Кутана оскуолатыгар бэҕэһээ муҥха буолла. Онно 26 уол оҕо, 12 оскуола эр дьоно сырыттылар (директор Архипов В.Н.). Өбүгэ үгэһинэн, олохтоох нэһилиэнньэ эмиэ таҕыста. Уопсайа 80-ча киһи «Сымалыыр» күөлүгэр муҥхалаатылар. Муҥхаттан, Байанай бэлэҕиттэн көҥөһөр табыллыбат. Кэлбит киһи барыта өттүк харалаах, илии тутуурдаах барыахтаах, бу булгуруйбат сокуон.
Бастаан муҥханы тоһуурга хайдах түһэрэргэ оҕолору үөрэттилэр. Онтон чэй иһэн баран, дьэ балыгы биир өттүттэн үүрэн аҕаллылар. Оҕолор биирдии буһарыы балыктаах бардылар.
Бу «Уол оҕо — норуот кэскилэ» бырайыагынан оскуолабыт иккис сылын үлэлиир. Уолаттар күһүн илимнииргэ, собо ыраастаан буһарарга үөрэммиттэрэ. Куобахха сылдьыбыттара, куйуур сэбин-сэбиргэлин, үөрүйэҕин билбиттэрэ. Саанан сатаан туттарга, ытарга, отууну бэрийэргэ, кулуһуҥҥа ас буһарарга үөрэммиттэрэ.
Уһуйааччы учууталлар уолаттардыын бииргэ сылдьаллар. Төрөппүттэр бу тэрээһиннэри биһирииллэр, оҕолорун тэрийэн, ыһыктаан ыыталлар.
Ааптар: «Кутана кыымнара» пост