Афанасий Назаров — Хамаҕатта олохтооҕо. Эдэр киһи үс оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, спорду кытта оҕо сааһыттан доҕордоспут. Кроссфит курдук маассабай спорт саҥа көрүҥүн тарҕатааччылартан биирдэстэрэ. Соторутааҕыта Намҥа кулууп арыйан үлэлээн эрэр.
Афанасий Назаров кроссфит курдук (функциональное многоборье) маассабай спорду саха национальнай көрүҥнэрин кытта дьүөрэлииргэ холонор. Оччоҕо элбэх саха ыччата дөбөҥнүк спортка сыстыа диэн сабаҕалыыр. Кроссфитынан сааһыттан, доруобуйатын туругуттан тутулуга суох ким баҕар дьарыктаныан сөп. Хас биирдии киһи кыаҕа муҥура суох, ону арыйарга, туһанарга бу көрүҥ бары өттүнэн үчүгэй.
Афанасий спорка бастаан тустуу дьарыгыттан саҕалаан сыстыбыта. Онтон улам интэриэһиргээн, национальнай, игровой көрүҥнэринэн дьарыктаммыт. Чурапчытааҕы спортивнай институту бүтэрэн баран, үлэтин Хамаҕатта олохтоох дьаһалтатыгар спортинструкторынан саҕалаабыт. Онтон аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Ийэ дойдутугар иэһин төлөөн кэлэн баран, Намнааҕы 2 №-дээх оскуолаҕа физкултуура учууталынан үлэлээбит. Түөрт сыл оскуолаҕа үлэлээн баран, спортивнай оскуолаҕа дириэктэринэн анаммыт.
— Үс сыл үлэлээн баран, бэйэбин «көрдөнөргө» санаммытым. Хайдах эрэ дууһабар туох эрэ тиийбэт курдуга. Бастаан утаа араас толкуйу тобулаары, онно-манна сүүрбүтүм-көппүтүм. Социальнай ситими, интэриниэти үөрэтэн баран, хайдах эрэ санаам “кроссфитка” иэҕиллибитэ. Табаарыспыныын Яков Протопоповтыын бу хайысханы боруобалаарыбыт, Хамаҕаттаҕа бу салааҕа бэйэлэрин суолларын-иистэрин булбут Максим Тихонов хамаандатын ыҥырбыппыт. Уолаттар биир күнү быһа кроссфит эрчиллиилэрин, ыстаанганы кытта үлэлээһини көрдөрбүттэрэ. Кроссфитка сүрүннээн гимнастика, кардио уонна силовой эрчиллии биир тэҥинэн киирэр. Ыарахан атлетикаҕа ыстаанганы, гиирэни, гантели кытта үлэлээһин киирэр. Ону тэҥэ таһырдьа сүүрэбит, тренажер бэлэсипиэккэ үлэлиибит. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кроссфитка анал спортивнай таһым ирдэммэт. Бэйэбит тус кыахпытынан, илиибитинэн-атахпытынан уонна утары анньар тыал (вентилятор салгыны хамсатан, ыйааһын ыарыыр) күүһүнэн үлэлиибит, — диэн кэпсиир Афанасий. Былырыын кини 10 табаарыһын дьарыктаабыт. Оттон билигин 60 киһи буолбуттар. Абонемент — ыйга биир киһиттэн 2 тыһыынча солкуобай. Нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктаналлар. Уопсайа ыйга 12 дьарык.— Миэхэ дьарыктана кэлэр дьон бэлиэтииллэринэн, кинилэр дьарыкка баҕаран туран сылдьыылара – дьарыгы ыытар методикабар эбит. “Анал үөрэхтээх исписэлиис диэх курдук, быһаарарыҥ, дьарыктыырыҥ атыттартан чыҥха атын”, — дииллэр. Дьон итинник сыанабыла санаабын кынаттыыр. Миэхэ уон киһи тэҥинэн кэлэн дьарыктанар. Дьон дьарыктаныан баҕата күүстээх буолан, эрчиллии көдьүүстээх буолар, — диир эдэр тириэньэр. Билбэт киһи бэйэтэ дьарыктаныан сөп эрээри, кини дьарыга туох да түмүгэ суох. Киһи сүрүн хаачыстыбаларын – санаатын күүһүн, дьаныарын, кыаҕын, сымса буолуутун күүскэ сайыннарабыт. Кроссфит дьарыгар сүрэх, тыҥа, былчыҥ – барыта тэҥҥэ үлэлиир. Ону учуоттаан, Афоня хас биирдии киһиэхэ анал бырагыраама суруйар.Олорон хаалар, хамсаммат киһи элбээтэ.Урукку кэмҥэ киһи доруобуйатыгар табах уонна арыгы охсор буоллаҕына, билигин интернет үйэтэ буолан, дьон үксэ төлөпүөнтэн уонна көмпүүтэртэн арахсыбат буолла. Онон эти-хааны сайыннарыыга болҕомтону өссө улаханнык уурар сорук турар.
— Кэрэхсэбиллээҕэ баар, мин дьарыктыыр дьонум орто саастара 25-28. Билигин сүрүн соругум – оскуола оҕолорун дьарыктааһын. Кинилэргэ интэриэһи үөскэтиэххэ наада. Эксээмэннэрин түмүктэниитэ бэс ыйын саҥатыттан биир-икки нэдиэлэлээх спортивнай лааҕыр арыйар былааннаахпын, — диир Афоня. Граннарга киирсэн, баазатын хаҥаттар.Кулун тутарга «Колми» ХЭУо-ттан 200 тыһыынча солкуобай суумалаах гранынан наҕараадаламмыт.— Сэбиэскэй кэмҥэ биир үчүгэй физрук нэһилиэги барытын хамсатар этэ дии. Билигин ол ону сөргүтүөххэ наада. Билигин биир эмэ нэһилиэккэ тиийдэххэ, уулуссаҕа хаама сылдьар киһи да суох. Батсаапка, интернеккэ хатанан баран олорор киһи үгүс. Намнааҕы поликлиниканы кытта чинчийии оҥорбутум. Лабораторнай анаалыс түмүгүн үөрэппиппит (хаан баттааһына, ыйааһын, киһи үрдүгэ, сыа-быччыҥ кээмэйэ). Онно көстөрүнэн, анаалыс туттарбыт дьон 70-80%-на – уойар проблемалаах дьон, — диир тириэньэр.
Инники өттүгэр Афанасий Назаров оҕолорго сөптөөх видеоуроктары оҥоруон, элбэх тириэньэри үөрэтиэн, биир санаалаахтарын түмүөн баҕарар. Инстаграмҥа кини страницата: @xatan_nam
Ааптар: Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.