччылар айымньыларын сахалыы тылбаастаммыт хоһооннорун ааҕаннар ыалдьыттар, саалаҕа мустубут көрөөччүлэр ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар, салайааччылар Л.П. Кондакова уонна С.А. Осипова.
Руслан Огочонов «Мин былыргы тапталым» диэн Семен Руфов хоһоонугар ырыаны толордо. Д.Е. Иванов аатынан Ороһутааҕы норуодунай театр Семён Руфов «Мотуруоса сиэнэбин» хоһоонугар олоҕуран уһуллубут тэттик киинэтин, театр артыыстарын толоруутугар «Саха былыргы ыала» Фёдор Гольдеров-Хоохон өтөҕүн аттыттан санаа хоһоону аахтылар.
Быракаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Сирин мелодистарын сойууһун чилиэнэ, СР култууратын туйгуна Николай Дмитриевич Чуручанов бу дьоро күнү олус диэн киэргэтэн барда.
Оскуола директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Татьяна Гаврильевна Кысылбаикова, кыраайы үөрэтээччи Сардаана Николаевна Васильева поэт олоҕун, үлэтин, аймахтарын, дойдумсаҕын туһунан ахтыбыттара сэҥээриини ылла.
Ордук долгутуулаах түгэнинэн 5 кылааска үөрэнэр үөрэнээччилэр кылаастарыгар (кыл. салайааччыта Сардаана Алексеевна Осипова) норуодунай суруйааччы С.Т. Руфов аата иҥэрилиннэ.
Оҕолор мэктиэ тыллара: — Биһиги,
Семён Титович айар үлэтин үөрэтиэхпит!
Айымньыларын ааҕыахпыт!
Олорбут олоҕун чинчийиэхпит!
Үтүө аатын чиэстээхтик сүгүөхпүт!
Үчүгэй үөрэхпитинэн!
Спортка ситиһиибитинэн!
Чинчийэр үлэбитинэн!
Мэктиэлиибит!
Оҕолорго анаан ытыктабыллаах ыалдьыттар үтүө тылларын, дьоһуннаах этиилэрин этэн тураннар, анал бэлиэлэри түөстэригэр ииллилэр.
Тэрээһин С.Т. Руфов «Валерка соҕуруу дойдуга» диэн поэматыгар сыһыара тутан оҕо саас үөрүүлээх күнүн уруйдаан, бэлиэ тэрээһини ахта-саныы сылдьалларын курдук «Моруосунай буолунаай» диэн минньигэһинэн түмүктэннэ. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Уйбаан Ороһуунускай аатынан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Жанна Иванова.
Тэрээһин туһунан санаатын Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Васильевич Антонов үллэһиннэ: «Биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Семён Титович Руфов үбүлүөйдээх 95 сааһа олус үчүгэйдик ыытылынна. Оҕолорбут маладьыастар, бэйээт хоһооннорун доргуччу, чобуотук аахтылар. Норуот бэйээтэ Наталья Михалёва-Сайа сөҕөн, хайҕаан барда. С.Т. Руфов уолаттара тэрээһинтэн астыннылар. Үрдүк таһымҥа тэрээһини тэрийбит, оҕолору бэлэмнээбит учууталларбытыгар, норуодунай театрбытыгар, библиотекабытыгар, бары кыттыбыт дьоҥҥо, ыалдьыттары минньигэс аһынан күндүлээбит «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэригэр, оскуола кэлэктиибигэр барҕа махтал. Наталья Михалёва-Сайа К.С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын музейын анаан-минээн уста кэлиэх буолла».
Алина Яковлева, Нина Михайлова, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.