Билигин биһиги олохпут Интэриниэт ситимин кытары ыкса сибээстээх. Киһи барыта смартфоннаах, бары кэриэтэ араас эйгэҕэ (Instagram, Vkontakte, Facebook, Twitter) олороллор, иллэҥ кэмнэригэр Youtubе маныыллар. Хас биирдиилэрэ биллэр дьоннордоохтор.
Бүгүн биһиги Instagram ситимигэр 16 тыһыынчаттан тахса сурутааччылаах Сема ЛАРИОНОВЫ кытары билсиэхпит. Инстаграмҥа Сема – Krolikbro диэн аатынан биллэр.
Төрөөбүт сыла: 1995.
Төрөөбүт сирэ: Мэҥэ Хаҥалас.
Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр,
Витюша диэн бырааттаах.
Бэлиэтэ (зодиак): кыыс.
Сөбүлүүр өҥө: настарыанньатыттан тутулуктаах.
Бүлүүдэтэ:
ийэтэ буһарбыт миинэ.
– Үтүө күнүнэн! Бастакы ыйытыым биллэр, тоҕо Krolikbro диэн буолбуккунуй?
– Мин эбэлээх эһэбэр Мэҥэ Хаҥалас Хочотугар улааппытым. Биэбэйиги уонна алын кылааһы манна бүтэрбитим. Кыра сырыттахпына эбэм биэбэйиккэ үлэлиирэ, ол иһин дьаныһан туран, «Куобах, куобах барахсан, куотан, куотан кэлэҥҥин» диэн хоһоону үөрэппитэ. Хас биирдии оҕо тэрээһинигэр ол хоһоону ааҕарым, бүтэр уһугар «куобах» диэн буолан хаалбытым. Кэлин ону арыый тупсаран, Krolikbro диэн буолбутум. Онон оҕо сааһым үтүө күннэрэ эбэлээх эһэбин кытары ааспыттара. Ийэм наар «эбэтин курдук үтүө сүрэхтээх, эһэтин курдук кытаанах майгылаах» диэн күлэр. Бэһис кылаастан ийэм куоракка ылбыта. Дьокуускай 2 №-дээх орто оскуолатыгар бэһистэн тохсус кылааска диэри үөрэммитим. Манна үөрэнэ сылдьан, хип-хоп култуураны кытары билсибитим. Ол эрээри, маҥнай үҥкүүһүт быһыытынан «Change crew» бөлөххө дьарыктаммытым.
– Билигин эйигин ордук рэпер, битбоксер уонна «түргэнник саҥарар уол» диэн билэллэр. Бу хайысхаҕа хайдах киирбиккиний?
– Ийэм IX кылаас кэнниттэн Усуйаана улууһун Депутатскай бөһүөлэгэр баар улуустааҕы гимназияҕа көһөрбүтэ (аймахтарбар). Куһаҕана диэн манна ким даҕаны үҥкүүнэн үлүһүйбэт этэ. Бииргэ дьарыктанар киһим суох буолан, рэптииргэ уонна битбокстуурга холоммутум. Оскуоланы бүтэрэн баран, биир да үөрэххэ киирбэтэҕим. Ол сыл бармен быһыытынан үлэлээбитим.
– Дьонуҥ үөрэххэ киирбэтэххин уонна барменынан үлэлиир буолбуккун туох диэбиттэрэй?
– Биллэн турар, кыратык хомойбуттара, ордук бармен буоларбын сөбүлээбэтэхтэрэ, утарылаһа сатаабыттара. Ол гынан баран, мин тута туспа дьиэҕэ көспүтүм, дьоммор иитимньи буолуохпун баҕарбатаҕым, үп-харчы өттүн барытын бэйэм уйунар буолбутум. Эһиилгитигэр Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар киирбитим эрээри, сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин, аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Улан-Удэ 11 ОгвДШБР ВДВ этэрээтигэр сулууспалаабыппынан киэн туттабын. Ити кэнниттэн байыаннай үөрэххэ киириэхпин баҕарбытым. Онон билигин Чурапчытааҕы кэллиэскэ МЧС баһаарынай чааһыгар үөрэнэбин.
– Оттон Инстаграм нөҥүө хаһан уонна хайдах аатырбыккыный?
– Сэтинньигэ биир видеону устан укпутум, ону элбэх баҕайы пабликтар тарҕаппыттара. Ол кэнниттэн укпут видеоларбар сурутааччы эмиэ элбээбитэ. Көрөөччүлэрим үксэ оскуола оҕолоро.
