Дойдубут Төрүт сокуоннарыгар киирбит көннөрүүлэр тустарынан оҕолор, бу барыта эһигини аахтыннар, дойдубут бэлиитикэтигэр буола турар быһыыны-майгыны биллиннэр-көрдүннэр диэн суруйабыт.
Бүгүн көрөр 72-с нүөмэрдээх ыстатыйабыт уопсайа 14 пууннаах. Манна “ж” пууна “Координация вопросов здравоохранения; защита семьи, материнства, отцовства и детства; социальная защита, включая социальное обеспечение” диэн ис хоһоонноох этэ. Бу уһаан-тэнийэн, чопчуланан, “Координация вопросов здравоохранения, в том числе обеспечение оказания доступной и качественной медицинской помощи, сохранение и укрепление общественного здоровья, создание условий для ведения здорового образа жизни, формирования культуры ответственного отношения граждан к своему здоровью; социальная защита, включая социальное обеспечение» диэн буолар буолла. Мэдиссиинэ уонна социальнай көмөлөр тупсалларыттан, биллэн турар, олус үөрэбит. Дьон-аймах доруобуйатын туругун көрүнэригэр, чөл олоххо тардыһарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии биир сүрүн эбээһинэс буолар.
Ити аннынан “ж 1” диэн эбии пуун киирээри турар: “Защита семьи, материнства, отцовства и детства; защита института брака как союза мужчины и женщины; создание условий для достойного воспитания детей в семье, а также для осуществления совершеннолетними детьми обязанности заботиться о родителях”. Биһиги, чуолаан, бу пуун тула санаабытын үллэстиэҕиҥ.
Анатолий Бурнашев, уолаттары үөрэтэр «Сахат» чааһынай оскуола дириэктэрэ, ырыаһыт:
– Оҕо хаһыатыгар маннык хабааннаах боппуруостар тураллар эбит диэн хаҋдах эрэ соһуйа иһиттим.
Ханнык баҕар сокуон уларыйыыта, ол эбэтэр эбии киллэрии, көҕүрэтии – барыта дьон туһугар оҥоһуллар. Хайа да салайааччы дьонугар, норуотугар куһаҕан буоллун диэн үлэлээбэт.
Оттон дьиэ кэргэн ис бэлиитикэтигэр сокуон наадата суох дии саныыбын. Дьахтардаах эр киһи ыал буолан оҕо төрөтөргө быһаарыныылара – бэйэлэрин тус интэриэстэрэ. Киһи бэйэтин кыаҕынан олоруохтаах. Биир бэйэм ити чааһыгар ылыллар сокуоннары соччо билиммэппин. Барытыттан тутулуктанары сөптөөҕүнэн аахпаппын. Саха киһитэ айылҕа сокуоннаах. Сиэри-туому тутуһан оҕолору иитиэххэйиҥ, олох олоруоххайыҥ. Онно-манна сигэммэккэ, таһараа ыалбытын, уулуссаны манаабакка, уһуйааны, оскуоланы, тойоттору буруйдаан, күүһү-уоҕу онно бараабакка олоруоҕуҥ. Оҕо эйгэтэ оҕолуу, дьахтар санаата дьахтардыы, эр киһи барыта эр киһилии хайытардаах, таһаарыылаах буоллун.
Анжелика Андреева, СӨ дьахталларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
– Бу ыстатыйа “ж 1” пууна олус наадалаах уонна улахан суолталаах. Арҕаа дойдулар киһи өйүгэр баппат быһыыларынан араастаан сабыдыаллыылларын бары көрө-истэ сылдьабыт. Онон бэйэбит эрэ дьиэ кэргэн институтун харыстыыр кыахтаахпыт. Россия дьиэ кэргэнигэр ийэ уонна аҕа төрөппүт оҕолорун иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгэр. Онтон оҕолор улаатан саастарын ситтэхтэринэ, төрөппүттэрин бэйэлэрэ көрөр-харайар дьон буолаллар. Ити саамай сөп. Онон, уопсайынан эттэххэ, дойдубутугар дьиэ кэргэн института, дьиэ кэргэн сыаннастарын пропагандалааһын өйдөбүллэрэ наадалаахтар дии саныыбын.
Виктория Давыдова, Москватааҕы К.А. Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятын I кууруһун устудьуона:
– Төрүт сокуоннарга киирэр уларыйыыларга мин сыһыаным бутуурдаах соҕус. Ол иһин, мин санаабар, 72-с ыстатыйаҕа бу пууннар эбиллиилэрэ икки өрүттээх буолуон сөп. Биллэн турар, судаарыстыба хас биирдии киһини көмүскүүр, харайар эбээһинэстээх. Ол медицинэ, социальнай көмө да буоллун… Ол эрээри киһи тус олоҕор орооһорун соччо сөптөөх дии санаабаппын. Холобур, дьиэ кэргэн сыһыаныгар. Оттон оҕону иитиигэ эппиэтинэстээх буолууну ирдииртэн олохпут таҥнары барбата чуолкай. Дьон-сэргэ олох сыаннаһын туһунан элбэхтик толкуйдуур буолуохтара диэн үөрэбин.
Алекселина Петрова, Бэрдьигэстээхтээҕи С.П. Данилов аатынан орто оскуола XI кылааһын үөрэнээччитэ:
– Төрүт сокуоннар уларыйыыларын хас биирдии киһи атын-атыннык ылынар. Дьон тус-туһунан толкуйдаах буоллаҕа. Ким эрэ сөбүлүө, биһириэ, ким эрэ абааһы көрүө, сорох дьон олох да наадыйыа суоҕа. Оттон мин бу ыстатыйаҕа киирбит уларыйыылары ылыныам этэ. Чуолаан “ж”, “ж 1” пууннары. Тоҕо диэтэххэ, доруобуйа киһиэхэ саамай сүрүн оруолу ылар. Медицинэ үлэтэ тупсуо, онно эбии үгүс киһи чөл олоҕу тутуһар буолуо. Онтон “ж 1” пууҥҥа дьиэ кэргэни харыстааһын туһунан көрүллэр. Билиҥҥи үйэҕэ докумуонунан холбоспокко олорор ыал ахсаана элбээтэ. Ити норуоту сайдыыга сирдиир көстүү буолбатах. Онон, судаарыстыба дьиэ кэргэни өйүүрэ олус сөптөөх суол.
Василий Герасимов, Ньурбатааҕы А.Н. Чусовской аатынан техническэй лиссиэй IX кылааһын үөрэнээччитэ:
– Бу сылга бүтүн Россиятааҕы Төрүт сокуоннарга элбэх уонна таһымнаах сокуоннар эбиллэн эрэллэр. Олортон биирдэстэрэ 72-с ыстатыйа буолар. Мин болҕомтобун чуолаан “ж 1” пууҥҥа ууруохпун баҕарабын.Бу сокуон төрөппүттэргин, аймахтаргын харыстыырга ыҥырар. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ оҕо үтүө киһи буола улаатарын туһугар сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллуохтааҕын туһунан этэр. Ону таһынан уон аҕыс сааһын туолбут оҕо төрөппүттэригэр кыһаллыах, көрүөх-истиэх тустаах диэн саҥа эбээһинэстэр киирэллэр. Ити ийэ, аҕа тапталыгар эппиэт буолар. Онон бу сокуон киирэрэ олус улахан суолталаах. Дойдубут инникитэ үүнэр көлүөнэттэн быһаччы тутулуктаах. Патриотическай өйдөөх-санаалаах дьон элбиэн наада. Ол барыта дьиэ кэргэнтэн саҕыллар. Саҥа сокуоннар киирэн, саҥа эбээһинэстэр үөскээбиттэрин дьон сөпкө өйдөөн, ылынан тутуһуо диэн эрэнэбин.
Вера Петрова.