«Маҥаным мааны кыргыттара
Үтүө үгэскэ кубулутан
Харыстааҥ уһун суһуоххутун —
Айылҕа бэрсибит симэҕин».
Мария Варламова
«Чуораанчык» сурунаал «Уһун Суһуох» куонкуруһу сыл ахсын ыытар. 2018 сыллаахха учууталбыт Ксения Анатольевна Вензель Маҥаныттан 17 кыыһы кытыннарбыта. Кини бэйэтэ эмиэ уһун суһуохтаах. Соня Степанова, Айыллаана Суханова, Кэрэллээнэ Анемподистова кыайыылаах аатын ылбыттара.
Уһун баттаҕы суунуу-тарааны, көрүү-истии туспа үлэ. Ол иһин мин чинчийэр үлэни ыыттым. Кыргыттарга туһалаах буоллун диэн баттаҕы сөптөөхтүк харайыы туһунан кырачаан кинигэ оҥорон таһаардым.
Уһун суһуох кыыс оҕону элбэххэ үөрэтэр. Холобур, мындырдаан, толкуйдаан бүрүчүөскэ айан таһаарарга, саха култууратын ытыктыы улаатарга.
Мин төрөөбүт Маҥаным олоҥхо дойдутун кэриэтэ. Тоҕо диэтэххэ, тоҕус былас суһуохтаах тунулҕаннаах ньуурдаах кэрэчээн кыргыттарынан баай.
Эвелина Варламова, III кылаас, С.И. Тимофеев-Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолата, Орто Сурт, Горнай.