Атырдьах ыйын 11 күнүттэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Билим дьоҕус академиятыгар «Спорт» хайысхатынан профильнай смена үлэтин саҕалаата. Ох саанан, саахыматынан, чэпчэки атлетиканан, буулдьанан ытыынан дьарыктанар оҕолор кэллилэр.
5-8 кылааска үөрэнэр, спортка ситиһиилэрдээх, эбэтэр саҥа дьарыктанан эрэр оҕолор кэлбиттэр. Спортивнай дьарыктан ураты араас оҕону бары өттүнэн сайыннарар предметтэргэ үөрэнэллэр. Ол курдук: программирование, хаартыскаҕа түһэрии, флейта, логика, ораторскай искусство, аангылыйа тыла, психология, риторика о.д.а уруоктарыгар биир да бириэмэ иллэҥэ суох дьарыктаналлар. Иннэ гынан оҕо төгүрүччү сайдар кыахтанарын ситиһэллэр. «Спорт» хайысха профильнай сменатын Аграфена Львовна Колесова салайар.
Аграфена Львовна: «Спорт» хайысхабытыгар 11 баазовай көрүҥ баар. Ону кытта ыстаныы, мас тардыһыыта, саахымат көрүҥнэрэ киирэллэр. Профильнай смена биһиэхэ сылга үстэ буолар. Оҕолор манна кэлэллэригэр отбор ааһаллар. Бастакы категория: Уһук Илин, Россия первенствотыгар кыттарга бэлэмнэнэр оҕолор диэн. Онтон иккис категорияҕа: Өрөспүүбүлүкэ первенствотыгар кыайбыт, миэстэлэспит оҕолор диэн. Үһүс категорияҕа саҥардыы саҕалаан эрэр, резерваҕа сылдьар оҕолор киирэллэр. Маны таһынан Өрөспүүбүлүкэ сборнай хамаандатыгар баар оҕолору эмиэ ылабыт. Бу ыйдааҕы сменаҕа 60 оҕону аҕаллыбыт. Ох саа, буулдьанан ытыы, чэпчэки атлетика уонна саахымат көрүҥнэригэр дьарыктаналлар. Оҕолору манна Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тренердар кэлэн дьарыктыы сылдьаллар. Араас улуустары барытын хаба сатыыбыт: Уус-Алдан, Таатта, Дьокуускай, Горнай, Чурапчы, Сунтаар, Ньурба оҕолоро бааллар.
Бастакы этээс спортивнай заалыгар, буулдьанан ытыыга дьарыктар буолаллар эбит. Манна Чурапчы интернат-оскуолатыттан тренер Ольга Алексеевна Егорова бэйэтин иитиллээччилэрин кытта кэлэн дьарыктана сылдьаллар.
Егорова Ольга Алексеевна, буулдьанан ытыы тренера:
Чурапчы интернат-оскуолатыгар үлэлиибин. Оборудованиебытын барытын бэйэбит илдьэ кэлбиппит. Саҥа саҕалаан эрэр оҕолорбун дьарыктаары илдьэ кэлбитим. 5-6 кылаастар. Дьарыкпыт саҕаланыыта хайаан да разминкаланабыт, илии уонна көхсү былчыҥнарыгар улахан нагрузка биэрэр буолан хайаан да эрчиллэбит, сүүрэбит. Ол кэннэ бистэлиэттэрин кытта на удержание туран ытан саҕалыыллар. Буулдьанан ытыы оборудованиета «Сириус Аскор» диэн ааттаах, улахан күрэхтэһиилэргэ игин туттуллар. Оҕо булдьанан ыттаҕына, ханан таппыта тутатына компьютерга көрдөрөр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ буулдьанан ытыы күүскэ сайынна диэххэ сөп. Холобур,Чурапчы интернат-оскуолатыттан Федоров Ян диэн оҕобут буулдьанан ытыыга Россия сборнайыгар баар.
Женя Катакинов, 7 кылаас, Чурапчы: Буулдьанан ытыынан дьарыктаммытым 2 сылым буолла. 3 разрядтаахпын. Күҥҥэ иккитэ дьарыктанабыт. Лааҕырбыт наһаа үчүгэй, олус киэҥ барыта баар курдук. Манна кэлбиппиттэн астына сылдьабын.
Оттон саахымакка 10 оҕо дьарыктанар. Тренердара Ньургуйаана Николаевна Баишева, ХИФУ 3 кууруһун устудьуона. Күн аайы үс чаас дьарыктанабыт диэн оҕолор үллэстэллэр.
Айсен Троев 3 кылаас, Уус Алдан: Уус Алдан Туланытыттан кэллим. Саахыматынан 6 сааспыттан дьарыктанабын. Лааҕырга бэһэҕээ кэлбиппит уонна 22 күн сылдьыахтаахпыт. Минньигэстик аһаталлар, син оҕолору кытта билистим.
Айвар Колесов, 8 кылаас, Таатта: Саахыматынан 4-5 сааспыттан дьарыктанабын. Республикаҕа элбэтик миэстэлэһэччим. Манна тренербыт Ньургуйаана Николаевна үчүгэйдик дьарыктыыр. Күҥҥэ үс чаас дьарытанабыт.
Таһырдьа спортивнай былаһааккаҕа оҕунан ытыы уонна чэпчэки атлетика дьарыктара буолаллар эбит. Ох саанан ытыыга Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн тренер Ньургустаана Гаврильевна Сидорова уонна Таатта Ытык Күөлүттэн тренер Варвара Васильевна Никонова кэлэн үлэлии сылдьаллар.
