Ааспыт нэдиэлэҕэ Россия үрдүнэн Бибилэтиэкэ күнэ ыытыллыбыта. Ол чэрчитинэн СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев Архыып-бибилэтиэкэтэ «Читаем все» диэн хас да сиэксийэлээх үлэни көҕүлээбитэ. Бу тэрилтэни кытта биһиги эрэдээксийэбит былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар «Бастакы Президентэн ыйыт» бырайыагы көҕүлээбиппит. Михаил Ефимович биһиги тэрээһиммит күндү ыалдьыта буолбута.
Оттон быйыл Өктөмҥө СӨ бастакы Президенин көмөлөһөөччүтэ С.В.Попов тула мустан үрдүкү кылаас оҕолоро «Олохпутун хайдах өссө тупсарабыт» диэн тиэмэҕэ кэпсэттилэр. «Кэскили» дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт» сиэксийэҕэ оҕолор сэҥээриилэрин ылбыт кэпсээннэрдээх, «Учуутал аргыһа» хаһыаты таһаарааччы редакторынан үлэлээбит, «Кэрэмэс эйгэбин кэрэхсии», «Балыллыы» кинигэлэр ааптардара Октябрина Шамаева-Чэлгийэни кытары кэпсэттилэр. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ библиотекарь О.Н.Харитонованы кытары А.С.Пушкин айымньыларын дорҕоонноохтук аахтылар. Итиэннэ Өктөм нэһилиэгин олохтоохторо саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Туматы, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Павел Харитонов-Ойукуну кытары көрүстүлэр.
Октябрина Шамаева бастакы аахпыт кинигэлэрин, оскуолаҕа учууталлыы сылдьан эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын хайдах үлэлэппитин, «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыаты хайдах туһаммытын уонна суруйбут кэпсээннэрин, геройдарын туһунан сырдатта. Итиэннэ СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев туһунан санаатын тиэртэ:
— Михаил Николаев—ытыктыыр киһим. Кини салайар кэмигэр СӨ суверенитеты ылыммыта, судаарыстыбаннас үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта, өрөспүүбүлүкэ боломуочуйата кэҥээбитэ. Туох баар салааҕа кыахтаахтык үлэлээбитэ. Хас эмэ сылы өтө көрбүт дьоҕурдаах билиҥҥи кэмҥэ соҕотох салайааччы. Бу бибилэтиэкэҕэ оҕолор эһиги элбэхтик сылдьыҥ, Михаил Николаев олоҕун, үлэтин үөрэтиҥ.
Суруйааччы Сэмэн Тумат Михаил Ефимовичка хас да кинигэни бэлэхтээбит. Илии баттаан. Ол кинигэлэр бары—СӨ бастакы Президенин Архыып-бибилэтиэкэтигэр хараллан сыталлар.
— Мин Михаил Ефимовиһы элбэхтик көрсүбүтүм. Кини суруйааччыларга сыһыана үчүгэй буолааччы,—диир Сэмэн Тумат.
Саамай үөрүүлээҕэ баар, СӨ бастакы Президенин Архыып-бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Чапаев, Өктөм элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр 17 «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары бэлэхтээтилэр уонна сурутуу эстафетатын Өктөм нэһилиэгин дьаһалтатыгар, баһылык Александр Большаковка туттардылар.
— Оҕолорго «Кэскил»—үчүгэй бэлэх дии саныыбын. Салгыы сурутуу оҥотторон, Өктөм нэһилиэгэр баар тэрилтэлэри кэрийэн, оҕолорго аналлаах «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары салгыы да суруйтарыахпыт. Бу—биһиги үлэбит былааныгар киирэ сылдьар тэрээһин,—диэтэ Александр Николаевич.—Бүгүн манна биһиэхэ норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат кэлэн барбыта наһаа үчүгэй. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, норуодунай поэт Петр Тобуруокап кэлэ сылдьыбытын билиҥҥээҥҥэ диэри үчүгэйдик саныыбын.
Бастакы Президент М.Е.Николаев Архыып-бибилэтиэкэтин кэлэктиибэ 17 «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаты суруйтаран, редакция Махтал суругун, итиэннэ кинигэ бэлэхтэри туттулар. Бу кинигэлэр быыстарыгар «Бэлэм буол»-«Кэскил» урукку үлэһитэ Николай Дмитриев «Адресованное детям Якутии» диэн бэрт сэдэх кинигэтэ баар.
Өктөмҥө «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга сурутуу хаамыытын салгыы да билсиэхпит.
Өктөмнөр биһиги хаһыаппытын кытары үлэлэрин ахтар буоллахха, урут алын кылаас учуутала Клара Николаевна Томская үөрэнээччилэрин айар үлэҕэ, «Кэскилгэ» сурутууга көҕүлүүрэ. Өктөм оҕолоро «Кэскилгэ» үгүстүк бэчээттэнэллэрэ. «Клара Николаевна—айар куттаах учуутал. Ол да иһин кини оҕолору айар үлэҕэ көҕүлүүрэ, үөрэнээччилэрин суруйууларын «Кэскилгэ» үгүстүк бэчээттэтэрэ. Эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын мин санаабар, бэйэтэ айар куттаах киһи ылсан үлэлэтэр. Түбүктээх үлэ», — диир Наталья Капитонова, ангылычаан тылын учуутала, Архыып-бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ.
Ааптар: Жанна Леонтьева.
Өктөм, Хаҥалас.