– Оскуола оҕолоро буоллаҕына, кинилэргэ чугас буоллаҕыҥ дии. Эн санааҕар билигин үүнэр көлүөнэ сүрүн кыһалҕата тугуй?
– Оҕолор сыыһа ырыаһыттары истэллэр, наадата суох дьону «ааҕаллар». Холобур, өрүү куһаҕан дьаллыгы хайгыыр ырыаны истэр буоллаххына, бу дьаллыгы эн куһаҕан дии санаабат буолаҕын.
– Холобура?
– FACE.
– Оттон эн бэйэҥ тугу истэҕин?
– Скрипи, Миллиган эбэтэр үксүн тыла суох муусуканы истэрбин ордоробун. Интэриниэт ситимин нөҥүө тыла суох биттары көрдүүбүн. Ардыгар Вадим Борисов уонна DJ Yashty муусукаларын туһанабын.
– Саҥа дьыл иннигэр эн уонна «Хатан» ВИА солиһа Владимир Климовскайы кытары туох эрэ айдаан тахсыбыта дии, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Бастаан кини табаарыһа Лемитан миигин баайсар ис хоһоонноох рэп устан, Интэриниэт ситимигэр таһаарбыта, онно Владимир кини кэннигэр турара. Мин MC буоларым быһыытынан биир да маатырата суох эппиэт-рэп устубутум. Ол кэнниттэн Лемитаҥҥа, араас хабааннаах саанар суруктар киирбиттэр этэ, ол туһунан Лемитан бэйэтэ миэхэ direktпар суруйбута. Итинник айылаах күүстээх айдаан тахсыа дии санаабатаҕым. Бэйэм, дьиҥэр, рэп конфликтары сөбүлээбэппин. Ол эрээри, кинилэр маҥнайгы видеолара миигин олус хаарыйбыта. Уонна биир үксүн хейтердарга эппиэттиир сыаллаах устубутум. Аҕыйах хоноот ол видеону сотторбутум. Владимирдыын билигин сыһыаммыт үчүгэй.
– Инникитин туох былааннаххыный?
– Айар үлэнэн улаханнык дьарыктамматым буолуо. Этэҥҥэ буоллаҕына, байыаннай устаабы ылыныам турдаҕа. Бу икки хайысханы ситимниир уустук буолуо. Үөрэхпин бүтэрэн баран, ЧКРШ үөрэҕин бүтэрэрин күүтүөм.
– ЧКРШ диэн?
– Мин таптыыр кыыһым.
– Мин билэрбинэн Екатерина Черкашина-ЧКРШ эмиэ Инстаграмҥа элбэх сурутааччылаах, эдэр ыччат ортотугар биллэр дьон хайдах билсибиккитий?
– Барыта «Биир Тэтим» кэнсиэриттэн саҕаламмыта. Кэнсиэргэ миигин доҕорум Яшти кытын диэн ыҥырбыта. Бу күн ЧКРШ хойутаан кэлбитэ, ити биһиги бастакы көрсүһүүбүт этэ. Мин санаабар, ЧКРШ миигин олох сэҥээрбэтэҕэ, мэктиэтигэр «Кимий бу?» диэбит курдук көрөрө. Кэнсиэр бүппүтүн кэннэ «Биир Тэтим» хамаандата: «Биһигини кытары гастроллуу барсаҕын дуо?» – диэбиттэригэр, тута сөбүлэспитим. Ити курдук мин ЧКРШпар биир хардыы чугаһаан биэрбитим. Сарсыныгар Илин эҥээргэ гастроллуу айаннаабыппыт. Мин массыынаҕа бастакынан киирэммин кэннигэр олорбутум, ЧКРШ мин таспар олорбута. Биир нэдиэлэлээх гастролбут биллибэккэ ааспыта. Бу Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар сүпсүлгэннэрэ этэ. Кэлээт, сарсыҥҥытыгар мин Катяҕа эрийбитим, көрсүөххэ диэбитим, ЧКРШ сөбүлэспитэ. Ол көрсүһүүгэ «Мин аатым Сема» диэн ЧКРШка илиибин ууммутум. Биир нэдиэлэни быһа гастроллаан баран, дэҥ кэпсэтэр этибит эрээри, бэйэ-бэйэбитигэр ааппытын даҕаны этэ илик этибит. ЧКРШ ону тута өйдөөн, «Мин аатым Катя» диэн илиитин утары ууммута… Бу кэнниттэн биһиги күн аайы көрсөр буолбуппут. Доҕордуу сыһыаммыт устунан тапталга кубулуйбута, – диэн Сема Ларионов кэпсээнин түмүктүүр.
Кэпсэттэ Мария ГОРОХОВА.