Бу түбэлтэ, арааһа, 4 саастаахпар буолбута быһыылаах. Бэйэм онон–манан өйдүүрбүнэн сылыктаатахха…
Ол саҕана дьоммун кытта дэриэбинэҕэ эбээлээхпитигэр олоро сылдьыбыппыт. Кыра быраатым төрүү илигэ, онон оҕолор эмдэй–сэмдэй үс кыыс этибит. Мин кыраларабын. Эдьиийдэрим 6-7 саастаахтар.
Арай биир киэһэ дьоммут бары киинэҕэ кулуупка бардылар. Эбэм эмиэ барбыт этэ. Кини улаханнык киинэҕэ сылдьыбат этэ, арааһа, индийскэй киинэ буолан барыстаҕа. Дьиэҕэ бэйэбит эрэ хаалбыппыт. Дьэ, оонньуу–көрүлээһин бөҕө. Ыаллаах эҥин диэн быһыылааҕа. Дьиэ киирэр аанын диэки оҥкучах баара. Ол ааны «оҕуруот буоллун» диэн буолла. Мин оҕуруокка уу кутааччы буоллум. Бастаан сымыйанан уу кута сылдьан: «Маннык соччото суох эбит. Дьиҥнээхтик уу кутуохха» — диэн баран, билээгэттэн муус уутун ылан дьиҥнэхтии (!) кутааччы буоллум. Уу тута халыс гыннаҕа дии. «Тугу гынабыт?»,- диэн эдьиийдэрим мунаахсыйан турдахтарына, мин өй угааччы буоллум: «Дьиэ устун барытыгар кутуохха, оччого өйдөөн көрүөхтэрэ суоҕа». Билигин сөҕүөм иһин, эдьиийдэрим маны ылыммыттар. Уонна, дьэ, үлэ – хамнас күөстүү оргуйбут. Билээгэ уута бүтүөр диэри, дьиэҕэ барытыгар кутан кэбиспиппит.
Онтон киинэ бүтэн, дьоммут тиийэн кэлбиттэр: ийэлээх аҕам, эбээбит, ийэм балта учуутал кыыс уонна таайбыт киномеханик уол. Кэлбиттэрин чаҕылхайдык өйдүүбун: аан аһылла биэрдэ, кыһыҥҥы дьыбардаах киэһэ тымныы тыына бурҕачыйан киирдэ уонна… дьоммут ааҥҥа туралларын. Онтон хайдах киирбиттэрин, дьиэни хомуйбуттарын, мөхпүттэрин — өйдөөбөт эбиппин. Ол мин, кыра киһи, наһаа да мөҕүллүбэтэҕим да буолуо. Төһө да «идейнай» тэрийээччи буолбутум иһин…
Билигин бэйэм сиэним быһыылыын–майгылыын үүт-үкчү бэйэм курдук! «Дьэ, туох күүтэрэ буолуой», — дии саныыбын ардыгар…
Кыдана Дорофеева, Н.И. Протопопова аатынан оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар «Кэскил» киинин «Репортер» медиа – киин салайааччыта.
Бүлүү к.