28-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада быйыл эмиэ, былырыыҥҥы курдук, хамсык хааччахтааһынынан сибээстээн онлайн-эрэсииминэн ыытыллар. Билиҥҥитэ оҕолор икки күннээҕи сорудахтары толорууларын түмүгүн таһаарар бэрэбиэркэлиир үлэ ыытылла турар. Быйыл оҕолор математика, физика уонна информатика олимпиадатын суруйдулар. Барыта 250-тан тахса оҕо кыттыыны ылла.
Холобур, былырыын ыытыллыбыт олимпиада математика эрэ биридимиэтигэр буолбута. Быйыл эмиэ онлайн нөҥүө ыытыллар буолан, прокторинг диэн систиэмэ көрүүтүнэн быһа сибээскэ холбонон, кыттааччылары дьүүллүүр сүбэ видео уонна аудио сибээс нөҥүө көрөн олордулар. Быйылгы 28-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада күрэҕэр Арассыыйа эригийиэннэриттэн, Казахстантан, Румынияттан, Болгарияттан, Индонезияттан, Ирантан уо.да атын дойдулартан кыттыыны ыллылар.
Биһиги М.К.Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика үнүстүтүүтүн математика анаалыһын кафедратын доценын, ХИФУ учуонайдар Сэбиэттэрин учуонай сэкирэтээрин Евгений Федорович Шарины көрсөн кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн, Евгений Федорович! Математика олимпиадата хайдах ыытылла турарый?
— Математика олимпиадата улахан уонна кыра саастаах оҕолор диэн икки лиигэнэн ыытыллар. Улахан лигаҕа 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, сорох дойдуларга 12 кылааска үөрэнэр оҕолор кытталлар. Онтон алын сүһүөх кылаастара кыра лиигэ иһигэр киирэллэр. Сылын аайы буоларын курдук, математика олимпиадатыгар уопсайа 100-тэн тахса кыттааччы баар.
— Онтон олимпиада сорудахтарын кимнээх толкуйдаан таһааралларый?
— Математика олимпиадатын сорудахтарын биһиги бэрэпиэссэрбит, Саха наукатын академиятын вице-президиэнэ, физика уонна математика наукаларын доктора Сергей Вячеславович Попов бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа оҥорон таһаарар. Манна Санкт-Петербург куоракка үлэлиир биһиги биир идэлээхтэрбит Александр Сергеевич Голованов, Санкт-Петербургтааҕы математика-мэхээньикэ бакылтыатын доцена Константин Петрович Кохась, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, биир кэмҥэ кыттааччы быһыытынан сылдьыбыт күүстээх олимпиадник, Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрситиэт преподавателэ Надежда Юрьевна Власова киирдилэр. Сорудахтар сылын аайы интэриэһинэй, этэргэ дылы, туох эмит уратылаах буолаллар, хаһан да бэйэ-бэйэлэрин кытары хатыламматтар. “Туймаада” олимпиадаҕа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын эдэр састааба кыттыыны ылар. Онон бу олимпиада оҕоҕо кынат анньар былаһаакката буолар. Атын судаарыстыбалары ылар эбит буоллахха, сорох-сорохторго биһиги “Туймаада” олимпиадабыт киирии эксээмэни туоруурга, үөрэххэ киирээһиҥҥэ улахан оруолу оонньуур.
— Ханнык дойду элбэх хамаанданы туруорарый?
— Сылын аайы саамай элбэх кыттааччылаах уонна күүстээх хамаанданы өрүүтүн Казахстан хамаандата туруорар. Сорох сылларга биһиги республикабыт кыттааччыларыттан таһыччы элбэх буолааччы. Быйыл хамаандалар араа-бараа, састааптара тэҥ соҕус.
— Евгений Федорович, дьэ, оччотугар олимпиадабыт чааһыгар киирэр эбит буоллахха, олимпиада хайдах ыытылларый?
— Кыттааччылар икки күн устата сорудах толорооһунугар биэстии чаас олороллор. Онно кинилэр эбиискэ түөртүү садаачаны суоттууллар. Прокторинг диэн систиэмэ нөҥүө, ол аата видеонан уонна аудионан холбонон, ХИФУ moodle систиэмэтигэр сорудахтары толороллор. Ол ону биһиги, дьүүллүүр сүбэ көрөн олоробут, маны таһынан биһиэхэ көрөн олорооччулар (наблюдателлэр) көмөлөһөллөр. Ол аата хас биирдии оҕо суруйа олорорун кэтээн, биир бириэмэҕэ бары көрө-истэ олоробут. Кыттааччы тугу суоттуура, тугу толоро олороро экран нөҥүө көстө турар. Биэс чаас устата суоттаабыттарын кэннэ, оҕолор тута үлэлэрин сканердаан баран биһиэхэ ыыталлар.
— Онтон үлэлэр бэрэбиэркэлэрэ хайдах ааһан эрэрий?
