Гимназиябытыгар үгэс буолбут “Знание – сила” кэмпириэнсийэ буолла. Оҕолор бииртэн биир интэриэһинэй үлэлэри билиһиннэрбиттэр. Бары олус бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Ол туһунан эдэр чинчийээччилэри кытта сэһэргэстибит.
Александр Григорьев, VIII «А» кылаас:
– Мин нейро-ситими чинчийдим. Бэйэм санаабар, этэҥҥэ аахтым, үчүгэйдик кытынным. Билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх тиэмэни талбыппын диэн түмүккэ кэллим. Тоҕо диэтэххэ, нейро-ситим туһата элбэх, туохха барытыгар көмөлөһөр. Медицинаҕа, экономикаҕа, үөрэххэ да туттуохха сөп. Холобур, үөрэххэ уруок тиэмэтин өйдөтүөн сөп. Оннооҕор эксээмэннэргэ бэлэмнэнэргэр туһаныаххын сөп.
София Гоголева, VIII «А» кылаас:
– “Вред и польза косметики, бьюти процедур” диэн тиэмэҕэ дакылаат суруйдум. Үчүгэйдик кытынным дии саныыбын. Косметика киһини тупсарар уонна ураты оҥорор. Ол гынан баран, тириигин хатарыаҥ, аллергиялатыан сөп. Ол иһин мээнэ-мээнэ косметиканан соттуо суохтаахпыт. Олус элбэҕи тутуннаххына, доруобуйаны буортулуон сөп. Бэйэҕитигэр, тириигитигэр үчүгэйдик барсар, куһаҕан эбилигэ суох косметиканан сотто сатааҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Алеша Сивцев, IX «А» кылаас:
– Дакылаатым аата «Использование VR-технологий в разработке национальных игр» диэн. «Unity» бырагыраамаҕа VR-технологиянан оонньуу оҥордум. Хабылык, хаамыска, тырыыҥка курдук өбүгэлэрбит оонньууларын көмпүүтэр оонньуутугар киллэрдим. Бу тиэмэни инники идэбэр көмөлөһүөҕэ диэн талбытым. Гейм-дизайнер буолуохпун баҕарабын. Тиийимтиэ гына үчүгэйдик кэпсээтим дии саныыбын.
Эспиэрдэри, истээччилэри интэриэһиргэтэр туһугар, улаханнык, чуолкайдык саҥарарыҥ ордук. Уонна тиэмэҕин биэс тарбаҕын курдук билэриҥ наада.
Кэмпириэнсийэҕэ чинчийэр үлэҕэ үгүс ситиһиилээх үөрэнээччилэрбит эспиэрдэринэн үлэлээтилэр.
Анна Захарова, XI «В» кылаас:
– Мин санаабар, кыра кылаастар олус үчүгэйдик аахтылар, онтон улахаттар өссө үлэлэһиэхтэрин наада. Саамай сөбүлээбит дакылаатым — Айтал Бурцев «Ытык Ильмень муос баллада» үлэтэ. Тоҕо диэтэххэ, кини эһэтэ Сергей Васильев-Борогонскай айымньытын сэлии муоһугар түһэрэн ойуулаабытын чинчийбит. Олус кэрэхсээтим.
Мин бэйэм саха филологиятыгар дакылаат суруйар этим, онон краеведение, история, генеалогия, музееведение хайысхалаах үлэлэри истэр ыарахан соҕус буолла. Сыаналыыр олус эппиэтинэстээх.
Оҕолорго сүбэлиэм этэ. Аҕыйах күн хаалбытыгар суруйан саҕалаабат ордук. Бэйэҥ сөбүлүүр тиэмэҕин талыаххын наада. Оччоҕо суруйарга чэпчэки буолар. Кыра кылаастан саҕалаатахха онус, уон биирис кылаастарга дьоҕуруҥ сайдар, кыаҕыҥ улаатар, барытыгар үөрүйэх буолаҕын. Устудьуоннуу бардаххына суруйар, ырытар сатабылыҥ үгүстүк көмөлөһүөн сөп. Өссө чинчийэр үлэнэн дьарыктанан элбэх сири-дойдуну көрүөххүн сөп.
Кэмпириэнсийэ олус үчүгэйдик ааста дии саныыбын. Оҕолор бары дакылааттарын үрдүк таһымнаахтык көмүскээтилэр. Маннык тэрээһиннэр өссө да буоллуннар диэн баҕарабын. Инникитин мин эмиэ кыттыам, чинчийэр үлэнэн умсугуйа дьарыктаныам.
Айыына Куо ПОПОВА, V кылаас, «Тумус кыһа» медиа-киин
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията