Тохсунньу 12 күнүгэр биһиги нэһилиэккэ дьоро күн үүннэ. Ол курдук, норуодунай суруйааччы Дмитрий Федосеевич Наумов кэлэн ыалдьыттаата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Алампа аатынан бириэмийэ лауреата ааспыт 2022 сылга норуодунай суруйааччы аатын сүкпүтэ.
Дмитрий Федосеевич Күннүк Уурастыырап аатынан сквергэ сылдьан, суруйааччы өйдөбүнньүгэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда, оскуола музей-кабинетыгар сырытта. Итиэннэ Е.А. Захарова аатынан култуура дьиэтигэр ааҕааччылары кытта көрүстэ.
Көрсүһүү бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ааста. Бастаан 7 кылаас үөрэнээччитэ Эрчим Николаев Күннүк Уурастыырап хоһоонун уус-ураннык аахта. Ол кэнниттэн «Эйгэ» олохтоох театральнай түмсүү (салайааччы Айтал Альбертович Соловьев) “Өлөҥнөөх суоната” диэн испиктээхтэн быһа тардыыны чаҕылхайдык оонньоон көрдөрдө. Нэһилиэк баһылыга Бубякин Прокопий Петрович, оскуола директора Захаров Гаврил Дмитриевич эҕэрдэ тыл эттилэр. Дмитрий Федосеевиһы кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Гаврильев Алексей Ильич ахтыытын дьон сэҥээрэн иһиттэ. Дьэ ити кэнниттэн Миитэрэй Наумов ааҕааччыларын кытта атах тэпсэн олорон, наҕылыччы кэпсээнин тардан кэбистэ, киһи иһиттэр-истэн олоруох, бииртэн-биир тиэмэни — саха чулуу дьонун туһунан, айымньыларын суруллубут устуоруйатын, инники былааннарын, сүөһү иитиигэ, бурдук ыһыыга тиийэ — хааһахтан хостуур курдук, тимэҕэ сөллөн кэпсии олордо, ыйытыыларга хоруйдаата. Түмүккэ суруйааччы көтөх муҥунан бэйэтин кинигэлэрин “Чуораанчык” уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа бэлэх туттарда. Нэһилиэк баһылыга харчынан сертификат, куулунан Эмис аатырар соботун бэлэхтээтэ. Итиэннэ Дмитрий Федосеевичка “Эмис киэн туттуута” (“Гордость наслега”) диэн бэлиэни туттарда.
Көрөөччүлэр бары олус астынан, өрө көтөҕүллэн тарҕастылар. Суруйааччыны кытта көрсүһүүнү тэрийбит олохтоох библиотекаҕа (сэбиэдиссэй Прасковья Романовна Бубякина), олохтоох салалтаҕа (баһылык Бубякин Прокопий Петрович), кулууп коллективыгар (директор Иванова Анжелика Александровна) барҕа махталбытын тиэрдэбит.
“Кэскил” медиа-киин, Эмис орто оскуолата.