Тыа сиригэр эдэр дьон олохсуйан, ууһаан-тэнийэн, бэйэ дьыалатын тэринэн, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэһэллэрэ киһини үөрдэр эрэ. Биһиги Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр хороҕор муостааҕы иитэн олорор, тыа хаһаайыстыбата сайдарын туһугар үлэлиир-хамныыр, ыччаты көҕүлүүр Масаха Мэхээстиин кэпсэттибит.
— Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар ханнык саҥа технологиялар, ньымалар киирэллэрий? Олор оҥорон таһаарыыны уонна үлэни хайдах уларыталларый?
— Тыа хаһаайыстыбатын инновацията билиҥҥи туругунан «киһи диэн харамай» киэниттэн быдан таһымнаах. Холобура, сайдыылаах хотоннорго роботтар үлэлииллэр, ол эбэтэр астарын, кири, бөҕү таһаллар. Ынахтар киһи көмөтө суох робот хоһугар киирэннэр ыанан тахсаллар. Ону кытары ынах төрүүрүгэр инновация көмөтүнэн билигин тыһыны дуу, атыыры дуу төрүүрүн талыахпытын сөп.
— Билиҥҥи ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар интэриэһэ улаатта дуу, аччаата дуу? Эн санааҕар, ыччаты тыа сиригэр хайдах тардыахха сөбүй?
— Ыччат интэриэһэ үрдээн иһэр. Уопсай хартыынаны көрдөххө, ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыыта аҕыйаабыт курдук буолуо, ол эрэн итиннэ аҥаардас тас олох сайдан, эдэр дьон интэриэһэ сүтүүтэ эрэ буолбакка, эбиитин кинилэр уопсай ахсааннара аҕыйаҕа эмиэ оруолу оонньуур. Олоххо маннык халбаҥнаабат көстүү баар быһыылаах диэн сабаҕалыыбын: төһөнөн аан дойдуга балаһыанньа ыарыыр да, ол эбэтэр кризистэр, сыана ыарааһына саҕаланнаҕына, дьон-сэргэ бэйэ аһын элбэтэргэ дьулуһар. Оттон олох чэпчээтэҕинэ, маҕаһыынтан ылара үксүүр.
— Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар судаарыстыба өттүттэн туох өйөбүл баарый? Ол өйөбүл ситтэ дуу, өссө туох ирдэнэрий?
— Тыа хаһаайыстыбата аан дойду үрдүнэн күүскэ үбүлэнэр хайысха буолар. Ол курдук, Саха сиригэр даҕаны онтон уратыта суох сыһыан олохтонор. Холобур, сүөһү көрүүтүгэр олус элбэх көмө баар.
— Оҥорон таһаарар бородууктаҕытын хайдах атыылыыгытый? Атыы-эргиэн ырыынагар туох кыһалҕалар баалларый?
— Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата биһиги рынокпытыгар кыралаан баар. Ол эрээри биир улахан кыайтарыыта диэн чэпчэки сыаналаах кэлии бородууксуйалар буолаллар. Кэлии бородууксуйа сылаас сирдэргэ оҥоһуллар буолан сыаната өрүүтүн чэпчэки буолар. Ол иһин итинник чэпчэки сыанаҕа биһиги бородууксуйабытын тэҥинэн атыылыыырбыт кыайтара илик боппуруос.
— Тыа хаһаайыстыбата айылҕаҕа хайдах дьайарый? Экология өттүнэн ыраас бородууктаны оҥорон таһаарарга туох дьаһаллары ылаҕытый?
— Тыа хаһаайыстыбата диэн муҥур экология буоллаҕа, барыта айылҕаҕа оҥоһуллубуту туһанан бородууксуйа тасхар. Бэйэ аһын сиир диэн эмиэ экологичнай буоларга дьулуһуу буолар.
— Үлэһит тиийбэт кыһалҕата баар дуо? Үлэһиттэри хайдах бэлэмниигитий, үөрэтэҕитий?
— Кадр бэлэмнээһинэ олус ыарахан, биһигин биир университеттаахпыт уонна орто анал үөрэхтэр бааллар. Ол эрэн оҕолор үкскүн үрдүк үөрэххэ киирбит эрэ киһи диэн ис тутулун өйдөөбөккө ол үөрэхтэргэ киирэллэр. Үөрэх бүтэрэн баран, олус аҕыйах киһи идэтинэн үлэлиир. Ону кытары эрдэ этэн аһарбытым курдук билиҥҥи кэмҥэ ыччат дьон ахсаана аҕыйах. Мин санаабар, ити балаһыанньа сыыйа-баайа көнүөҕэ.
— Саха сирин уһун кыһыныгар тыа хаһаайыстыбатыгар үлэ хайдах барарый? Ханнык сүрүн уратылар баалларый?
— Кыһыҥҥы кэмҥэ ынах өрүүтүн хотон иһигэр турар, ол иһин кини этэҥҥэ табыгастаахтык турарын туһугар олус элбэх үлэ ыытыллар. Бу — Саха сиригэр үчүгэйдик кыайтара илик боппуруос буолар. Салгыны ыраастааһынтан саҕалаан аһылыгар тиийэ элбэх билии уонна уопут ирдэнэр.
— Эн санааҕар, тыа хаһаайыстыбатын инники кэскилэ хайдаҕый? Ханнык салаа күүскэ сайдыан сөбүй?
— Билигин аан дойду үрдүнэн экология хамсааһына күүскэ сайда турар. Ол курдук, дьон-сэргэ химиялаах аһы сииртэн туттунар буолан эрэллэр, ыраас бэйэ оҥорбут аһын сыанабыла үрдүү турар. Ол иһин тыа хаһаайыстыбыта эмиэ ол экология «трендын» кытары кэҥии, үксүү эрэ туруоҕа.
— Тыа сиригэр олорор усулуобуйаҕыт хайдаҕый?
— Тыа сиригэр олох-дьаһах усулуобуйата, дьиҥэр, барыта баар. Тыаҕа дьон-сэргэ урут да олордохторо, оттон билигин ол кэмнэртэн усулубуойа тупсан аҕай турар. Манна услулуобуйаны олохтоохтор бэйэбит оҥоробут. Тыа сиригэр ким да хаалбатаҕына, ким даҕаны усулуобуйа тэрийиэ суоҕа. Олох оргуйа турара буоллар, сайдыы бэйэтэ бэйэтинэн олохтонуо этэ.
— Эһиги хаһаайыстыбаҕыт эбэтэр эн билэр тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлир дьонуҥ туох ураты ситиһиилээххитий?
— Олох уһулуччу ситиһиинэн ким да чорбойо илигин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол эрэн бары тэҥинэн таһыммыт үрдүү турара көстөр, дьон сүөһүнү көрүүгэ туһааннаах билиини туһананнар, баар көрдөрүүлэрин үрдэтэ тураллар. Мин санаабар, ол ситиһии буолар.
Кэпсэттэ Амелия Банчина, IX кылаас,
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ
кэскил14.ру
