Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ. 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Уурааҕынан Өрөспүүбүлүкэ суверенитетын туһунан докумуон ылыныллыбыта.
Бу дириҥ суолталаах бырааһынньыгы биһиги оскуолабыт оҕолоро, учууталлара сыллата үөрэ-көтө бэлиэтиибит. Улуу Өлүөнэ турук хайаларын сирэйигэр ойууламмыт аттаах, дуоҕа тутуурдаах киһилээх гербэлэммиппит. Үрүҥ күннээх, күөх халлааннаах, үрүҥ, кыһыл, от күөх сурааһыннаах былаахтаммыппыт, Өрөгөй ырыаламмыппыт, Өрөспүүбүлүкэбитин салайар баһылыктаммыппыт. Бэйэбит сокуоммутун ырытан оҥорор Ил Түмэни тэриммиппит.
Дмитриева Елена Гаврильевна, төрөппүт.
Биһиги Саха сирин оҕолоро буолабыт, ол иһин дойдубут сайдыан баҕарабыт. Бары үөрэхтээх дьон буолан, төрөөбүт дойдубутугар туһаны аҕалыахпыт.
Тапталлаах Өрөспүүбүлүкэбитин бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит уонна бэйэбит айбыт хоһооммутун бэлэх уунабыт.
Дойдулартан эрэ улахан,
Тыйыс тымныы дьыбардаах,
Баай, кэрэ айылҕалаах,
Дьэҥкир, ыраас салгыннаах –
Мин дойдум, Сахам сирэ!
Манна төрөөн, улаатан,
Үөрэнэбит, сайдабыт.
Дойдубутун тупсарыахпыт,
Туһа киһитэ буолуохпут.
Сахабыт сирин таптыыбыт!
II «д» кылаас үөрэнээччилэрэ
(учуутал Анна Алексеевна Баханова).
Саха политехническэй лиссиэй, Дьокуускай