Булуҥ улууһун Бороҕон агро хайысхалаах орто оскуолатын үлэтин-хамнаһын туһунан саайпытыгар бу сайын элбэхтэ сырдатан турабыт. Оскуола агро хайысхалаах буолан, сайыҥҥы бириэмэҕэ оттуулларын таһынан, алын кылаас үөрэнээччилэрэ хортуосканы олордоллор эбит. Бэйэ үүннэрбит аһа туохтааҕар да минньигэс буоларын бары бэркэ диэн билэбит, буолаары буолан тыйыс тымныылаах, силлиэлээх-буурҕалаах хоту дойдуга.
Хоту оннооҕор сайынын, сырылас куйаас кэмигэр, хаардыан да сөп. Аны самолетунан кэлэр хортуоска сыаната киин куораттааҕар хас да бүк төгүл ыарахан буолар. Онтон күһүөрү Арктика улуустарыгар уунан навигация тиийэр. Ол кэлиэн иннинэ, дьэ, бэйэҥ үүннэрбит хортуоскаҥ, оҕуруотуҥ аһа абырыыр буоллаҕа. Онон хортуосканы хоту сиргэ олордуу хас да өттүнэн барыыстаах. Манна киһи сатабыла уонна хортуоска үлүйбэтин туһугар олордуу технологиятын үөрэтэн көрүөххэ наада.
Мин идэбинэн Бороҕон агрооскуола дириэктэрин Жанна Прокопьевна Осипованы кытары кэпсэттим:
— Биһиги оскуолабыт 5-7 кылааһын оҕолоро саас эрдэ хортуоска сиэмэтин араскылаталлар. Хас биирдии кылаас бэйэтэ оҥорбут дьааһыктаах, онно эрдэттэн буор, ноһуом кутан сиэмэни олордорго бэлэмнииллэр. Бэс ыйыгар үөрэнээччилэрбит хортуосканы олордоллор. Сайын устата лааҕыр оҕолоро көрөллөр, уу куталлар, сыыс оту үргүүллэр.
Ыраах хоту дойдуга хортуосканы элбэх гына ыспаккын. Сайын биһиэхэ хаһыҥныыр, хаар да түһүөн сөп. Ол буоллар да оҕолорбут олус кыһаллан-мүһэллэн олордоллор, көрөллөр-истэллэр. Онтон күһүн төһөнү ылбыттарын кэпсээн-ипсээн оҥостон үөрэллэр-көтөллөр. Үүннэрбит хортуоскаларын оҕолор оскуола остолобуойугар туттардылар. Мантан инньэ хортуоскалаах итии миини үөрэ-көтө иһиэхтэрэ.
Оҕолор — маладьыастар! Мээнэҕэ эппэттэр, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.