Бэс ыйын 27 күнүгэр «Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка үлэтин салҕыыр. Бу күн араас хабааннаах маастар кылаастар, стендэнэн бырайыактар, быыстапкалар үлэлэрэ саҕаланна. Ол курдук, «Уус Түһүлгэтэ» хайысха экспердэри, ыалдьыттары оҕуруо, туой, таҥас оҥоһуктар эгэлгэлэринэн симэнэн үөрэ-көтө көрүстэ.
Туойдьуттар уонна күөс охсооччулар былыр-былыргаттан сахаларга тутаах дьон буолаллара. Бу түҥ былыр үөскээбит идэни билиҥҥи кэмҥэ, эмиэ, саҥалыы тыыннаан тупсаран дьарыгыраллара киһини үөрдэр. Ол курдук, Чурапчы улууһун А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр туой куруоһугун салайааччыта Наталья Егоровна Гуляева бэйэтин дьарыгын туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Туойдьут былыр-былыргыттан ытыктанар идэ буолар. Туой иһиккэ биһиги өбүгэлэрбит атын сайылыктан уот ылан, омуннаан эттэххэ, олохторун салҕыыллара. Ону таһынан, оҕо төрөөтөҕүнэ туой иһит оҥотторон саҥа киһи дьылҕатын билгэлииллэрэ. Биһиги куруһуокпут үлэлээбитэ сылтан орто. Улахан дьон, оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлар. Бэйэм инники иис, туос оҥоһуктарынан дьарыктана сылдьыбытым. Онтон бу туой оҥоһугу тутуохпуттан «Бу мин дьарыгым эбит» — диэн тута билбитим. Туойдьуттар баҕа санаабыт диэн, хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр туой иһит баар буолара буоллар. Туой иһит экологическай, аһы буортулаабат, туой иһиккэ бэл үүт аһыйбат.
Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дьиэҕэ үөрэхтээһин учуутала, уран тарбахтаах иистэнньэҥ — Наталья Михайловна Тимофеева:
— Мин дьиэлэриттэн үөрэнэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору, ону таһынан, кинилэр ийэлэрин иискэ үөрэтэбин. Эһээлээх, эбээм мас, туос уустара этилэр. Онон, бу дьарыгым өбүгэлэрбиттэн кэлбит диэххэ сөп. Иистэнии киһи доруобуйатыгар туһалаах. Ону таһынан, киһи дьарыктаах буолар уонна үп-харчы эбиниэн сөп. Биһиги 4 сыллааҕыта «Харысхал» фонда гранын кыайаммыт куруһуокпутун үлэлэтэн саҕалаабыппыт. Оҕолор оҥоһуктарын бүтэрдэхтэринэ, ол оҥоһуктарын дьоҥҥо бэлэхтээтэхтэринэ олуһун үөрэллэр, санаалара бөҕөргүүр. Ол онтон биһиги эмиэ үөрэбит.
Араас эгэлгэ өҥүнэн киһи болҕомтотун тардар оҥоһуктардаах, Мария Васильевна Каратаева, Дария Афанасьевна Осипова — Эдьигээн улууһун бэрэстэбиитэллэрэ. Эбэҥки омугун култууратын оҥоһуктарын нөҥүө көрөөччүлэргэ тарҕата, сырдата тураллар:
— Биһиги оҥоһуктарбыт эбэҥки омугун төрүт ньымаларынан айыллаллар. Өҥнөрө барыта суолталаахтар, айылҕа өҥнөрө буолаллар. Бу биһиги сүрүн харысхалбыт Гагара (Куоҕас) атаҕын бэлиэтэ буолар. Тоҕо диэтэр Куоҕас саамай күүстээх көтөрүнэн ааҕыллар, ону таһынан, куоҕас оҕолорун ханнык да түгэҥҥэ бырахпат, дьиэ кэргэн, күүстээх санаа символа буолар.
Анаабыр улууһуттан сылдьар худуоһунньук Аксинья Васильевна Сивцева уруһуйдара.
Мантан да атын, үгүс дьикти оҥоһуктар быыстапкалара үлэлээтилэр уонна ааптарскай айымньыларынан муода көрдөрүүтэ буолла.
«Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка үлэтэ салҕанар. Дьарыктаах буолуҥ, ситиһиилээх буолуҥ.
keskil14.ru