Россия Президенэ В.В. Путин дьаһалыгар олоҕуран, “Ленскэй кыраай” форумугар “Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьоҕурдаах оҕолорун өйүүр киин” (“Региональный центр выявления и поддержки одаренных детей в РС(Я)”) хайысхаламмыт маҥнайгы смената үлэтин түмүктээтэ.
Манна республикаттан талыллан кэлэн, сүүсчэкэ оҕо 21 күн устата, балаҕан ыйын 20 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри, математика, информатика, химия уонна физика предметтэригэр үөрэннибит.
Биһигини наһаа үчүгэй уһуйааччылар өйөөн-өйдөөн үөрэттилэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ — математика учуутала Николай Николаевич Николаев:
— Маҥнайгы профильнай смена ситиһиилээхтик ааста. Сүрүн сыалбыт: оҕолору буолаары турар олимпиадаларга бэлэмнээһин. Ол иһин урут суоттаан көрбөтөх садаачаларын быһаараммыт, элбэх саҥаҕа үөрэттибит .
Марианна Макаровна Третьякова, иитэр үлэ отделын салайааччыта :
—“Сириус” регионнааҕы киинин бастакы профильнай смената 21 күн устата ыытылынна. Барыта 90-тан тахса оҕо кэлэн дьарыктанна. Хас күн аайы 4-түү паараҕа үөрэнэн,
куруһуоктарга сылдьан, киэһэ аайы хамаанданан үлэни тэрийэн (командообразование), көрдөөх-нардаах оонньууларга кыттан, дуоһуйа астынан бардылар.
Киэһэтин оҕолор араас уһуйааннарга сылдьыбыттара: баайы, хор, туризм, о.д.а. Бу кулууптары Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара практика быһыытынан салайдылар. Кинилэр өссө баһаатайдаатылар уонна оҕолору программирование араас хайысхаларыгар үөрэттилэр (3D-моделирование, мультимедиа, GIMP программирование, о.д.а.).
Өрөбүл аайы куораттан ыалдьыттар кэлэн, эмиэ олус интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыттылар. Ол курдук, “Кэлэр кэм дипломаттара” диэн дьыалабыай оонньуунан лекция аахпыттара. ХИФУ “Студенческое Научное Общество” түмсүүтүн устудьуоннара научнай квест-оонньууну ыыппыттара. Эдэр учуонайдар Яковлев Айтал Игоревич “XXI үйэ историята”, Попов Евгений Николаевич “Занимательная акарология. Пауки” диэн лекциялары ааҕаннар, эдэр чинчийээччилэри үөртүлэр. Ырыаҕа анаммыт нэдиэлэҕэ Покровскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата кэлэн сэргэхситтэ.
Маны таһынан, биһиги оҕолорбут араас экскурсияларга сырыттылар: Өктөмҥө Үөрэхтээһин музейыгар, маҥнайгы президент М.Е. Николаев архыып-библиотекатыгар уонна Покровскай куоракка кыраайы үөрэтэр музейга. Учуутал күнүгэр Бэйэни салайыныы күнүн оҥорбуппут. Оҕолор барытын бэйэлэрэ, баһаатай көмөтө суох тэринэн, бэлэмнээн, бырааһынньыгы ыыттылар, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри “улахан дьон” буолан дьоһумсуйбуттара. Талааннар куонкурустарын эмиэ умнубаппыт, хайаан да ыытабыт. Манна кэлбит оҕолор өйдөрүнэн эрэ буолбакка, талааннарынан эмиэ чаҕылхайдар..
Ити курдук, бу үс нэдиэлэ иһигэр биһиги, араас улуустан, куораттартан кэлбит оҕолор, бары бииргэ олорон, бииргэ үөрэнэн, күлэн-үөрэн, кыыһырсыбыт да буоллахпытына, тута эйэлэһэн, бары биир тэҥҥэ оонньоон, эйэ дэмнээхтик сырыттыбыт. Күҥҥэ 8-тыы чаас үөрэннибит. Ол сылаалаах гынан баран, олус элбэҕи, саҥаны биллибит. Манна оскуолаҕа үөрэппэт тиэмэлэрбитин, уустук садаачалары өйдөтөллөр, хоруйдарын буларга, араас ньымалары туһанарга сүбэлииллэр. Ыарырҕаппыккын хос-хос суоттаан көрдөххө, чэпчэки буоларын быһаараллар .
Бастакы профильнай сменаҕа үөрэнэммин, мин бэйэбэр олус элбэх саҥа билиини арыйдым: математика олимпиадатын садаачалара оскуола программатыттан чыҥха уратылар эбит. Онтон информатика предметэ маҥнайгы көрүүгэ сүрдээх ыарахан курдук, ол гынан баран формулаларын үчүгэйдик өйдөөтөххө, киһи ыарырҕатара суох курдук. Уустук ыйытыы таба хоруйун булуу барыта бэйэбититтэн тутулуктаах эбит диэн өйдөөтүм.
Түмүккэ үс нэдиэлэ бииргэ алтыспыт доҕотторбутун кытары уйадыйа араҕыстыбыт, “Кэнэҕэс хайаан да көрсүөхпүт” диэн тылбытын биэрдибит. Салгыы бу курдук үчүгэйдик үөрэнэн, элбэх ситиһиилэннэхпитинэ, өрүү күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга, конференцияларга көрсөр буолуохпут. Учууталларбытыгар, баһаатайдарбытыгар махтанабыт, элбэх өйдөөх, талааннаах үөрэнээччилэри баҕарабыт!
Айталана Пухова,
Майаҕас орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.
Уус Алдан.