Олоҥхо ыһыаҕа Нам улууһун киинигэр бэрт сэргэхтик ааста. Бу сайыны көрсөр үтүө бырааһынньык норуот тылынан баайын кытта хайдах ситимнээх эбитий? Биһиги өбүгэлэрбит үйэттэн үйэҕэ илдьэ сылдьыбыт олоҥхолоругар Ыһыах түҥ былыргы сиэрэ-туома барыта баар. Көхсүттэн көнтөстөөх, ол аата Айыылартан ситимнээх, саха омуга үрдүкү халлааҥҥа олорор Үрүҥ Аар Тойонтон быйаҥнаах дьылы, соргулаах олоҕу көрдөһөллөрө. Былыр да, быйыл да бу сиэр-туом үгэс быһыытынан толоруллар.
Бу күннэргэ Эҥсиэли хочотугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын туһунан суон сурах, кэрэ кэпсээн Саха сирин барытын тилийэ көттө. Ордук мааны тутуулары, тыыннаах кубалары, ыһыах арыллыытын, былыргылыы сиэри-туому тутуһууну сэҥээрбиттэр. Холобура, кэлбит ыалдьыты барытын итии миининэн күндүлээһини.
Саханы саха дэппит тимир уустара икки түүннээх күн көһөҥө таастартан тимир болгуону уулларан, күөттүүрүнэн итии уокка уһааран, таптайан, быһах оҥордулар. Уустар түһүлгэлэрэ улахан сэҥээриини ылыан ылла. Өссө манна кыргыттар тэбис-тэҥҥэ уһана сылдьаллара элбэх ыалдьыты сөхтөрбүт буолуохтаах.
Олоҥхо бухатыырын “Эр бэрдэ” күрэҕэр кыттааччылар автобус состулар, ыарахан таастары бириэмэҕэ үөһэ уурдулар, гиирэ бырахтылар, 250 киилэлээх ыйааһыны тастылар, таас көтөҕөн хаамтылар. Быыппастар былчыҥнаахтар күрэхтэригэр олохтоох бухатыыр Евгений Иванов кыайан, 400 тыһ. солкуобайынан наҕараадаланна. Тулагы “Геракла” Артём Ветров иккис буолла, кини 100 тыһ. солкуобайы тутта. Онтон эн улааттаххына Олоҥхо бухатыырын тэҥэ күүстээх-уохтаах буолуоххун баҕараҕын дуо? Элбэхтэ эрчилин, өбүгэҥ аһын аһаа, бэйэҕэр эрэллээх буол!
Оҕо аймахха анаан арыллыбыт былаһааккаҕа өбүгэлэр оонньуулара тэрилиннилэр. Кырачаннар олус астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, хото оонньоотулар. Манна булугас өй, түргэн туттуу, сымса толкуй элбэҕи быһаараллар. Оҕо биир эргииргэ биир-балтараа чаас барыыр. Биир кэрэхсэбиллээҕэ диэн – оонньуу барыта босхо.
Төһө да саха тылынан уус-уран айымньыта Аан дойду шедеврынан билиниллибитин, өрөспүүбүлүкэ салалтата бары кыаҕын ууран, үлэлэспитин үрдүнэн, дьон-сэргэ олоҥхону ылынарга ыксаабат. Оттон норуот баайын барҕардар, тилиннэрэр, салгыы сайыннарар, дьиҥэр, оҕолор. Үүнэр көлүөнэ хайдах ылынарыттан, иҥэринэриттэн, олоҥхо кэскилэ улахан тутулуктаах.
Ыһыахха олоҥхоһут оҕолор күрэхтэрэ элбэх кыттааччылаах, улахан тыҥааһыннаах буолла. Быыкаа эрдэхтэн уһуйааҥҥа, оскуолаҕа анаан үөрэппиттэр да бааллар, саҥа саҕалааччылар да элбэхтэр. Ыраахтан-чугастан номнуо элбэх ситиһиилээх, күүстээх куоластаах, артыыс талааннаах оҕо олоҥхоһуттар сырдык, киэҥ балаҕаҥҥа тоҕуоруһа муһуннулар. Кыттааччы олус элбэх буолан, күрэхтэһии үс күнү быһа буолла. Манна көрдөххө, олоҥхонон ордук уолаттар умсугуйаллар эбит. “Эн чахчы олоҥхону сэҥээрэҕин дуо? Эбэтэр дьонуҥ, учууталыҥ күһэйэллэр дуу?” – диэн үүйэ-хаайа тутабын. “Бэйэм сэҥээрэбин”, — дииллэр. Бука бары. Мин олус сөхтүм уонна үөрдүм.
