Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар Ил Дархан 2022 сылы Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылынан биллэрбитэ. Юрий Гагарин аатынан Култуура дьиэтигэр Ийэ сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бу күн өрөспүүбүлүкэ бастыҥ дьиэ кэргэттэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова чиэстээтилэр.
Бу иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев бириэмийэтин өрөспүүбүлүкэ биэс бастыҥ дьиэ кэргэнигэр туттарар эбит буоллахтарына, быйылгыттан анал ааттары 7 дьиэ кэргэн ылар чиэскэ тигистэ.
«Элбэх оҕолоох бастыҥ дьиэ кэргэн» аат Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан алта оҕолоох Татьяна уонна Михаил Игнатьевтарга туттарылынна.
«Төрүт үгэһи харыстыыр дьиэ кэргэн» — Александра, Дмитрий Егоровтар, Амма улууһа.
«Бастыҥ тыа сирин дьиэ кэргэнэ» — Марина и Спиридон Федоровтар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
«Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн» — Петр Васильевич уонна Светлана Устиновна Горбуновтар, Өлүөхүмэ улууһа.
«Көһө сылдьар дьиэ кэргэн» — Туйаара уонна Алексей Юмшановтар-Колесовтар, Эбээн-Бытантай улууһа.
«Элбэх оҕону ииппит дьиэ кэргэн» — Татьяна Ивановна уонна Николай Николаевич Петровтар, Өлөөн улууһа.
«Бастыҥ эдэр дьиэ кэргэн» — Айталина уонна Дмитрий Петровтар, Дьокуускай куорат.
«Бастыҥ дьиэ кэргэн-2022» Арассыыйатааҕы күрэҕин «Дьиэ кэргэн — үгэһи харыстааччы» анал аатын бочуоттаах дипломунан Чурапчы улууһуттан Светлана Георгиевна уонна Василий Николаевич Дьячковскайдар наҕараадаланнылар.
Маны таһынан «Бастыҥ дьиэ кэргэн-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылаахтара 300 тыһ. суумалаах сертификатынан наҕараадаланнылар.
Бу күн элбэх оҕолоох, общественнай олоххо көхтөөх ийэлэри наҕараадалаатылар. Сыанаҕа ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Ийэҕэ сүдү махтал» бочуот знак хаһаайына, 90 саастаах Герой-Ийэ Анна Михайловна Ущницкая түөрт көлүөнэтигэр арыаллатан тахсан, эҕэрдэ тылын эттэ.
Cиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru