Оҕолоор, каникул бүтэн, эмиэ үөрэхпитигэр оройбутунан түстэхпит. Чэ, буоллун, хата бэрт дии, оскуолаҕа мэниктиир наһаа үчүгэй буолбат дуо!? Уруок кэмигэр да араас түбэлтэ тахсар ээ.
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай үлэ. Кылааска уу-чуумпу. Бары кыһаллан тугу эрэ элбэх-элбэҕи суруйаллар. Оо, дьэ, оттон миэхэ билбэт боппуруоһум түбэспит дии. Таах сибиэ бэҕэһээ хатылаабакка! Ээ, сыыһа эттим — үчүгэйдик үөрэппэккэ. Хатылыахпын, син-биир билбэт буоллаҕым… Онон кимтэн эмэ устаары, тула эргичиҥниибин. Паартаҕа бииргэ олорор киһибэр эрэммэппин. Бэйэм курдук киһи.
Хата кэннибэр Маша диэн өйдөөх кыыс олорор. Бээ, хайдах гынабын? Хонтуруолунайга кэпсэтэр көҥүллэммэт ээ. Ээ, харахпынан “сыгынаал” ыытыахха! Учуутал көрбөтүгэр, эргиллэ-эргиллэбин: “Уһултар дуу,” – диэн тэтэрээтин ыйа-ыйа, бэйэм диэки көрдөрөбүн.
Маша суоту-ахсааны үчүгэйдик билэр эрээри, мин «сыгынаалбын» олох өйдөөбөт кыыс эбит! Үспүйүөн буолуо суох! Өйдөөбөтөхтүү хаастарын түрдэһиннэрэр. Мин эмиэ “сыгынааллыыбын”. Чыпчыҥнаан ылабын. Кистээн сорудахтаах илииһи көрдөрөбүн…
– Килээҥсэ, өссө биирдэ кэннигин хайыстаххына, кылаастан таһаарыам! – диэн учуутал дорҕоонноох саҥатыттан дьигис гынабын. Кылгас кэмҥэ хамсаабакка олорон баран, санаабын түһэрбэккэ “сыгынаалбын” хатылыыбын. Ол тухары Маша умса көрөн олорор. Сорудахтарын оҥорор. Садаачатын сөпкө суоттаабыт буолуохтаах. Ол мин кэннибэр тэтэрээккэ суруллан сыталлар…
Уруок бүтэрэ бу кэллэ. Машам отой көмөлөспөт. Көрдөһүүбүн өйдөөбөт эбэтэр өйдөөбөтөҕө буолар.
… Учуутал үлэбитин сотору туттарарбытын санатар. Маша диэки кэдэйэбин. “Уһултар дуу”, – диэн сибигинэйэбин. Тиһэх ньымабын туттабын — сирэйбин «Шрек» мультик куоскатын курдук гынабын. Маша хата аһынна, тэтэрээтин биэрдэ. Мин баҕалаах хоруйдардаах тэтэрээппин ылан, паартам анныгар кистиибин, арыйа охсобун. Арай! Илиискэ “Бастакы вариант” диэн суруллубут! Онтон мин варианым – иккис!
… Чуораан тыаһыыр. Бириэмэбин «сыгынаал» ыытарга бараабатаҕым буоллар, син оҥоруом хаалбыт. “Сыгынааллаан” абырамматым.
Оҕолоор, атын дьоҥҥо эрэммэккэ, устарга көрдөспөккө, бэйэҕит оҥорор буолуҥ!
Эһиги Килээҥсэҕит.