АЙАР КУТ ТҮҺҮЛГЭЛЭННЭ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга оҕо, ыччат сайдарыгар, үүнэригэр аналлаах аныгы кииннэр үлэҕэ киирдилэр, сүрэхтэннилэр.
Ол курдук, алтынньы 17 күнүгэр Оҕо Дыбарыаһыгар Оҕо технопаарката бары баҕалаахтарга аанын тэлэччи аста. Бу күһүҥҥүттэн оҕолору онно суруйбуттара. Ким истибит суһаллык дьаһанан, баҕалаах дьарыгар үлүһүйэн үөрэнэр.
«Кванториум» – эбии үөрэхтээһиҥҥэ аныгы дьоһун хардыы, сонун хайысха. Россия Президенэ В.В. Путин 2015 с. ыам ыйын 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан, Россия бары регионнарыгар «Кванториумнар» тиһиктэрэ тэриллэ турар. 2018 с. бүтүөр диэри дойдубут 70 регионугар маннык аныгы кыһалар үлэҕэ киириэхтэрэ. Оттон Дьокуускай оҕолоро бу күннэргэ үөрүүлэрэ улахан!
Эрик Сидоров, VI «Г» кылаас, Дьокуускай 2 №-дээх оскуолата:
– Миигин «Кванториумҥа» ийэм суруйтарбыта. Бииргэ үөрэнэр доҕорум Денис Шобосоевтыын IT квантумҥа сөбүлээн сылдьабыт. Иккис симиэнэҕэ үөрэнэр буоламмыт, нэдиэлэҕэ иккитэ сарсыарда дьарыктанабыт. Бу – көрөргүт курдук, робот таҥабыт. Маннык кыра робот эһиэхэ кофеҕытын, атын да дьоҕус малы-салы, кумааҕыны аҕалан, ылан биэриэ. Роботтар Японияҕа элбэхтэр. АХШ-ка сүүрбэ сылынан, оттон биһиэхэ аны биир үйэнэн роботтар баар буолаллар ини дии саныыбын.
Денис Шобосоев, эмиэ ити оскуола үөрэнээччитэ:
– Мин эмиэ ийэм үтүөтүнэн манна дьарыктанабын. Сатаан бырагыраамалаатахха, ЗD принтергэ кыайа-хото үлэлиэххэ сөп.
Ааҕыы ордук: кумааҕы хаһыат, кинигэ
Катя Жебсаина, 17 №-дээх оскуола:
– «Кванториуму» үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар лиэнтэни кырыйдым. «Виртуальная дополнительная реальность» көмөтүнэн араас оонньуулары, бырайыактары оҥоруохха сөп. Үгүс оҕо билигин виртуальнай эйгэлээх, көмпүүтэр иһиттэн тахсыбат. Ол эрээри, холобур, «Эргэ Дьокуускай устун экскурсия» диэн бырайыагым көмөтүнэн, оҕолор үгүс информацияны билэн, устунан куорат устуоруйатын интэриэһиргиэхтэрин, үөрэтиэхтэрин сөп. Тус бэйэм кинигэни ааҕарбын сөбүлүүбүн. Суох, электроннайы ааҕар ыарахан, харахха улахан буортулаах. Кумааҕы кинигэни, кумааҕы хаһыаты тутан-хабан олорон ааҕартан ордук үчүгэй туох кэлиэй?!
Андрей Торговкин, 12 №-дээх оскуола:
– «Кэскил» хаһыаты биһиги кылааһынан суруйтаран ааҕабыт. Манна бэчээттэнэр остуоруйаларынан араас оонньуулары толкуйдуохха сөп. Мин манна «Битва крепостей» диэн оонньууну тобуллум. «Counter strike» хайдах эрэ тыйыс тыыннаах оонньуу буоллаҕына, «Castle wars» киһини чинчийэргэ, толкуйдуурга үөрэтэр.
Кирилл Кычкин, Х кылаас, ФТЛ:
– Мин «Кванториумҥа» аналлаах саайты оҥоро сылдьабын. Манна галерея, хаартыскалар, дьарыктар тустарынан информация баар буолуо. Саайт көмөтүнэн оҕолор уопсай бырайыагы торумнуохтарын, бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыһыахтарын, билсиэхтэрин сөп. «Кванториум» аһыллыбыта наһаа үчүгэй. Манна оҕолор тугу баҕарар айан, оҥорон таһаарар кыахтаахтар. Төһө да аныгы технология үйэтэ буоллар, кинигэни ааҕартан хал буолбаппын. Урут уус-уран литератураны ааҕар эбит буоллахпына, кэлин техническэй хайысхаҕа көстүм. Кумааҕы кинигэни туох да солбуйуо суоҕа. Тутан олорон ааҕар ордук.
Оҕо, ыччат сайдарыгар
Влад Аргунов, Х кылаас, Саха политехническай лиссиэй, «Hi Tech» сыахха пластиктан чороон оҥорон таһаарыахтаах:
– Анал тэрили бырагыраамалыыбын уонна биэс чаас күүтэбин. Биэс чааһынан чороонум бэлэм буолуо.
Ити курдук, бэрт интэриэһинэй уһаарыллан, айыллан тахсар. СӨ Ил Дархана Е.А.Борисов хас биирдии квантуму кэрийэ сылдьан көрдө, оҕолордуун кэпсэттэ, сөхтө-махтайда:
– Омос көрдөххө, бүгүн сэмэй тэрээһин. Ол эрээри, «Кванториумнар» дойдубут Президенэ В.В. Путин быһаччы көҕүлээһининэн кэккэлэрэ кэҥээн иһиэхтээх. Техническэй хайысхаларга анал идэлээхтэри бэлэмнээһин дойдубут тыын боппуруоһа. Онон оҕо технопааркалара улахан көмөлөөх буолуохтара. Былырыын «Кванториум» тэриллэрин туһунан Ыйаахха илии баттаан, өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн оҕо технопааркалара өссө да тэнийиэхтэрэ, сайдыахтара. Бу күннэргэ куорат Автодорожнай уокуругар дойдубут историятын кэпсиир, сырдатар «Россия – Моя история» диэн улахан историческай паарка арыллан, эһиэхэ, оҕолорго, ыччакка салгыы сайдарга, үүнэргэ улахан бэлэх буолла.
«Россия – Моя история» диэн улахан историческай паарка туһунан сиһилии «Кэскил» хаһыат кэлэр нүөмэригэр билсиҥ.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Василий ПАК түһэриилэрэ.