Оҕолоор, олоҥхо омос көрдөххө, ыарахан, уустук курдук. Ис-иһигэр киирдэххэ, олус интэриэһинэй эбит. Киһи иһиттэр истэ олоруон курдук. Күрэхтэһии кыттыылаахтара этэллэринэн, олоҥхо киһи өйүн (память), айар дьоҕурун, кыаҕын сайыннарар.
Гермагенова Зарина 9 саастаах, Нам сэлиэнньэтин «Түөлбэ» оҕо киинигэр үҥкүүгэ уонна «Дьырылы» фольклор куруһуогар дьарыктанар. Кыысчаан таайа Көстөкүүн Тихонов олоҥхолуурун батыһа сылдьан истэр эбит. Константин Никонович «Олоҕум оһуора — олоҥхо», «Хоммут уоһу хоҥнордоххо» диэн кинигэлэрдээх. Сиэн балта кини туйаҕын хатаран олоҥхонон умсугуйан дьарыктанар. Уһуйаантан ыллыыр, үҥкүүлүүр. Кыысчаан олоҥхону үөрэтэр уустуга суох диир, тоҕо диэтэр кини остуоруйа курдук. Ыарахан тиэкистээх да буоллаҕына, оҕо ойуулаан көрөр дьоҕура сайдар. Зарина ийэтэ олоҥхонон оҕо өйүн, толкуйун сайыннарар кэбэҕэс, итиэннэ кыра киһи үрүҥү-хараны араара үөрэнэр диир.
Новиков Артем эмиэ Нам «Түөлбэтигэр» олоҥхонон, хомуһунан дьарыктанар. Ону тэҥэ спортивнай оскуолаҕа тустуу сиэксийэтигэр сылдьар. Былырыын Соколова Э.Ф. аатынан «Олоҥхону олук оҥостон» диэн күоэхтэһиигэ көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта уонна «Саҥа аат» номинация хаһаайына буолбута. Артем олоҥхону толороругар ордук Бухатыыр уол ырыатын сөбүлүүр. Оччоҕо кини санаатыгар сүрдээх күүстээх, аптаах аттаах, куйахтаах-батастаах, Айыы аймаҕын көмүскүүр үтүө сүрэхтээх буулаҕа бухатыыр буола түһэр.
Степанова Ганна Алдан Хатыстыырыттан кэлэ сылдьар. Төрөөбүт тылынан нимнгакан диэн эбэҥкилии олоҥхо курдук эпоһы толордо. Дэвэлчэн бухатыыр балтын абааһылар уоран илдьэ бараллар. Онно үс төбөлөөх моҕой кыыл баар. Эмиэ олоҥхоҕо курдук кыыллар дьоҥҥо, дьон кыылга кубулуйаллар, табалар киһилии саҥараллар. Ганна эбэҥкилии тылын нимнгакан нөҥүө дириҥник үөрэтэр. Күннээҕи олоххо ийэтиниин төрөөбүт тылынан кэпсэтэр. Инньэ гынан кини түөрт тылы тэҥинэн үөрэтэр: эбэҥки, саха, нуучча уонна английскай.
Чурапчы Сылаҥын чиэһин көмүскээбит уол Николаев Олег Дьокуускайга олорор. Кини нуучча оскуолатыгар үөрэнэр. «Иккис кылаастан сахалыы тылынан саха оҕолорун кытта үөрэниэхпин баҕарабын диэн туруорсан, эдьиийбэр олорон Сылаҥҥа үөрэммитим. Олоҥхо куруһуогар дьарыктаммытым. Кэлин эдьиийим куоракка үлэлии кэлэр буолан, куораппар төннүбүтүм. Бэйэм дьарыктанар буоламмын, таһымым быйыл лаппа мөлтөөтө», — диэн кэпсиир. Салайааччыта — Л.С. Сивцева. Олоҥхонон үлүһүйүү киһиэхэ ылынар өйө (память), тыла-өһө сайдарыгар улаханнык көмөлөһөрүн этэр. Олег абааһы уол ырыатын толорорун ордорор. «Тоҕо диэтэр кини куолаһын, ырыатын төһө баҕар уларытыахха сөп», — диир. Технология куруһуогар сылдьар, маһынан уһанар, сөбүлүүр уруоктара — математика уонна физкултуура.
Олоҥхо күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүүттэн Аянитов Никита буолла. Кини «Океан» лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаланна. Уопсайа сүүстэн тахса оҕо кытынна. Оттон бөлөҕүнэн күрэхххэ Ньурбатааҕы «Арыллыы» кэлэктиибэ бастаан, 25 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэннэ.
Ааптар: Мария Корякина