“Айыы Кыһата” национальнай гимназия V “Б” кылааһын үөрэнээччитэ Ньургун Кононов 5 сааһыттан араас таабырыннары айар. Онон дьиэ кэргэнэ, аймахтара түмсэ түстүлэр эрэ сынньалаҥҥа Ньургун таабырынын таайалларын сөбүлүүллэр. Аны эһиги бу таабырыннары таайан көрүҥ.
«Таабырын — киһи толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннарар уус-уран айымньы биир бастыҥ көрүҥэ. Таабырыны айар уустук. Хас биирдии тыла суолталаах, наадалаах. Манна көстүүнү, биридимиэти туохха эрэ сыһыаран, майгыннатан, таайтаран этэҕин»,- диэн быһаарар Ньургун.
— Кимтэн да туохтан да ыйыппат бэйэтэ барар баар үһү.
— Халлааҥҥа олус улахан тыас тыаһыыр үһү.
— Араас дойду туһунан кэпсиир баар үһү.
— Барытыгар батары киирэр уһук баар үһү.
-Ууга төрүүр да, ууттан куттанар баар үһү.
-Олус минньигэс эрээри, киһиэхэ туһата суох баар үһү.
— Биир төбөлөөх, биир атахтаах киһи баар үһү.
— Биир хомуос халлааҥҥа ыйанан сытар үһү.
— Сэттэ оторой-моторой бырааттыы уолаттар бааллар үһү.
— Киһи уон көмөлөһөөччүлээх үһү.
— Хаһан да ааҕыллан бүппэт баар үһү.
Таайыытын тылы кэнниттэн аахтаххытына, билиэххит: эмэириб, ҥитэ, рэсиибэлэт, оҕоһот, суут, рахаас, йэллэт, йы, эрэннүк элэидэн, ратхабрат, сулус.
Бэлэмнээтэ: Таисия Алексеева