Ааспыт бээтинсэҕэ “Крафт” устуудьуйаҕа истиҥ көрсүһүү ааста. Онно оҕону сахалыы иитиэн-үөрэтиэн баҕалаах төрөппүттэр муһуннулар. Маны уопсастыбынньык ийэлэр, анал специалистар иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кэпсэтии сүрүн ис хоһооно оҕоҕо төрөөбүт эйгэни иҥэрии туһунан буолла. Буоларын курдук кыһалҕа биир:
— Оҕом үһуйааҥҥа баран сахалыы саҥарбат буолла.
— Дьиэтигэр сахалыы-нууччалыы булкуйан саҥарар.
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс төрөппүт наар итинник диир. ⠀
Ол эрээри, бу көрсүһүүгэ кэлбит спикердэр оҕону иитии туһунан бэйэлэрин санааларын, билиилэрин үллэһиннилэр.
Вилюяна Никитина «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү салайааччыта:
— Оҕо биэс сааһыгар диэри төрөөбүт тылын үчүгэйдик ылынар. Итини баһылаатаҕына, атын омук саҥатын үөрэтэригэр күчүмэҕэйи көрсүбэт. Кини “билингв” буолар.Ийэ тылынан саҥара үөрэммит оҕо мэйиитэ сайдар. Математикаҕа, логикаҕа сыстыгас буолар.Төрүт ситими тутан тирэхтэхтэнэр. Куһаҕан дьаллыкка ылларбат.
— Оҕолорбун дьарыктыыр түөрт ньымалаахпын:
- Бастакынан, оҕом нууччалыы саҥардаҕына, ону сахалыы тылбаастыыбын уонна хатылатабын.
- Иккиһинэн, кинигэни ааҕыы. Күн өрүү–өрүү ааҕабыт. “Бичик”кинигэлэрин барытын аахпыппыт.
- Үсүһүнэн, оонньуу. Холобур, “ыаллаах”,“быраастаах”. Оонньуур кэммитигэр сахалыы эрэ саҥарабыт.
- Төрдүһүнэн, бииргэ тугу эрэ оҥоробут. Ас астыырбар тугу гынарбын саҥаран иһэбин :“Быһаҕы ыллым”, “килиэби быстым” уо.д.а
Василина Попова (Гуманнай педагогика академията) :
— » Эн кимҥиний?»— диэн ыйыттахха: «Сахабын»,- диэн эппиэттиирин оҕо өйдүөхтээх. Ис иһиттэн итини дириҥник билиэн наада
Оҕо сүрүн эйгэтэ — оонньуу. Биһиги бары оонньоон улааттахпыт дии. Оонньууга оҕо инники олоҕун оҥостор өйө –санаата көстөр. Онон төрөппүт оҕону кытта хайаан да, оонньуохтаах.
Кырачаан киһи төрүөҕүттэн кэрэни, саҥаны билиэн-көрүөн баҕарар. Ютубу көрөр оҕо итинник дьоҕура сабыллан хаалар. Бэлэми эрэ үтүктэртэн атыны сатаан толкуйдаабат буолар. Моториката, саҥарар саҥата сайдыбат.
Елена Копырина, филология наукатын кандидата, сахалыы күннүктэр, «Истиҥ» диэн сахалыы биэрии ааптара :
-Оҕолорбун кытта күннээҕи сонуну сахалыы үллэстэбит. Дьиэбитигэр эбэ, эһэ үтүө сабыдыала улахан. Сахалыы араадьыйа, НВК ханаал мэлдьи холбонон турар. Онон төрөөбүт эйгэни куруутун тутан сылдьабыт.
Уолум сахалыы тылынан ыытыллар кэмпириэнсийэлэргэ кыттар. Онуоха сахалыы саҥата байар, дьонтон толлубат буолар. Дьиэ кэргэн ханнык тылынан саҥарара ийэттэн тутулуктаах. Эр киһи кэргэнэ этэрин истэр.
Наталья Хабытаева, «Радуга» реабилитация киинин логопеда:
— Саха оҕото олус симик. Саныыр санаатын эппэт, иэйиитин сирэйигэр көрдөрбөт. Ол иһин оҕону сахалыы саҥарар логопедка көрдөрүөх тустааххыт. Оҕо үс сааһыттан атын эйгэҕэ дөбөҥнүк көһөр. Ол төрүөтэ биир – оонньуур эйгэтигэр түргэнник сыстыан баҕарар. Бэйэтин тылынан саҥарара киниэхэ мэһэй курдук буолар.
Төрөөбүт тылынан саҥарбат буолуу икки өрүттээх. Бастакынан, иитии мөлтөҕө. Холобур, Ютуб оҕолоро. Кинилэр бэлэми көрө үөрэнэн, толкуйдуохтарын баҕарбаттар.
Иккиһинэн, мэйии үлэтин кэһиллиитэ- болҕомто мөлтөҕө, саныыр дьоҕур сайдыбатаҕа. Маннык оҕолор тас дьайыыны түргэнник ылыналлар. Холобур, нуучча тыла олус «эмоциялаах». Тугу саҥарбыттара сирэйдэригэр көстө сылдьар. Онон оҕо түргэнник уларыйа сылдьар майгыланар.
Оҕоҕо төрөөбүт эйгэни оҥоруу уонна сахалыы эйгэҕэ иитии дьиэ кэргэниттэн лаппа тутулуктаах.
Ааптар: Ульяна Павлова.