Ньургустаана Гаврильевна Сидорова: Бэрдьигэстээх спортивнай оскуолатыгар тренерынан үлэлиибин. Манна икки тренер баарбыт. Таатта спортивнай оскуолтыттан Варвара Васильевна Никонова баар. Оҕолор күҥҥэ иккитэ дьарыктаналлар. Сарсыарда 9:30 бастакы дьарык уонна 16:30. Дьарыкпыт наар разминкаттан, сүүрүүттэн саҕаланар ол кэннэ 3 миэтэрэҕэ ытан саҕалыыллар. Дистанцияҕа ытыыга бүгүҥҥэттэн саҥа тахсан эрэбит. 23 оҕо дьарыктанар. Оҕолор охторо, ытар сыаллара барыта бэйэлэрин киэннэрэ.
Константинов Семен, 7 кылаас, Хаҥалас: Бүгүн саҥа кэллим. Ох санан 2-3 сылбын дьарытанабын. Бэйэм ох саалаахпын. Бастаан буулдьанан ытыыга киириэхпин баҕарар этим, ону убайым ох саанан дьарыктанарын билэммин ох сааҕа киирбитим.
Айыллаана Жараева, 6 кылаас, Таатта. Ох саанан дьарыктаммытым 1 сыл буолла. Ытарбын,дьарыктанарбын олус сөбүлүүбүн. Ыттахпына туох баар эмоциябын барытын таһаарар курдукпун. Тренербытын наһаа сөбүлүүбүт. Манна кэлбиппиттэн астына сылдьабын.
Попова Наташа, 6 кылаас, Дьокуускай: Иккис сылбын ох саанан дьарыктанабын, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр ситиһиилэрдээхпин. Манна бастакыбын дьарыктана кэллим. Күҥҥэ иккитэ дьарыктанабыт, сарсыарда уонна эбиэт кэннэ. Элбэх билэр подругаларым бааллар уонна однокласниктарым.
Чэпчэки атлетикаҕа Намнааҕы Н.С. Тимофеев аатынан олимпийскай эрэл спортивнай оскуолатын тренердара Эдуард Геннадьевич Дьяконов, Диана Дмитриевна Тартакынова кэлэн дьарыктыы сылдьаллар.
Тартакынова Диана Дмитриевна: Намнааҕы Н.С. Тимофеев аатынан олимпийскай эрэл спортивнай оскуолатыгар тренердыыбын. Дьокуускай куоратааҕы филиалга, Дохсуҥҥа дьарыктыыбын. Быйыл манна бастакыбын кэллим. Бэйэм 6 иитиллээччилэрбин илдьэ кэллим. Күммүтүн сарсыарда тураат да зарядкаттан саҕалыыбат, ол кэннэ 9:30 бастакы дьарыкпыт уонна 16:30 иккис дьарыкпыт саҕаланар. Кыра уонна орто группа оҕолоро бааллар.
Шевелев Эрнест, 6 кылаас, Дьокуускай: Сүүрүнэн икки сыл аннараа өттүгэр дьарыктанан саҕалаабытым. Сүүрэрбин, күрэхтэһиилэргэ кыайарбын, күүстээх дьарыктаах буоларбын наһаа сөбүлүүбүн. Республикаҕа уонна Уһук илиҥҥэ ситиһиилэрдээхпин.
Артем Попов, 6 кылаас, Дьокуускай: Сүүрүнэн дьарыктамытым 2,5 сыл буолла. Республикаҕа уонна Уһук илиҥҥэ ситиһиилэрдээхпин. Манна кэлбиппиттэн олус астынным. Бүгүн программированиеҕа уонна риторикаҕа дьарыктар буоллулар.
Ханнык баҕарар спордунан дьарыктанар оҕо аһыыр аһыттан, күннээҕи рационуттан күүскэ тутулуктаах. Ол туһунан Билим дьоҕус академия остолобуойун сэбиэдиссэйэ, Мария Николаевна Максимова үллэстэр:
Икки корпус остолобуойдарын иккиэннэрин салайабын. Оҕолору күҥҥэ биэстэ аһатабыт. «Завтрак», «обед», «полдник», «ужин» и «поздник». Бэлэм менюнан астыыбыт. Сарсыарда: бутерброд, хааһы уонна кэмпиэт эбэтэр печенье. Эбиэккэ: миин, торуой уонна салат уонна компот. Полдникка: мучной уонна молочка. Ужин: торуой уонна бутерброд эбэтэр барыанньалаах килиэп буолар. Поздникка: фрукта. Спортсменнар астара боростуой оҕолор астарынааҕар уратылаах. Полднигар уонна позднигар минньигэһэ элбэх буолар. Уонна киэһээ фруктаны элбэҕи биэрэбит. Аска аллергиялаах оҕолору учуоттуубут. Эрдэттэн төрөпүттэртэн ыйыталаһабыт. Оҕолор картофельнай пюрены уонна котлетаны, кууруссаны сөбүлэээн сииллэр.
«Спорт» хайысхатынан профильнай смена атырдьах ыйын 22 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар спордунан дьарыктанан, эт-хаан өттүнэн сайдан, араас предметтэргэ бэйэлэрин холонон көрөн, элбэх доҕоттордонон бириэмэлэрин туһалаахтык атааран, кэлэр үөрэх дьылыгар буолар күрэхтэһиилэргэ бэлэмнээх үктэниэхтэрэ.
Виктория Колодезникова