— Биһиги көрөрбүтүнэн, ыарахан садаачалары алын сүһүөх кылаас оҕолоро олус көхтөөхтүк суоттаабыттар. Улахан кылаастар садаачалара арыый ыарахаттар, баҕар ол да иһин буолуо, арыый аҕыйах оҕо суоттаабыт. Кыра кылаастар үөрэнээччилэрэ суоттаабыттара биһигини үөрдэр эрэ, тоҕо диэтэххэ хаһан баҕарар кыра саастаах оҕолор элбэҕи суоттуур буоллахтарына, ол аата кинилэр интэриэстэрэ сүтүө суоҕа, эһиил даҕаны кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит.
— Түмүк онтон хаһан биллэрий?
— Дьүүлүүр сүбэҕэ 14 киһи үлэлии сылдьар. ХИФУ-тан, Санкт-Петербург үнүбэрситиэтиттэн, математика уонна информатика үнүстүүтүн, СӨ наука алын академиятын преподавателлэрэ, республиканскай лицей учууталлара бааллар, ону таһынан бэйэлэрэ урут оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Туймаада” олимпиадатыгар кыттыбыт, миэстэлэспит үчүгэй көрдөрүүлээх устудьуоннар бааллар. ХИФУ эрэ устудьуоннара буолбакка, МГУ-тан эмиэ бааллар. Ити курдук биһиги үлэбитигэр саҥаттан саҥа эдэр ыччаты ыҥыран көмөлөһүннэрэбит. Түмүгү үс күн устата бэрэбиэркэлээн баран, маҥнай эрдэтээҥҥи түмүгү таһаарабыт. Сорох оҕолор үлэлэрин омук тылынан, ол аата бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан суруйаллар, ону булгуччу тылбаастаан баран ыыталлара ирдэнэр. Онтон бастааҥҥы түмүгү оҕолор көрөн баран, “сөпсөспөппүт” диир буоллахтарына, «апелляция» биэриэхтэрин сөп. Бу өрөбүллэргэ маҥнайгы түмүктэр биллиэхтээхтэр, онтон бэнидиэнньиккэ-оптуорунньукка тиһэх түмүк тахсыахтаах.
— Былырыыҥҥы олимпиада түмүгүн өссө биирдэ санаан ааһыаххайыҥ эрэ, хайдах этэй?
— Былырыын математика эрэ олимпиадата буолбута. Хамсык хааччахтааһынынан сибээстээн, онлайн хайысха нөҥүө атын биридимиэттэр сатаан кыайан кыттар кыахпыт суох диэн аккаастаабыттара. Дьиҥинэн, сылын аайы биһиэхэ түөрт биридимиэккэ олимпиада ыытыллар: математикаҕа, информатикаҕа, физикаҕа уонна химияҕа. Холобур, химияҕа кыттааччылар экспердэр көрөн турдахтарына уопуттары оҥоруохтаахтар. Быйыл химиктэр сатаан онлайн хайдах да ыыппаппыт диэбиттэрэ. Ол иһин быйыл кыттыбатылар. Былырыын олимпиада математика эрэ биридимиэтигэр буолан, кубуотатын элбэх оҥорбуппут, 150-тэн тахса оҕо кыттыыны ылбыта. Математика олимпиадатыгар сылын аайы Румыния уонна Казахстан оҕолоро үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Арассыыйаттан Санкт-Петербург оскуолаларын үөрэнээччилэрэ үчүгэйдик кыттыыны ылбыттара. Биһиги бэйэбит оҕолорбутугар эмиэ эрэлбит улахан.
— Евгений Федорович, түмүккэ баҕа санааҥ.
— Биһиги олимпиадабыт сылын аайы ыытылларын быһыытынан кыра саастаах оҕолор лигаларыгар кыттыбыт үөрэнээччилэр эһиил эмиэ хайаан даҕаны кыттыыны ылыахтара диэн улаханнык эрэнэбит. Онтон улахан лига оҕолоро, быйыл оскуоланы бүтэрээччилэр, этэҥҥэ баҕарбыт үөрэххитигэр киирэн, этэргэ дылы, салгыы олоххо бэйэлэрин суолларын булан, үрдүк таһымнаах исписийэлиистэр буола үүнэргитигэр баҕарабын. Олимпиада кыттааччылара диэн барыта талыллан, сүүмэрдэнэн ылыллыбыт оҕолор, ол аата бу оҕолор бары кыайыылаахтар: саамай булугастар, түргэн өйдөөхтөр, сытыы толкуйдаахтар уонна кыахтаахтар. Хамсык хааччаахтааһына суоҕа эбитэ буоллар, кыттааччылары барыларын түмэн, оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытары билсэр, кэпсэтэр, сайдар усулуобуйаларын тэрийэр баҕа санаалаах этибит. Эһиил, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, оҕолорбутун сайын барыларын мунньуохпут. Олимпиада диэн син-биир күрэх, ол иһин ким эрэ кыайар, ким эрэ бириистээх миэстэҕэ тиксибэт, ол эрэн биһиэхэ олимпиада кыттааччылара бары кыайыылаахтар!
— Евгений Федорович, кэпсэтииҥ иһин махтанабыт. Ситиһиилэри!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.
Ааптар хаартыскалара.