Кылгас сайыҥҥа дьон оттоон, сир астаан, оҕуруот аһын үүннэрэн, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэр. Мин эбэлээх эһэбэр Сунтаар улууһун Маар-Куөл нэһилиэгэр сайылаатым. Сайыҥҥы битэмиинтэн эмиэ хаһаанным.
Маар-Күөлгэ сир аһын арааһа барыта кэриэтэ үүнэр: хаптаҕас, дьэдьэн, сугун, киис тиҥилэҕэ (Сунтаарга ыт тыҥыраҕа дииллэр), биэ эмиийэ (малина), моонньоҕон, отон. Мин ыт тыҥыраҕын уонна отону хомуйбутум. Отон күһүөрү үүнэр буолан, хомуйарга судургу: халлаан наһаа итиитэ суох уонна үөн-көйүүр аҕыйыыр.
Биһиги отонтон барыанньа оҥоробут, морс өрөбүт уонна ийэм бөрүөк астыырга туттар. Отон сир аһыттан биир саамай битэмииннээхтэрэ буолар. Кыраадыһын үрдээтэҕинэ, тымныйдаххына, морс эбэтэр отон барыанньалаах итии чэй тутатына көмөлөһөр. Үчүгэйдик аһаабат кыра оҕо кыра-кыралаан отон, барыанньа сии сырыттаҕына, аппетита үрдүүр. Ону таһынан иммунитеты бөҕөргөтөргэ, сүрэх ыарыытын сэрэтэргэ олус туһалаах. Отон аһа эрэ буолбакка, сэбирдэҕэ эмиэ туттуллар. Оргутан ис-үөс, бүөр ыарыытыгар тутталлар.
Отонно сии сылдьын, доруобай буолун!
Ааптар: Сайаана Иванова,
А.Г. уонна Н.К. Чиряев ааттарынан
Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 5 «г» кылааһын үөрэнээччитэ