Кулун тутар 15 күнүгэр оҕо-аймах кэпсээннэринэн таҥыллан тахсыбыт «Онус тоҕо?» кинигэ биһирэмигэр аналлаах ZOOM—конференция буолан ааста. Кэнпириэнсийэни Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Таатта улууһун Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Валентина Семеновна Кривошапкина иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьоҕус кинигэни Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын уонна литературатын учууталлара Валентина Семеновна Кривошапкина уонна Варвара Павловна Трофимова хомуйан оҥорбуттар. Харбалаах орто оскуолатын алын кылааһын учуутала С.Р. Иванова хас да сыл устата оскуола иһинэн Амма Аччыгыйын «Тоҕус төгүл тоҕо?» айымньытын үөрэнээччилэргэ чинчитинэн күрэс тэрийэн саҕалаабыт. В.С. Кривошапкина уонна В.П. Трофимова бу күрэһи өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһааран, хаста да тэрийэннэр, оҕолор бастыҥ айымньыларын таланнар, бу хомуурунньукка киллэрбиттэр. Күрэс кэмигэр 406 үлэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан кэриэтэ кэлбит. Оҕолор суруйар тиэмэлэрэ хааччаҕа суох буолан, олоххо көрсөр араас түгэннэрин толкуйдатар ис хоһоонноон суруйбуттара кэрэхсэммит. Кинигэ хайдах таҥыллыбытын туһунан В.П. Трофимова, куонкуруһу саҕалаабыт СӨ үтүөлээх учуутала С.Р. Иванова, кинигэ эрэдээктэрэ А.Н. Жиркова, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ В.В. Кривошапкин кэпсээн сырдаттылар.
Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ И.А. Сивцева, Таатта улууһун үөрэҕириитин салалтатын аатыттан М.Н. Луковцева суруллубут кинигэ күн сирин көрбүт үөрүүлээх тугэнинэн кэнпириэнсийэ кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр, хомуурунньук тахсарыгар үлэлэспит дьоҥҥо айымньылаах үлэлэрин иһин махтал тылларын эттилэр. Бу хомуурунньук Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын «Тоҕус төгүл тоҕо?» айымньытын салҕаан, оҕо-аймах ыраас, сырдык санаатын сурукка тиһэргэ, суруйар талаанын арыйарга суолдьут буоларын бэлиэтээтилэр, инникитин да маннык үтүө айымньылар үксүү туралларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.
«Улуу дьол ааҕарга баар. Эдэриттэн ааҕа үөрэммит эрэ киһи ол дьолтон үрдүк үөрүүнү сомсор», – диэн этэн турар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа. Бу курдук оҕолор айар талааннара күннэтэ сайдан истин, үтүө-мааны дьон буола үүннүннэр”, – диэн туран ыытааччы тылы хомуурунньукка киирбит айымньылар ааптардарыгар биэрдэ. Оҕолор бэйэлэрин айымньыларын кылгас ис хоһооннорун кэпсээтилэр уонна кинигэ тахсыбытыгар махталларын эттилэр, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо айымньылаахтык суруйарын, толкуйдуур талаанын сайыннарарын туһугар үлэлэһэр дьон баара олус үөрүүлээх. «Онус тоҕо?» хомуурунньук оҕо сахалыы дириҥ толкуйун, өйүн-санаатын, хомоҕой тылын-өһүн сайыннарарга төһүү буолла. Дьиҥ чахчы бэйэлэрин үлэлэригэр бэриниилээх учууталлар ис сүрэхтэриттэн иэйэн туран саха оҕотун сайыннарарга сыал-сорук оҥостон, бүтүн Саха сирин үрдүнэн оҕолор айан суруйар күрэстэрин ыыппыттара кэрэхситтэ. Кинилэр өр кэмнээх сыралаах үлэлэрин түмүгэр «Онус тоҕо?» кинигэ күн сирин көрдө. Бу курдук суруйуунан дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго айар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар төрүөт буолар күрэхтэр өссө да элбэхтик тэнийэн ыытылла туралларыгар баҕарабыт. «Онус тоҕо?» кинигэни ааҕарга ыҥырабыт уонна кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит тэрийэр бөлөххө махталбытын,ону тэҥэ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Суруйда Саргылана СВЕШНИКОВА.