Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас сылын аайы ыытыллар «Абака» математическай оонньуу 5-6 кылаастар икки ардыларыгар буолан ааста. Манна хас биирдии оскуола хамаанда туруорар. Хамаанда састаабыгар икки оҕо бэһис, үс оҕо алтыс кылаастан талыллар.
Дьокуускай куорат үрдүнэн — 87 хамаанда, Саха сирин үрдүнэн — 125, Тыва Республикатыттан — 24 хамаанда кытыннылар. Сунтаарга хас да былаһааккаҕа арааран ыыттылар.
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолата лицей былаһааккатыгар түбэстэ. Онно барыта 8 хамаанда күөн көрүстэ. Түмүгэр Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын хамаандата үһүс бириистээх миэстэҕэ түбэстэ, хамаанда састаабыгар бааллар: Лиза Семенова, 5-б, Коля Аммосов, 5-в, Антон Петров, 6-б, Айтал Семенов, 6-б, Сергей Николаев, 6-г.
Кыттыыны ылбыт оҕолорго эҕэрдэ ыытабыт, оттон кыайыылаахтарга ситиһиини баҕарыбыт!
Медиакиин эдкордара, Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата.